Бу күннэргэ Нам улууһун хаһаайкалара номнуо бэйэлэрэ үүннэрбит оҕурсуларын хомуйан чугас дьоннорун күндүлээтилэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата @namsadm_official суруйар.
Сатабыллаах хаһаайкалар оҕуруот аһын суордуттан көрөн, ким хайа иннинэ эрдэ үүннэрэллэр. Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Софья Петровна Степанова дьиэтин түннүгэр олордубут бастакы оҕурсуларын муус устар 8 күнүгэр хомуйан дьонун күндүлээтэ. Маны таһынан, үүннэрбит дьэдьэннэрэ номнуо астанан тураллар.
@namsadm_official
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1