«Намгар» культовай сулуһа — Саха сиригэр (видео)

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 8 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар  доҕордоһууларын дьиэтигэр, чахчыта да, дьиҥнээх Доҕордоһуу  күнэ буолла.

edersaas.ru

“Хотугу кустук” (“Северная радуга”)  фольклор аан дойдутааҕы Х үбүлүөйдээх бэстибээлин чэрчитинэн, САССР 100 уонна Арассыыйаҕа Култуура нэһилиэстибэтин сылларынан  Москваттан кэлбит “Намгар” этно-бөлөх кэнсиэрэ буолла.

“Хотугу кустук” бырайыак ааптара, бүгүҥҥү кэнсиэри тэрийбит  Александра Борисова Москваттан кэлбит “Намгар” бөлөҕү билиһиннэрдэ. Бөлөх солистката,  Бурятия үтүөлээх артыыската Намгар Лхасаранова, Евгений Золотарев (чанза үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуур, Намгар кэргэнэ) уонна Тимур Золотарев (гитара). Александра Васильевна Москва артыыстара Саха сиригэр кэлэллэрин тэрийэргэ көмөлөспүт  СӨ Омуктар дьыалаларыгар министиэристибэҕэ, Норуоттар доҕордоһууларын  дьиэтин үлэһиттэригэр, Ньурба куорат дьаһалтатыгар, “Кыталык” киин үлэһиттэригэр уонна буряттар автономияларын салайааччыта Юрий Тулуповка махтанна. Юрий Тулупов саха көрөөччүлэригэр эмиэ улахан махталын тириэртэ.

Оттон Намгар сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн олус элбэх күөлү, өрүһү, сирэм күөх айылҕаны көрөн сөхпүтүн туһунан кэпсээтэ. “Тымныы буолуо диэбиппит аһара итии эбит… Бүгүн эһиэхэ буряттыы, монголлыы ырыалары бэйэбит оҥорбуппутунан толоруохпут”, — диэн кэнсиэри саҕалаата.

“Намгар” бөлөх  культовай этно-сулуһа, истиэп унаархай ырыаларын  world music мусукаалынай истиилинэн дьүөрэлээн ыллыыр Намгар саха көрөөччүлэрин тапталларын ылыан ылла. Кини сүрүннээн бурят омук былыргы ырыаларын чинчийэн, ону саҥардан ыллыыр. Хас биирдии ырыа устуоруйатын билэрэ, ону ис сүрэҕиттэн иэйэн туран көрөөччүгэ тириэрдэрэ сөхтөрдө. Кини көмөлөһөөччүлэрэ аныгы муусуканан ситэрэн-хоторон, бүтүн композиция оҥорон таһаараллар.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар кэнсиэртэригэр Намгар дьүөгэлэрэ, доҕотторо Альбина Дегтярева, Варя Аманатова, Юлияна Кривошапкина-Дьүрүйээнэ, Ырыа Саарын уонна Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар кытыннылар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн,  биһиги ырыаһыттарбыт көрөөччүлэргэ саҥа сонун нүөмэрдэрин, композицияларын билиһиннэрдилэр. Онон, бүгүн эрэ буолбакка, быйылгы элбэх үбүлүөйдэээх тэрээһиннэр ыалдьыттарыгар  сахалыы ырыа уратытын, арааһын иһитиннэрэргэ, көрдөрөргө  сонун буолара күүтүллэр. Дьүрүйээнэ Ырыа Саарынныын уруккуттан биллэр норуот ырыаларын эмиэ олох атыннык толорон, көрөөччүлэрин үөртүлэр. Бу ырыалар Москваҕа уһуллубут килииптэригэр анаан тупсарыллыбыттарын туһунан ырыаһыттар кэпсээтилэр.

ххх

“Намгар” бөлөх бэс ыйын 10-11 күннэригэр Ньурбаҕа  Сергей Васильев аатынан пааркаҕа “Хотугу кустук” аан дойдутааҕы көрүү-бэстибээл 10 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинигэр күндү ыалдьытынан буолуохтара.

Ньурба олохтоохторо бэс ыйын 11 күнүгэр, Ыһыах күн   бэстибээл кыайыылаахтарын гала-кэнсиэртэрин уонна “Намгар” бөлөх  кэнсиэрин көрүөхтэрэ.

«Намгар» бөлөх чаҕылхай кэнсиэрин көрбөккө хаалбыт ДЬокуускай куорат олохтоохторо кинилэри бэс ыйын 12 күнүгэр Хомсомуол болуоссатыгар көрөр кыахтаныахтара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0