Эр киһи кэрэ аҥарга таптатар туһугар син биир бэйэтин тас көрүҥэр болҕомто ууруохтаах, кыргыттар эр киһиэхэ тугу сөбүлээбэттэрин билиэхтээх.
Сексологтар бэлиэтииллэринэн, кыргыттар-дьахталлар маннык эр дьону көрдөхтөрүнэ, таптаһар баҕалара уостан хаалар эбит:
-сиэри таһынан түүлээх эр киһини;
-үбэ-харчыта суоҕу;
-кэрээннэри;
-көрү-күлүүнү өйдөөбөттөрү;
-табахсыттары;
-тиистэрэ уонна тыҥырахтара сап-саһархай буолбут, табах сытынан аҥылыйа сылдьааччылары;
-урут кими кытары сиэкистээбиттэрин ыһа-тоҕо кэпсии сылдьааччылары (эбиитин олох да буолбатаҕы айан кэпсээччилэри);
-ийэтин санаатыттан тутулуктанааччылары;
-үҥсэргээн тахсааччылары;
-кирдээхтик таҥна-сапта сылдьааччылары;
-тэстибит наскылаахтары;
-сандалия иһинэн наскы кэтэ сылдьааччылары;
-олус кылгас ыстааннаахтары;
-арыгыттан кыайан аккаастаммат дьону; татуировкалаахтары;
-эппит тылларыгар турбаттары;
-сыыбырҕас саҥалаахтары;
-уһун чачаххай баттахтаахтары;
-хамаандалыылларын сөбүлээччилэри;
-куһаҕан сыттаахтары;
-сыалаах баттахтаахтары;
-хоннохторун аннын хорумматахтары;
-тыҥырахтарын ыраастамматахтары.
Көр-күлүү да курдук буоллар, дьиҥэр, ити барыта олоххо баар ээ.
Ону баалаамаҥ дуу…
Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА