Билиҥҥи уустук бириэмэҕэ бэйэ-бэйэҕэ ким туох баарынан, кыаҕынан көмөлөһөн, өйөнсөн олоруу – саамай сөптөөх суол. Ол сиэринэн Н.С. Охлопков аатынан Намнааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ кыһыҥҥы каникулу баттаһа араас ас-үөл наборун хомуйан, дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделыгар аҕалан туттардылар.
⠀
Хомуллубут бородуукта наборун сэтинньи 1 күнүгэр отдел начаалынньыга Екатерина Евстафьева уонна ыччат исписэлииһэ Марат Петров Нам сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыалларыгар тарҕаттылар.
⠀
Бородуукта туппут ыаллар улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэригэр махталларын тиэртилэр. Маннык үтүө дьыала тэриллэрэ хайҕаллаах суол. Инникитин өссө даҕаны салҕанан баран иһиэ диэн эрэнэбит.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Хаартыска namsadm_official
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1