Москваҕа Россия бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын XXVIII сийиэһигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн 17 киһилээх дэлэгээссийэ баран кэллэ. Ол эрээри, сорохторо билигин даҕаны айаҥҥа сылдьаллар. Олунньу 23 күнүн сарсыардатыгар Москваттан кэлбит сөмөлүөт Дьокуускайы үстэ эргийэн баран, туманыттан саллан, Чульмаҥҥа тиийэн түспүт. Сөмөлүөт иһигэр хаайтаран олорор дьон ортотугар биһиги бааһынайдарбыт эмиэ бааллар.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
— Манна үһүөбүт, — диэтэ төлөпүөнүнэн кэпсэтиигэ Саха сиринээҕи ассоциация сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валерий Ефремов. – Сийиэс кэнниттэн хаалан, Москва анныгар сылдьан буойуналары уонна астыыр-үөллүүр сыахтары көрдүбүт.
— Валерий Николаевич, дьэ, сийиэскит хайдах ааста? Кылгастык билиһиннэр эрэ.
— Сийиэс аһыллыытыгар дойдубут баһылыга Владимир Путин эҕэрдэтин ааҕан иһитиннэрдилэр. АККОР (ассоциация нууччалыы кылгатыллыбыт аата) салалтатынан бааһынай хамсааһына аграрнай бэлиитикэни олоххо киллэриигэ сүдү оруолу ыларын бэлиэтээбит. Сийиэс пленарнай мунньаҕар РФ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Ткачев бэйэтинэн сылдьан, тылын-өһүн тиэртэ. “АККОР министиэристибэлиин ыкса үлэлэһэр буолан, бааһынайдар тирээн турар кыһалҕалара кэбэҕэстик быһаарыллар. Биһиги иннибитигэр ааспыт сыллааҕы үрдүк ситиһиини чиҥэтии уонна судаарыстыба өйөбүлүн көдьүүстээхтик туһаныы соруга турар”, — диэтэ миниистир.
Александр Ткачев бэлиэтииринэн, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга фермердэр кылааттара улахан: кэлиҥҥи сылларга кинилэр көрдөрүүлэрин улаатыннаран иһэллэр, ол курдук, ааспыт сыл түмүгэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын бүттүүн кээмэйэ 22% үрдээбит буоллаҕына, бааһынайдар ирээттэригэр 12 бырыһыана тиксэр. Бааһынай хаһаайыстыбаларга биир ынахтан үүтү ыаһын кэлиҥҥи 15 сылга 60% эбиллэн, 2016 сылга 3,5 тыһ. лиитирэ үүт ыаммыт. Ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ үүтү оҥорон таһаарыыны 2% эппит буоллахтарына, бааһынай хаһаайыстыбалар көрдөрүүлэрэ — 6%.
— Саҥа миниистир судаарыстыба өйөбүлүгэр туох сонуну киллэрэн эрэбин диирий?
— “Министиэристибэ регионнарга сүбэ мунньахтары уонна кэллиэгийэлэри тэрийэр практикатын салҕаан, фермердэр кыһалҕаларын миэстэтигэр быһаарсар буолуохпут, судаарыстыба өйөбүлүн саҥа механизмнарын олоххо киллэриигэ болҕомтобутун ууруохпут”, — диэтэ. Сааскы ыһыы, күһүҥҥү хомуур үлэлэрин тэрийиигэ кылгас болдьохтоох кирэдьиити биэрии кээмэйэ 70% улаатан, 22 млрд солкуобайтан тахсыбытын үтүө өттүгэр хамсааһын быһыытынан холобурдаата. Чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии бастакы нэдиэлэтэ бааннар түргэнник быһаарыы ылынар буолбуттарын көрдөрбүтүн ыйда уонна АПК регионнардааҕы салайар уорганнара чэпчэтиилээх кирэдьиит бүттүүн кээмэйиттэн 20-тэн кырата суох бырыһыана фермердэргэ тиксэриллиэхтээҕин хонтуруоллуулларыгар дьаһал биэрдэ. Кылгас болдьоххо бэриллэр чэпчэтиилээх кирэдьиит кээмэйэ эбиллэн, 15 млрд солкуобайга тиийбитин, регионнар көрүллүбүт лимиити хайа хайысхаҕа ордук-хото туһаналларын бэйэлэрэ быһааралларыгар кыах бэриллибитин итиэннэ фермердэри граннарынан өйөөһүн үбэ “биир кэлим субсидия” иһигэр ураты тутуллар хайысха буоларын бэлиэтээтэ.
— Кэпэрээссийэҕэ сыһыаннаах туох санааны эттэ?
— Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин сайыннарыы сүрүн тосхолбут диэтэ. Маныаха министиэристибэ регионнардыын, АККОР-дуун кэпэрээссийэ туһатын туһунан бааһынайдар, тыа сирин дьонун ортотугар өйдөтөр үлэни киэҥник хабан ыытыахтаахтарын ыйда. Ааспыт сылга 56 региоҥҥа 270 саҥа кэпэрэтиип тэриллибит буоллаҕына, быйыл 600 саҥа кэпэрэтииби тэрийэр улахан сорук турар. Росагролизинг кэлиҥҥи 15 сыл устатыгар дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбаларга 52 тыһ. тиэхиньикэни, 368 тыһ. төбө племенной сүөһүнү лизиҥҥэ биэрбит, 776 тыһ. сүөһү турар миэстэтин тэрилинэн хааччыйбыт. Миниистир тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин саҥардыы үлэтин тэтимирдэр инниттэн Росагролизинг АККОР-дуун чопчу фермердэр төһө саҥа тиэхиньикэҕэ наадыйалларын ааҕалларыгар сорудах биэрдэ.
Быйылгы сийиэстэн Саха сирин фермердэрэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэллилэр (кэлэн иһэллэр: наҕараадаламмыт дьонтон иккитэ күнүс 3 чаас 30 мүнүүтэҕэ кэлэн түстүлэр. – В.Н.). Мэҥэ Хаҥаластан “Светлана” бааһынай хаһаайыстыбалаах Светлана Захарова Терентий Мальцев аатынан бириэмийэ лауреата буолбут, Нам улууһун Түбэ нэһилиэгиттэн “Кулаада” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Радик Лукин “Россия үтүөлээх фермерэ” үрдүк ааты ылбыт, оттон Саха сиринээҕи АККОР сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валерий Ефремов РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйдөбүнньүк чаһытын туппут. Түгэнинэн туһанан, наҕараадаламмыттары истиҥник эҕэрдэлиибит!
Радик Лукин диэн кимий? Нам улууһун биир бастыҥ, бөдөҥ фермерэ, хаһаайыстыбатыгар 60-ча сылгылаах, 200-чэ ынах сүөһүлээх, 100-тэн тахса ыанар ынахтаах, ол иһигэр били Модукка айдааннаах “Тунал” хаһаайыстыба эстибитигэр атыыласпыт Австрия 30 ынаҕа баар. Ааспыт сайын дойдутугар курааннаан, Радик күһүөрү Чурапчы Арыылааҕын алаастарыгар тиийэн, кылгас кэм иһигэр эбии 300 туонна оту оттоон кэлбитэ.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Радик Лукин кэлиҥҥи эрээккэ уҥаттан иккис олорор.