Наркотигы батарыынан дьарыктаммыт тэрээһиннээх бөлөххө бириигэбэр таҕыста

Ааптар: 
12.03.2019
Бөлөххө киир:

Бөрөстүүпүнньүктэр Саха сиригэр эрэ буолбакка, Московскай уобаласка, Бурятияҕа, Ханты-Мансийскай уокурук Югратыгар уонна да атын регионнарга синтетическэй наркотигы атыылааһынынан дьарыктаммыттар.

edersaas.ru

Суут быһаарбытынан, буруйу оҥорор бөлөх («преступное сообщество») 2017 сыл кулун тутар ыйыгар тэриллибит. Манна дойду араас регионнарыттан биэс киһи киирбит. Сыаллара диэн — интэриниэт ситиминэн синтетическэй наркотигы, кистэлэҥ сирдэри («тайники») туһанан, тарҕатыы.

Дьыала силиэстийэлэнэр кэмигэр полицейскайдар наркотигы сокуоннайа суохтук эргитииттэн «спайсы» Дьокуускай куоракка, Улан-Удэҕа, Сургутка уонна Московкай уобаласка булан былдьаабыттар.

Атыылаабыт наркотиктарын төлөбүрүн виртуальнай электроннай счеттарыгар ыла сылдьыбыттар.

Суут уурааҕынан, кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа Б. диэн гражданин 12 сылга, Д. 11 сылга, К. 7 сылга көҥүллэрэ быһыллыбыт.

Тэрээһиннээх бөлөх икки кыттааччыта силиэстийэ иннинэ сөбүлэһии түһэрсэн, кинилэр дьыалалара туспа силиэстийэлэнэр.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0