Наталья Харлампьева үрдүк наҕарааданы тутта

08.09.2022
Бөлөххө киир:

СӨ норуодунай поэта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Харлампьева бу күннэргэ Арассыыйа, аан дойду араас муннуктарыттан элбэх доҕотторуттан үбүлүөйүнэн сылаас тыллардаах эҕэрдэлэри тутар.

Ол курдук,  Казахстантан Аан дойдутааҕы түүр академиятын бэрэсидьиэнэ Дархан Кыдырали эҕэрдэлээтэ.

Үгүс сыллар усталарыгар норуотуҥ тапталынан угуттанан, поэтическай айар үлэҥ Арассыыйа уонна түүр дойдуларыгар барыларыгар киэҥник биллэр. Айымньыларыҥ бырааттыы норуоттар – казах уонна татаар тылларыгар тылбаастаммыттара. Саха уонна түүрдэр литератураларын байытарга, биһиги уопсай култуурунай, сыаната биллибэт баайбытын сайыннарарга киллэрэр кылаатыҥ, бэриниилээх үлэҥ иһин махтанабыт уонна ытыктыыбыт” диэн ис хоһоонноох эҕэрдэтэ кэллэ.

Оттон Азербайджантан Эдэр түүр суруйааччыларын аан дойдутааҕы түмсүүлэриттэн (DGTYB) маннык эҕэрдэ кэллэ:

“Çox hörmətli Natalya xanım!

Sizi əlamətdar yubileyiniz- 70 yaşınız münasibəti ilə Dünya Gənc Türk Yazarlar Birliyi üzvləri adından ürəkdən təbrik edir, həyat və yaradıcılığınızda tükənməz uğurlar diləyirik.

İntiqam Yaşar,

DGTYB başqanı”.

«Күндү Наталья ханым! Эйигин үөрүүлээх үбүлүөйгүтүнэн Аан дойдутааҕы эдэр түүр суруйааччыларын аан дойдутааҕы түмсүүлэрин аатыттан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит, тус олоххутугар уонна айар үлэҕитигэр бүппэт-оспот дьолу-соргуну баҕарабыт».

Наталья Ивановна билигин Дагестаҥҥа сылдьар. Махачкалаҕа Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун көһө сылдьар пленума буола турар. Манна бары эрэгийиэннэртэн биллэр-көстөр суруйааччылар кэлэн мунньахтыыллар, инники үлэлэрин торумнууллар. Наталья Харлампьеваҕа Арассыыйа Суруйааччылар сойууһа үрдүк наҕараадатын — “За заслуги в литературу” бочуоттаах бэлиэтин туттардылар. Бу курдук Наталья Харлампьева өр сыллаах айар үлэтин, норуоттар доҕордоһууларыгар киллэрэр кылаатын үрдүктүк сыаналаатылар.

Махачкалаҕа дыбарыас курдук Поэзия тыйаатыра баар эбит. Ис-тас өттө сүрдээх тупсаҕай, күлүмүрдэс курустаал, кылабачыгас таас, солотуулаах көмүс, оһуордаах кирилиэс оҥоһуулаах. Тыл күүһүн, поэзияны дагестанецтар бу курдук ойуччу туталлар, сүгүрүйэллэр. Көһө сылдьар пленум үлэтэ бу тыйаатырга буола турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0