Нам тарбахтарыгар талааннаахтара маастар-кылаастары биэрдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр Эҥсиэли маанылаах хочотугар – Намҥа ыытыллыаҕа. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ намнар бэлэмнэммиттэрэ быданнаабыт. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн итиэннэ Олоҥхо ыһыаҕынан сибээстээн ыытыллыбыт десаҥҥа суруналыыстары Прокопий Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан олоҥхо дьиэтигэр маастар-кылаастарга сырытыннардылар.

edersaas.ru


Бу күн Мария Аманатова сөрүөҕэ, Тамара, Валентин Васильевтар, Татьяна Карамзина туоска, Руслан Захаров, Лариса Табакалова, Вера Тимофеева муоска, Ньургустаан Уваров тимиринэн уһаныыга, маастар-кылаастары ыыттылар, быыстапкаларын туруордулар.

Маллаах иһит

Мин киирээти, хараҕым, омуннаатахха биэс уон лиитэрэлээх маллаах иһиккэ быраҕыллар. Бу —  Тамара, Валентин Васильевтар талааннаах тарбахтарынан айбыт улахан маллаах иһиттэрэ. Иһиккэ бырааттарын, Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээх, үгүс кинигэлэр ааптардара, талааннаах худуоһунньук Иннокентий Пестряков олоҥхоҕо анаммыт үгүс үлэлэриттэн “Ньургун Боотуру” талан ойууга түһэрбиттэр. “Иһити икки ый курдук тиктибит. Барыта былыргылыы тигии. Дьон сүрүннээн ыаҕайаны сакаастыыр. Сир аһа буорту буолбат, ууламмат. Табыгастаах буоларын курдук туоһунан тутаахтыыбыт. Манна убаҕас аһы да кутуохха сөп. Тэстибэт. Оттон бу сүктэр кыыс хоппотун Мандар Уус кинигэтиттэн оҥордубут. Саамай үлэтэ – ситии хатыыта. Онон иккиэн көмөлөөн кыайа-хото тутабыт. Туоһу айылҕаттан көрдөһөн, сиэри-туому барытын тутуһан хастыыбыт”, — диэн Валентин Титович кэпсиир.

 

Туой иһиттэр

Күөсчүт, педагог Руслан Захаров туой иһити оҥорууга ылсыбыта уонтан тахса сыл буолбут. Маннык иһити оҥоруу көрдөххө судургу курдук эрээри, хатарыыта, уокка сырайыыта, чочуйуута, кырааскалааһына үгүс бириэмэни эрэйэр. Былыргылар оҥоһуллубут иһити сиргэ дьаама хаһан, уоту онно хаайан туран 900-1000 кыраадыска уматаллара эбитэ үһү. Оччоҕо бу курдук лыҥкынас тыастаах иһит буһан тахсар диэт, Руслан Афанасьевич кырааскаламмыт иһити таарыйан көрдөрөр. “Мин билигин былыргылар тимири уһаарар оһохторугар тургутан көрө сылдьабын. Туой тыһылаах, атыырдаах буолар. Тыһыта үрдүк  хаачыстыбалаах, онон иһит-хомуос оҥорорго барсар. Атыыра сыбахха эҥин туттуллар”, — диэн быһаарар. Кини оскуолаҕа үөрэтэрин таһынан, улахан дьоҥҥо маастар-кылаастары ыытар эбит.  Үгүс сыл муспут уопутун эдэрдэргэ иҥэрэр.

Маҕаһыын иһититтэн уратыта суох!

Намнааҕы педагогическай кэллиэс декоративнай-прикладной искусствоҕа преподавателэ Лариса Табакалова тустаах училищены бүтэрбит. Манна үөрэнэ сылдьан сыл курдук Саха сирин бастакы биллиилээх скульптор Евгения Николаевна Винокурова салалтатынан дьарыктаммыт. Салгыы Новосибирскайга баран үөрэммит. 2000 сылтан үөрэммит училищетыгар төннөн кэлэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.

Туойбун Намсыырдыыр суолтан ылабын. Онно хаһыллыбыт бэлэм карьер баар. Үрдэ силистээх, кумахтаах. Онтон 30-50 см дьапталҕаланан сытар туойу туох даҕаны үстүрүмүөнү туһаммакка, илиибинэн хостоон ылабын, — диэн үллэстэр.

Мин көрдөхпүнэ, маҕаһыыҥҥа турар туой иһиттэртэн букатын туох даҕаны уратыта суох. Сорохторо өссө ордук тупсаҕай, кырасыабай көстүүлээхтэр. Аһыыр иһити анал кыраасканан (глазурь) бүрүйүллэр эбит. Көннөрү кырааскаламмыт иһит аска туттуллубат үһү.

Ити курдук, бииртэн биир ураты маастар-кылааһы кэрийэ көрөн, маастардары кытта аҕыйах тылынан бырахсан ыйыталаһан ааһаары үгүһү биллим. Олохтоохтор анаан-минээн үөрэнэ кэлэллэр эбит. Итиэннэ маастар-кылаас бүтүүтэ дьиэлэригэр бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан оҥорбут малларын тутан үөрэ-көтө бараллар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0