Муус устар 10 күнүгэр Нам оройуонун киин балыыһатын поликлиникатыгар Дьокуускайтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа быраастара — сүһүөх бырааһа Людмила Викторовна Леонтьева, эндокринолог Валентина Васильевна Кычкина, гастроэнтеролог Марианна Владимировна Степанова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын бырааһа Аксинья Михайловна Евсеева, тирии венерологическэй диспансерын быраастара Надежда Николаевна Павлова, Альбина Дмитриевна Николаева, дерматовенеролог-ординатордар Наталья Артуровна Пак, Дария Сергеевна Иванова уонна лаборант-биэлсэр Христина Николаевна Кычкина, ону сэргэ олохтоох дерматолог Варвара Николаевна Попова кыттыыны ыллылар. Нам оройуоннааҕы балыыһатын ыарыыттан сэрэтэр кэбиниэтэ уонна сүрэх бырааһа үлэлэстэ.
Дьокуускайтан сылдьар волонтер миэдиктэр уонна Нам 2-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ тэрээһиҥҥэ көмөлөстүлэр. Үөрэнээччилэр доруобуйа күнүгэр сүрдээх эпиэтинэстээхтик сыһыаннаһан балыыһа үлэһиттэригэр күүс-көмө буоллулар: бахила, мааска түҥэттилэр, анкета толоттордулар, көрдөрө кэлээччилэри арыаллаатылар, дьонтон мээрэй ыллылар. Волонтер миэдиктэр оскуола оҕолорун кытта көрсүһэн чөл олох туһунан лиэксийэ аахтылар.
Дерматовенеролог Альбина Дмитриевна Николаева, ординатор быраастар Наталья Артуровна Пак, Дария Сергеевна Иванова Нам 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар, Нам улуустааҕы гимназиятыгар уонна Намнааҕы профлицейгэ сылдьан үөрэнээччилэргэ лиэксийэлэри аахтылар. Лиэксийэлэр билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох тиэмэлэри таарыйдылар: ууһатар, ууһуур уорганнарынан бэриллэр ыарыылары уонна тирии сыстыганнаах ыарыыларын сэрэтии, уол уонна кыыс тус гигиенатын тутуһуу. Тэрээһини сырдатыы Инстаграм ситимигэр @crb_nam аадырыска быһа эпииринэн барда.
Аһаҕас аан күнүгэр быраастарга уопсайа 200-чэ киһи кэлэн доруобуйатын көрдөрдө.
Доруобуйа күнүгэр анаммыт аһаҕас аан күнэ нэһилиэнньэҕэ суолталааҕа, быһаччы наадалааҕа көһүннэ, онон маннык тэрээһин тиһигин быспакка ыытыллара быһаарылынна.