Намҥа саҥа хотон үлэҕэ киирдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Намҥа саҥа хотон үлэҕэ киирдэ.

Нам улууһугар «Дайыына» КФХ саҥа тэриллээх хотоннонно. Бу дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга анаммыт грант харчытынан тутулунна.
«Эбийиэк 15 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах. Үүт тутар блоктаах киэҥ-куоҥ саҥа комплекс толору механизированнай, аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт. Хотоҥҥо ынах ыыр аппарааттар, үүт сойутар анал иһит, ынахтар турар, уулуур сирдэрэ бааллар», — диэн этэр Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов.
                                                               
Надежда Попова хаһаайыстыбата Нам улууһугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр үлэлээх-хамнастаах. Хаһаайыстыба 1999 сылтан үлэлиир. Барыта 121 төбө сүөһүлээхтэр, итинтэн ыанар ынаҕа — 70.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0