Намнар бурдук ас дьаарбаҥкатын тэрийдилэр

Ааптар: 
28.02.2020
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар «Хлеб — всему голова» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста.

edersaas.ru

«Мин биисинэһим» тэрилтэ  улуустааҕы киинэ тэрийиитинэн, дьаарбаҥкаҕа бурдук уонна килиэп аһы астыыр аччыгый уонна дьоҕус биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Ол эрээри, төһө да аата этэринии, килиэп уонна бурдук бородууксуйатын оҥорооччулар кыттыахтаахтарын үрдүнэн,  быыстапкаҕа  эт астан оҥоһуллар бородууксуйаны  эмиэ турруордулар.

Ол курдук, урбаанньыт Петр Прокопьев дьаарбаҥкаҕа кэнсиэрбэлэммит эти амсатан күндүлээтэ.

Бастакы тэрээһин диэтэххэ, улуус кииниттэн эрэ буолбакка, чугастааҕы нэһилиэктэртэн килиэп уонна бурдук астары оҥорооччулар эмиэ кыттыыны ыллылар.

Атыылаһааччы элбэҕэ тэрийээччилэр да, урбаанньыттар да санааларын көнньүөртэ, «аны маннык быыстапка-дьаарбаҥканы кэмиттэн кэмигэр ыытан, бу салааны сайыннарыыга ылсыыһыбыт» диэн.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0