Нарын иэйиилээх Кэрэмэс Кийиитэ

13.03.2018
Бөлөххө киир:

Саргылана Спиридонова—Кэрэмэс Кийиитэ Сунтаар улууһун бастакы поэтессата, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

edersaas.ru

«Ньургуһун» айар түмсүү чилиэнэ С.Спиридонова бастакы хоһооно 1971 с. бэчээттэммитэ. Онтон биэс сылынан хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Чэчир-76» диэн эдэр ааптардар кассеталарыгар тахсыбыта.

Ааҕааччылар Саргылаана Спиридонованы «Тырымнас тыллары хатылаа»,  “Аптаах аартык”,  “Уҥа суол”, «Өҥ хочо» кинигэлэринэн билэллэр.

Литэрэтиирэ кириитигэ, филологическай наука доктора Варвара Окорокова: «Бастатан туран, кыргыттар-дьахталлар поэзияларыгар үксүгэр сатамматах таптал, тапталтан хомойуу-хоргутуу, ытабыл уо.д.а. курус иэйии этиллэр буоллаҕына, С.Спиридонова айымньыларыгар дьоллоох саха дьахтарын уобараһа арыллар. Тапталынан угуттанан олорор, үтүөҕэ-кэрэҕэ сүгүрүйэр нарын дууһалаах поэтесса кыраттан да үөрэр, долгуйар, күннээҕинэн дьоллонор уйан айылгылаах. Онон, кини поэзиятыгар дьиҥ чахчы саха дьахтарын национальнай характера көстөр. Иккиһинэн, хоһоонноругар да, кэпсээннэригэр да айар дьоҥҥо сүгүрүйүү мэлдьи баар. Биир дойдулаахтара Аким Кондратьев, Николай Сергеев, Николай Чуор, Альберт Бүлүүйүскэй уо.д.а. курдук айар кукка куустарбыт дьону кытары үөскээн, эҥэрдэһэн бэйиэт буолан үүнэн тахсыбыт дьоллоох киһи», – диэн бэргэнник бэлиэтээбитэ.

Кэрэмэс Кийиитэ билигин элбэх кинигэҕэ эрэдээктэр, хомуйан оҥорооччу быһыытынан үлэлиир. Ааҕааччылар билигин хас сарсыарда аайы кини аҕыйах строкалаах, ол эрэн ис дууһаттан тахсыбыт тырымнас тыллардаах хоһооннорунан уһукталлар. Ол эбэтэр кини хас сарсыарда аайы социальнай ситимнэргэ ыытар сарсыардааҥы эҕэрдэтин, алгыһын тулуйбакка күүтэллэр.

Сарсыардааҥы саһарҕалар

«Тапталы туойа,
Тапталтан иэйэ-куойа,
Толору дьоллонуохха,
Тапталга үҥэ,
Тапталга сүгүрүйэ
Тускубутун тутуохха!!!»

ххх

«Бэлиэ күммүт аатыгар
Бары үөрэ сылдьыаҕыҥ,
Дьахтар гынан айбытыгар
Дьылҕа Хааҥҥа махтаныаҕыҥ».

ххх

«Көннөрү да күҥҥэ
Көнньүөрэ үөрүөххэ,
Күлүктээх да сиргэ
Кэрэни көрдүөххэ!!!»

ххх

«Сандал саас барахсан
Сардаҥатын ыста,
Чысхаантан арахсан
Чаҕылыйа тыкта,
Күлүм күҥҥэ үөрүөх,
Күөх сайыны күүтүөх!»

ххх

«Бииргэ төрөөбүттэргэ
Баар эбит бэлиэтииргэ
Бэлиэ, анал күннэрэ,
Биһириэххэ дуу үөрэ.

Эрэллээхтик тирэнэргэ,
Эркиннээххэр эрэнэргэ
Бииргэ төрөөбүт элбэҕэ —
Бу эбээт дьылҕаҥ бэлэҕэ!»

ххх

«Көймөстүбүт санааны
Көмүөл илдьэ барыахтын,
Уһун кыстаах сылааны
Уута-хаара сайҕыахтын!!!»

ххх

«Буспут килиэп дыргыл сыта
Муннубун кычыгылатар,
Кыстык лыҥкынас тыаһа
Куолакалы санатар —
Түүлбэр киирэр күндү сытым,
Түһээн истэр суохтуур тыаһым.

Күөртээн эбэн биэрэрдии,
Көхтөөх олох ааспыт,
Саҥа буспут килиэптии
Сылаас сүрэхпэр хаалбыт —
Күндү кэмим — оҕо сааһым,
Күҥҥэ тэҥнээх ахтылҕаным!»

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0