Нам улууһугар нэһилиэнньэ 58,72%-на куоластаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

19.30 чаастааҕы туругунан, барыллаан түмүгүнэн, Нам улууһугар 15 772 быыбардааччы баарыттан 9262 киһи куоластаата. Ол аата 58,72% киһи быыбардаата. 

Нам улууһугар бүгүн Ил Дарханы, Ил Түмэн дьокутааттарын уонна улуус дьокутааттарын, улуус баһылыгын таллылар. Маны таһынан, Түбэ, Хатырык, Фрунзе нэһилиэктэрэ баһылыктарын уонна Никольскай сэлиэнньэтигэр дьокутааттарын таллылар. Түбэ нэһилиэгэр 83,71%, Хатырыкка 73,05%, Фрунзеҕа 82,69% киһи куоластаата.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0