Оттон Настя манна, үгэһинэн, дьиэни-уоту өрө тардыа, ытын кытары бодьуустаһыа. Киниэхэ бу дьиэҕэ саамай чугас доҕоро ыта эрэ буолаахтаатаҕа. Кини эрэ Настяны таптыыр, кини эрэ Настяттан күнэ тахсар. Дьиэлээхтэр ардыгар күнүүлүүр да курдуктар. Настя эрэ илиититтэн аһыырын, киниэхэ эрэ эккэлиирин иһин. Киһилии сыһыаны ыт да өйдүүр буоллаҕа. Атыттар кинини бас билэр күндү малларын эрэ курдук көрөллөр, кэлбит-барбыт ыалдьыттарыгар өҥнөллөр, уулуссаҕа даҕаны киэргэл эрэ курдук илдьэ сылдьаллар.
Тоҕо диэтэххэ, кини сэдэх боруодалаах, тос курдук сыаналаах, соҕурууттан кэлбит ыт удьуора буоллаҕа. Оттон Настя киниэхэ дьиҥнээх хаһаайката, тугу баҕарбытын барытын сэрэйэр, таһырдьа киллэрэр-таһаарар, сөбүлүүр аһылыгын аһатар. Атыттар курдук ол-бу минньигэһи, аһыыны, мороженайы, кетчуптаах ход-догу эҥин сыҥалаабат, эккэлээри гыннаҕына, таҥаспын киртиттэ диэн ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбэт.
Настя даҕаны ытыттан эрэ дьиҥ истиҥ сыһыан диэни билэр. Бу мааны дьиэҕэ кини алҕас киирэн хаалбыт тастыҥ киһи, дьиэ көрөөччү эрэ курдук. Бииргэ төрөөбүт балта, быраата да оннук сыһыаннаһаллар. Дьиҥэр, кинилэр биир ийэттэн күн сирин көрбүт дьон буоллахтара.
Настя ийэтэ Домна Даниловна чааһынай тэрилтэлээх, киирбит-тахсыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит куорат дьахтара. Куруук маннык баай-талым олохтоох буолбатах этилэр. Кыараҕас уопсай дьиэҕэ олороллоро. Аҕалара диэн киһи итирэн кэллэҕинэ, бары ылы-чып биир муннугу булан, кылахачыһан олороохтууллара. Настя онно балтылаах-быраатын аһынар да буолара. Дьиҥэ, иккиэн атаах оҕолор этилэр. Тугу баҕарбыттарын барытын ылан биэрэллэрэ, маанытык таҥыннараллара. Оттон Настяҕа ким да ымманыйбат этэ. Кинини биэс саастааҕар Оҕо дьиэтиттэн ылбыттара, ол үтүөлэрэ-өҥөлөрө хаһан да умнуллубат, тоҕоостоох түгэҥҥэ куруук ахталлар. Дьиҥэр, Настя Домна Даниловна төрөппүт оҕото буоллаҕа.
Ол гынан баран, кэргэнэ суох сылдьан ыарахан буолбутугар аҕата, бэйэтэ туспа ыйаахтаах оҕонньор, дьиэҕэ киллэрбэппин диэн мас-таас курдук эппитигэр, игирэ оҕолоруттан аккаастанан, төрүүр дьиэҕэ хаалларан тахсыбыта. Онтон, ыал буолан баран, сыры-сыллата субуруччу оҕолонон, үлэлээбэккэ олорбута. Кэргэнэ кыра хамнастааҕар эбии иһэр-аһыыр буолан, тиийиммэт-түгэммэт олох кыһарыйан, үлэтигэр тахсаары кыыһын Оҕо дьиэтиттэн ылбыта. Бүтүн биэстээх-алталаах киһи кыра оҕолору көрүө буоллаҕа дии санаабыта.
Үлэтигэр тахсыбытыгар Настя, чахчы, оҕолорун үчүгэй баҕайытык көрөттөөн, ыйан-кэрдэн хаалларбыт астарын аһаталаан олорбута. Сорудаҕы барытын лоп-бааччы толорор, оттомноох баҕайы этэ. Оҕолор эдьиийдэригэр убаммыттара, тылын истэллэрэ. Ити улаатан эрэ баран, эдьиийдэрин аанньа ахтыбат, «эдьиэй» да диэхтэрин кыбыстар буоллулар. Көнөр киһи көнөр эбит, аҕалара аны итирэн кэлбэт, үлэ-хамнас, булуу-талыы бөҕөтө буола сылдьар. Настя тохсус кылааһынан үөрэнэн бүппүтэ. Кинини ким да уруоккун аах диэбэт этэ, онон ортотук үөрэммитэ. Оччоттон баччаҕа диэри дьиэ үлэтэ кини үрдүнэн буолар. Ыраас, түргэн туттунуулаах буолан, барытын дьып-дьап бүтэрэн-оһорон иһэр.
Бүгүн, балтын дьоллоох күнүгэр, кинини ким да ыҥырбатаҕа. Ыҥырбыттара да буоллар, хата, соһуйуох этэ, мааныга кэтэр таҥаһа да суох. Саҥа таҥаска ымсыырбат даҕаны, ийэтэ, балта хал буолан кэппэт таҥастарыттан биэрэллэр. Онтон да боростуой быһыылаахтарын эрэ талан кэтэр. Муода эҥин диэни билиммэт. Отутуттан таҕыстар даҕаны, кэргэннэнэр туһунан санаан көрбөт. Кини кэргэн тахсан атын сиргэ бардаҕына, бу ыал кинитэ суох хайдах олоруоҕун сатаан санаабат. Астарын ким астыай, дьиэни-уоту ким сууйуой-сотуой?! Манна бэйэтэ, кыра да буоллар, чөп-чөкө, чуумпу хостооҕуттан олус астынар.
Ити курдук күнтэн-күн ааһан иһэр. Ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ аах эмиэ куоракка бааллар. Кини саастыыта кыыстара билигин тыаҕа ньир-бааччы ыал буолан, оҕолонон-урууланан олорор. Манна кыра оҕолорун ыытан көрдөрөр. Ол аайы оҕонньордоох-эмээхсин Настяны ыҥыран көмөлөһүннэрэллэр. Икки дьиэнэн сылдьан, барыларын көрөр-истэр. Кыаммат буоллахтарына, ол кыыстара кыһаллара саарбах.
Дьиктитэ диэн, Настя Оҕо дьиэтигэр баар эрдэҕинэ, кинилэр бэйэлэрэ оҕото суох буоланнар, Лияларын Оҕо дьиэтиттэн ылбыттар. Ханан да саха хаана сыстыбатах нуучча оҕотун. Онтуларын таас куукула курдук симии-симии, кыратыгар бэркэ атаахтатан ииппиттэрэ. Улаатан баран кинилэргэ кыайтарбат буолан хаалбыта. Ол курдук, оскуолатын да бүтэрбэтэҕэ. Онно хампаанньатын буруйдууллар. Хата, тыаҕа баран көннө. Оҕо-уруу, сүөһү-ас түбүгэ сыттаҕа дии.
Ийэлээх-аҕатыгар сыл баһыгар-атаҕар рэкет курдук түһээн хомуйа эрэ кэлэн холоруктанан ааһар. Эбиитин, босхо барбычча дэлби «шоулаан», наллаан кинилэргэ хоммот даҕаны. Дьоно күтүөттэрин кыыспытын көннөрдө диэн махтаныахтарын билиминэ, тыа илэчиискэтэ диэн дэлби үөҕэн, бэйэлэриттэн тэйитэн кэбиспиттэр. «Кыыспытын оҕо оҥорор ыстаныак оҥоһуннуҥ» диэн үөҕэллэр. Атын дьон эбитэ буоллар, соҕотох оҕолоро элбэх ыччаты тэниппититтэн үөрүөх эбиттэр.
Кыаммат буоллахтарына, бу Настялара кинилэри көрөрө-истэрэ буолуо. Кини ордук чугаска дылы. Туора киһи санаатаҕына, бэйэлэрин хааннарын Настяны иитэ ылан, маанылаан улаатыннарбыттара буоллар, быдан ордук буолуох этэ. Настя игирэтин аҥаарын туһунан үһү-тамах иһиттэххэ, онно Оҕо дьиэтигэр өлбүт курдук эбэтэр кимнээх эрэ иитэ ылбыттара дуу? Домна Даниловна ол эрэ туһунан санаабат, кыыс эрдэҕинээҕи алҕаһын, саатын-суутун саныан да баҕарбата буолуо. Бэйэтин оҕолоро (кэргэннэнэн баран оҕоломмут оҕолорун эрэ «бэйэм оҕолорум» диир) үөрэхтэннилэр, билиҥҥи үйэҕэ төлөбүрдээх үөрэх, билсии-көрсүү баара үчүгэй. Хамнастаах үлэ да көстүө. Сыбаайбаҕа барыта тойон-хотун, «куорат сүөгэйдэрэ» кэлиэхтэрэ. Сыр-мыр аймахтары быыс-арыт булан, дьиэҕэ-уокка да аһатыллыа, эрэйдээхтэр онно да үөрүөхтэрэ.
Дьэ, ити курдук, Настя барахсан балтын сыбаайбата этэҥҥэ ааһарыгар бүк эрэнэн, үөрэ-көтө ытын дьаарбата таһырдьа таҕыста. Ыта эмиэ хаһаайкатыгар махтанан, кутуругун эймэҥэлэтэн, тылын таһааран, кэннин хайыһан бэриниилээх баҕайытык көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, инникилээн сүүрдэ. Настя көҥүл-босхо сүүрэкэлиэн баҕарар ытын ыытан кэбиһэрэ сатамматын саныы-саныы, ытын сыабыгар соһуллан дэллэрийэн истэ. Ити иһэн, кини бу Орто дойду олоҕор иккиэн көҥүлэ суохтарын санаан аһарбыта дуу, суоҕа дуу?..