Бэҕэһээ Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр арыгы бородууксуйатын атыылыыры бобор туһунан мунньах буолла. Дьиҥэр, бобуу диэн буолбатах. Быйыл Нам депутаттарын сэбиэтэ сэлиэнньэҕэ арыгы атыыланарын бобулларын туһунан быһаарыныы ылынан, анал суругу Ил Түмэн тустаах кэмитиэттэригэр киллэрбитэ. Ол иһин, Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников, Ил Түмэн предпринимательствоҕа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Федоров уонна Ил Түмэн депутата Николай Румянцев олохтоохтор санааларын истэ тахса сырыттылар.
Нам сэлиэнньэтин культурнай киинин саалатыгар олохтоохтор ыы-быччары мустубуттара буолуо дии санаабыппыт, иһэ үллүбүтэ 50-ча киһи кэлбит. Маны олохтоохтор өссө син кэлэ сатаабыттар дииллэр. Санатар буоллахха, Нам сэлиэнньэтин нэһилиэнньэтин ахсаана 12 тыһ. кэриҥэ, мантан быыбардааччыта 6760 киһи.
Ыам ыйыгар арыгы атыытын боборго публичнай истиигэ 34 киһи кэлэн кыттыбыт. Ол иһин, нэһилиэнньэттэн 1907 киһи санаатын истэр тэрээһини ыыппыттарыттан 47-тэ утарбыт. Ол аата 1860 киһи сөбүлэспит. Маны докумуоҥҥа тиһэн, Ил Түмэн тустаах кэмитиэттэригэр ыыппыттар.
Мунньахха кэлбит дьон санааларын ирэ-хоро эттилэр. Утарыы да, сөбүлэһии да баар.
Вера Потапова, Нам сэлиэнньэтин депутата:
– Быйыл кулун тутарга сессияҕа 15 депутаттан биир эрэ киһи сылдьыбатаҕа. Нам сэлиэнньэтигэр арыгы атыытын бобуу боппуруоһа көрүллүбүтэ. Куоластааһын түмүгүнэн 13 депутат боборго сөбүлэспитэ. Онон бу сэлиэнньэ өттүттэн быһаарыллан турар боппуруос. 6700 быыбардааччылаах нэһилиэнньэттэн 1800 киһи сөбүлэҥин биэрбитэ суолтата улахан буолбатах дуо?
Клавдия Сивцева, Нам улууһун уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ:
– Арыгы киһи аймахха төһөлөөх алдьархайы аҕалбыта буолуой?! Ону ааҕан ситиэхпит суоҕа. Онон сөптөөх быһаарыныы ылыллыа диэн эрэбин.
Любовь Маркова, Нам улууһугар чөл олохтоох буолуу уопсастыба бэрэссэдээтэлэ:
— Эһиги үксүгүт арыгы алдьархайыттан күн күбэй ийэлэр, кырачаан оҕолор төһөлөөх эрэйи көрбүттэрин билбэккит. Аны туран, аһыы утаҕы иһэр ийэлэртэн сылтаан төһө элбэх оҕо суорума суолламмытын эмиэ билэ сатаабаккыт. «Күөх моҕой» алдьархайа улахан. Чечня курдук сиргэ предпринимателлэр арыгы оҥоруутуттан аккаастаммыттара элбэҕи туоһулуур. Онон сэлиэнньэ олохтоохторун туһугар сөптөөх быһаарыныы ылыныахтара диэн бүк эрэнэбин. Бу көрсүһүүнү эмискэ оҥордулар. Чурапчыга форумҥа бу бараары аҕай сылдьан, алҕас истэммит, мунньахха сылдьан, санаабын сайа эттим.
Валерий Тимофеев, индивидуальнай предприниматель эрээри, арыгы атыытынан дьарыктаммат:
– Өскөтүн, арыгы атыытын боптохпутуна, өссө улахан алдьархайы таһаарыахпыт. Түүннэри сүүрэр таксистар мөлтөх хаачыстыбалаах арыгыны Дьокуускайтан аҕалан атыылыахтара. Арыгы атыыта бобуллубутун да иһин, иһэр дьон син биир иһиэхтэрэ. Онон сэлиэнньэҕэ арыгы атыыта бобулларын утарабын.
Марианна Протопопова, аһыы утаҕы атыылыыр маркет атыылааччыта:
— Маркет арыгыны сокуон бары ирдэбилин тутуһан атыылыыр. Атыылааччынан үлэлээбитим ыраатта. Кэлиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэ арыгыны иһиитэ лаппа аҕыйаата, урукку курдук буолбатах. Арыгы атыыта бобуллар түгэнигэр атын хартыыны үөскүөҕэ. Холобур, атыылаһа кэлбит дьоҥҥо арыгы атыыта бобуллар үһү диэбиппиттигэр, «Эмиэ одеколон уонна быраага көөннөрөн иһэбит дуо», – диэн сөбүлээбэтэхтэрин биллэрбиттэрэ.
Иннокентий Иванов, «Эҥсиэли» хаһыат кэриспэндьиэнэ:
— Арыгы атыыта бобулуннаҕына, атын иэдээн тахсыан сөп. Дьиҥэр, үйэм тухары арыгы иһиитин утары охсуспут киһибин. Мин санаабар, дьоҥҥо өйдөтүү үлэтэ күүскэ барыан наада. Урукку өттүгэр арыгынан үлүһүйэр дьону кытта атах-тэпсэн олорон кэпсэтэн-ипсэтэн, син иннилэрин ылан, көнөр суолларыгар киллэртиирбит.
* * *
Тустаах кэмитиэт дьокутааттара дьон санаатын истибиттэрин уонна бу боппуруос ахсынньы 20 күнүгэр буолуохтаах Ил Түмэн 26-с пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирэн, Нам сэлиэнньэтигэр арыгы атыыта бобулларын-бобуллубатын 70 дьокутаат быһаарыа диэтилэр.
Санатар буоллахха, Саха сирин историятыгар хаһан да буолбатах түгэн буолаары турар. Ол курдук, улуус киинигэр аһыы утах бородууксуйата атыытын хааччахтааһыҥҥа турунуу аан маҥнайгынан таҕыста. Бу боппуруос дьылҕата хайдах-туох быһаарылларын хоту улуустар кыраҕатык кэтээн олороллоро иһиллэр.
Сорох дьон арыгы атыытын сөптөөхтүк быһаарарга референдум биллэрэн, быыбар систиэмэтин туһаннахха, барыта ырылыччы көстүө дииллэр.
Манна даҕатан эттэххэ
Бүгүҥҥү күҥҥэ Нам улууһуттан 8 муниципальнай тэриллиигэ (Хамаҕатта, Бөтүҥ, Партизан, II Хомустаах, Хатырык, Искра, Хатыҥ Арыы, Арбын) арыгы бородууксуйата атыыламмат.