Нам улууһа сылтан-сыл ахсын сайдыы суолун тутуһар. Үгүс баараҕай тутуулар ыытыллаллар, саҥа дьиэлэр дьэндэйэллэр, ыччат олохсуйара да элбээн, нэһилиэнньэбит ахсаана улаатан иһэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ үгүс нэһилиэк айылҕа гааһынан туһанара киһини үөрдэр.
Быйыл Максим Аммосов төрөөбүтэ 120 сылын көрсө үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытыллаары тураллар.
Манан сибээстээн, улуус баһылыга Александр Атласовы кытта көрсөн ирэ-хоро сэһэргэстим.
– Александр Павлович, үтүө күнүнэн! Быйыл судаарыстыбаннай деятель М.К. Аммосов төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри олоробут. Бу бэлиэ сылга туох бэлэмнэнии үлэтэ бара турарый? Ханнык тэрээһиннэр ыытыллыахтарай? Бу туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ.
Аммосов болуоссатыгар 15 мөлүйүөн көрүлүннэ
– Үтүө күнүнэн! Быйыл ураты, бэлиэ сыл үүннэ. Былырыыҥҥыттан СӨ бырабыыталыстыбатын кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, тэрийэр кэмитиэт тэрийбиппит. Бэрэссэдээтэлинэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин үлэлээн эрэр. Өссө сүрүн көмөлөһөөччүнэн Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков, ону тэҥэ, миниистирдэр киирдилэр. Бу үбүлүөйдээх сылга тэрээһин былааннара номнуо бигэргэннилэр. Онон күргүөмнээх үлэ саҕаланна. Аны кыһын Максим Аммосов оруобуна төрөөбүт күнүгэр, ахсынньы 22 күнүгэр Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатырыгар улахан сүбэ-мунньах ыытыллыаҕа. Намҥа улууспут киинигэр Аммосов болуоссатын саҥардан эрэбит. Болуоссаппыт бетоннаныаҕа, тротуардар оҥоһуллуохтара. Манна, уопсайа, 15 мөлүйүөн үп көрүлүннэ. Үбүлүөйдээх сылынан Аммосов өйдөбүнньүгүн бэс ыйын 12 күнүгэр туруорарга былаанныыбыт. Ону сэргэ Намҥа Аммосов уулуссата толору асфалланыахтаах. Бу өрөмүөн үлэтигэр 13 мөлүйүөн харчы көрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 7 мөлүйүөн уонна бэйэбититтэн, «Ленскэй нэһилиэк» дьаһалтатыттан 4 мөлүйүөн көмө оҥоһулунна. Бүгүҥҥү күҥҥэ Хатырык оскуолатын өрөмүөнүгэр үп-харчы көрө сылдьабыт уонна олохтоох кулууп тутуутун былаанын оҥортордубут. Онон эһиилгиттэн тутуу үлэтэ ыытыллыа диэн эрэнэбит. Дьэ ити курдук, Аммосов үбүлүөйдээх сылынан араас тэрээһиннэр, оскуолаларга кылаас чаастара о.д.а. ыытыллыахтара.
Максим Аммосов ыһыаҕа буолуоҕа
— Өссө биир сонуммут диэн, быйыл М.К. Аммосов 120 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анаан «Кэрэҕин даҕаны, Нам сирэ!» диэн ааттаах литература уонна суруналыыстыка куонкуруһун тэрийэн ыытабыт. Куонкурус балаһыанньата номнуо таҕыста. Онон баҕалаах дьон хоһоону, кэпсээни, араас хабааннаах ыстатыйалары суруйууга куонкуруска кыттыаххытын сөп. Үбүлүөйдээх ыһыах сайын бэс ыйын 21 күнүгэр ыытыллара былааннанар.
Намҥа 74 эбийиэк тутулунна!
– Тупсарыы сылын хайдах түмүктээтигит? Нам улууһугар туох саҥа тутуулар киирдилэр?
– Барыта былаан быһыытынан этэҥҥэ түмүктэннэ. Былырыын Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар аҕыс нэһилиэкпит: Салбаҥ, Хамаҕатта, Таастаах, Партизан, Никольскай, Бөтүҥ, Хатырык, Түбэ Граҥҥа тиксэн, үлэ бөҕө ыытылла турар. Уопсайа, улуус үрдүнэн 74 эбийиэк тутулунна. Ол курдук, сэттэ спортсаала, Никольскайга култуурунай комплекс, I Хомустаахха, Түбэҕэ, Арбыҥҥа, Искраҕа, Көбөкөҥҥө спортсаалалар киирдилэр. Өссө Намҥа, I Хомустаахха, Граф Биэрэгэр оҕо саадтара тутулуннулар. Нам 1 №-дээх оскуолатыгар саҥа мастарыскыай үлэҕэ киирдэ. Кыһыл Дэриэбинэттэн Маймаҕаҕа диэри суолу оҥорууга үп-харчы көрүллэн, өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах. Салгыы билигин Салбаҥ суолугар үлэлэһэбит.
Дьокуускайга Илья Винокуров өйдөбүнньүк туруоҕа
Былырыын бэс ыйын 12 күнүгэр Нам киинигэр И.Е. Винокуров өйдөбүнньүгүн туруорбуппут. Аны билигин Дьокуускайга турар миэстэтин быһаардыбыт. өйдөбүнньүгү сакаастаатыбыт, эһиил барыта толору ситиэхтээх.
Ыччат дьиэ туттарыгар сири Хамаҕаттаҕа биэриэхпит
– Быйыл Ыччат уонна Экология сыла үүннэ. Бу сылга туох былааннааххытый? Эдэр ыалларга, ыччакка туох көмө бырагыраамалар баар буолуохтарай?
– Быйыл улуус үрдүнэн, уопсайа, ыччакка 44 дьиэ тутуллан киириэхтээх. Ол эбэтэр, көмө-субсидия көрүллэр. Бу туһунан кэпсэтии барда. Ол гынан баран, элбэх оҕолоох ыаллар сир уһаайбатын ылыыларыгар кыһалҕа, кыра мэһэй син биир баар. Билиҥҥитэ 400 элбэх оҕолоох ыал сир уһаайбатын ылыыга уочаракка турар. Хомойуох иһин, Намҥа сир ылыыта туспа күчүмэҕэйдэрдээх. Ол иһин сир биэриини аттынааҕы нэһилиэккэ, Хамаҕаттаҕа толкуйдуубут.
– Оттон ыччат дьарыктаах, үлэлээх буолуута хайдаҕый? Үлэтэ суох ыччат элбэх дуо?
– Ханна баҕарар буоларын курдук, Намҥа да маннык кыһалҕа баар. Билигин Үлэ биржатыгар, уопсайа, 600 киһи учуокка турар. Төһө кыалларынан тустаах дьоҥҥо көмөлөһө сатыыбыт, болҕомто уурабыт.
«Нам» түмсүүнү сөргүттүбүт
– Дьокуускайга быйыл тохсунньу ыйга «Нам» түмсүү саҥа бэрэссэдээтэлин таллыбыт. Ол курдук, бары убаастыыр, ытыктыыр киһибит, урукку сылларга Опера уонна балет тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээн кэлбит Гаврил Местников ананна. Эн бэйэҥ түмсүү диэни хайдах көрөҕүнүй? Түмсүү сүрүн үлэтэ туох буолуохтааҕый? Быйылгыттан хайдах үлэлиир былааннааххытый?
– Быйылгыттан «Нам» түмсүү саҥалыы сөргүтүлүннэ. Түмсүү сэттэ киһиттэн турар бырабылыанньалаах. Билигин аны уопсастыбаннай сэбиэт тэрийиитин боппуруоһа баар. Маны бэрэссэдээтэл Гаврил Гаврильевич бэйэтэ быһаара сылдьар. Мин санаабар, Дьокуускайга ханнык баҕарар улууска түмсүү диэн наада. Чуолаан, куоракка олорор дьон түмсэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэр, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, дойдуларын туһугар туруулаһаллар. Онон «Нам» түмсүү саҥалыы тыыннанан, саҥа салайааччыланан, инникитин айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык үлэлиэ диэн эрэлбит улахан. Мантан саас М.К. Аммосов үбүлүөйдээх сылынан, Дьокуускайга муус устар ыйга Нам улууһун землячествота хайаан да ыытыллыа. Онон биир дойдулаахтарбыт актыыбынайдык кыттыахтара диэн эрэнэбит.
Улуус уруккутун үөрэтэбит
– Бу күннэргэ Намҥа «Исторические личности Якутии: Мымах и его потомки» диэн ааттаах саҥа кинигэ таҕыста. Саҥа кинигэ туһунан сырдат эрэ.
– Былырыыҥҥыттан саҕалаан биһиги бэйэбит үп-харчы булан, анал бырагыраама оҥорон, уопсайа, 11 кинигэ таһаардыбыт. Улууспут историятын үчүгэйдик билиэхтээхпит, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар ол туһунан кэпсиэхтээхпит, тарҕатыахтаахпыт. Холобур, былырыын «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Нам улууһун номохторо, үһүйээннэрэ» диэн ааттаах кинигэ күн сирин көрбүтэ. Манна улуус үһүйээннэрэ түмүллэн киирдилэр. Урукку кэмнэргэ Сэһэн Боло, А.С. Попов-Муотаан суруйан хаалларбыттарын Е.И. Колмогоров-Быдый, И.П. Ушницкай үһүйээннэрэ, номохторо ситэрэн биэрдилэр. Оттон бу «Исторические личности Якутии: Мымах и его потомки» диэн кинигэ Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сылын көрсө таҕыста. Бу кинигэ саха дьонугар Мыымах историятын толору кэпсиир. Кинигэ ис хоһоонугар, матырыйааллары хомуйууга, сүрүннээн, улуус мусуойун дириэктэрэ Александр Копырин, Чаҕылҕан аатынан литературнай музей сэбиэдиссэйэ Иннокентий Кривошапкин, биирдиилээн учуонайдар үлэлэстилэр. Өссө ааспыт сылга суруйааччы Николай Рыкунов сырдык кэриэһигэр анаан саҥа кинигэ таһаарбыппыт. Саҥа кинигэ күн сирин көрүүтэ – сыралаах үлэ түмүгэ. Онон улуус дьаһалтатын аатыттан күүс-көмө буолар дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
– Александр Павлович, истиҥ кэпсэтиигэр махтанабын. Түмүккэ, өссө туох этэрдээххин?
– Быйыл Ыччат уонна Экология сыла. Онон сүрүн үлэбит барыта манна ананыаҕа. Бу сайын Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэ (Бэс Күөл) төрүттэммитэ 125 сыллаах үбүлүөйэ бэс ыйын 30 — от ыйын 1 күннэригэр ыытыллаары турар. Итиэннэ Модут уонна Үөдэй нэһилиэктэрин 385 сылларын бэлиэтиибит. Өссө Граф Биэрэгэ төрүттэммитэ 75 сыла. Быйыл онон, бу хайысхаҕа үлэ бара турар. Нэһилиэнньэ түмсүүлээх уонна көхтөөх буолара хаһан баҕарар үтүө түмүктэри аҕалар. Саҥа үүммүт сылга саҥа соруктары, кэскиллээх былааннары туруорунан, биир сомоҕо буолан үлэлиэхпит-хамсыахпыт, сыалбытын ситиһиэхпит диэн эрэлбит улахан.
Наташа Протопопова кэпсэттэ.