Нам Аппаанытын «Хатыҥчаана» уһуйаана сэминээрдээтэ

06.02.2020
Бөлөххө киир:

Тохсунньу ый бүтүүтэ «Хатыҥчаана» оҕону сайыннарар киин уһуйаан иитээччилэрэ улуустааҕы сэминээри ыыппыттара.

Сэминээр Константин Туйаарыскай оҕолорго «Быыра Баадьай» остуоруйа олоҥхотунан оноһуллубут «Аптаах холбуйачаан» диэн дьарыктарга туһаныллар элбэх хайысхалаах көмө матырыйаалларынан ыытылынна. Иитээччилэр Находкина С.Н., Винокурова М.А., Овчинникова Ю.С., Егорова А.С., Аргунова В.К., Ефимова Л. А., педагог-психолог Саввина Н.С., оҥорбут матырыйаалларынан туһанан дьарыктары көрдөрдүлэр.

Музыкальнай салайааччы Сивцева В.М. туруоруутунан «Быыра Баадьай» олоҥхо музыкальнай испэктээги оҕолор үрдүк таһымнаахтык оонньоон көрдөрдүлэр. Түмүгэр иитээччилэр оҥорбут араас дидактическай туһаныллар матырыйаалларынан маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Оҥоһуктар биэс сүрүн хайысхаларынан аттарыллан оҥоһуллубуттар: оҕо уопсастыбаҕа сылдьарын-бодоруһарын, билэр-көрөр дьоҕурун, тылын-өһүн, кэрэни өйдүүр дьоҕурун, этин-сиинин сайыннарар сыаллардаахтар. Олоҥхо дьоруойдарын — оонньуурдары барытын Шумилова А.С. уруһуйдарынан оҥорбуттара сэминээр тиэмэтин өссө ситимнээтэ.

Сэминээргэ улуус уһуйааннарыттан 21 иитээччи кытынна. Ыалдьыттар сэминээртэн астынан, элбэххэ үөрэммиттэрин эттилэр, үрдүк сыанабылы биэрдилэр.

Уһуйаан аҕа иитээччитэ Марияанна Сергеева.

Нам, Аппааны.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0