“Народнай бестселлер” — саҥа сурунаал

27.12.2019
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Она+” хаһыат уонна “Якутия” медиа-холдинг саҥа бырайыагы саҕалаатылар. Ол чэрчитинэн, “Народный бестселлер” диэн литературнай сыһыарыы бастакы нүөмэрэ күн сирин көрдө.


Ахсынньы 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ бастакы нүөмэр сүрэхтэннэ. Манна “Якутия” медиа-холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Игорь Чикачев, “Она+” хаһыат эрэдээктэрэ Елена Птицына, медиа-холдинг рекламаҕа отделын дириэктэрэ Диана Баишева, суруйааччылар Семен Попов-Сэмэн Тумат уонна Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду кытыннылар.
“Сомоҕолоһуу сыла түмүктэнэр, Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу сыла саҕаланар. Биһиги бу сурунаалбыт ыйга биирдэ, баҕар, хаста даҕаны бэчээттэниэ. Ааптардары булуохпут, ол иһигэр суруйааччы Владимир Федоров айымньыта бэчээттэнэрэ былааннанар. Иккис нүөмэрбит тохсунньуга ааҕааччыларга тиийиэ. Сурунаалбыт сыаната да чэпчэки, ханнык баҕарар үөрэнээччи атыылаһан ааҕар, Саха сирин суруйааччыларын айымньыларын билсэр кыахтанна”, — диэн Игорь Чикачев ааҕааччыларга тириэртэ.


“Народный бестселлер” бастакы нүөмэригэр СӨ норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат “Улуу Кыыл тыына” сэһэнин Сиэн Мунду нууччалыы тылбаастаабыта таҕыста.
“Она+” хаһыат киэбинэн тахсыбыт сурунаал таһын худуоһунньук уонна хаартыскаҕа түһэрээччи Мария Чикачева-Ондар уруһуйдаабыт. Оттон кини уон саастаах уола Кирилл бүтүн сэһэни ааҕан, дууһата тугу этэринэн оҥорбут уруһуйдара эмиэ дьиктилэр.


Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду 2017 сыллаахха Сэмэн Тумат “Улуу кыыл тыына” уонна “Мууска быстарыы” диэн сэһэннэрин тылбаастаан саҕалаабыта. Кини: “Сэмэн Тумат 1980-с сылларга суруйбут сэһэннэригэр айылҕа алдьатыылаах күүһэ, ол күүһү утарсыы уо.д.а. ойууланар. Онон, ааптар сахалыы ураннык суруйбут икки сэһэнэ Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду литературатын (холобур, Эрнест Хемингуэй “Старик и море”) кытта сэргэстэһэ тураллар”, — диэн үрдүк сыанабылы биэрдэ, сурунаал ааҕааччыларданарыгар эрэлин биллэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0