Намҥа IT-киин аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Цифровизация киһи хараҕар көстүбэт. Ол эрээри, кэлэн иһэр. Биэрэккэ охсуллар бытаан долгун буолбатах, бу – цунами. Кэтэһэн олордохпутуна, “хараабыл тас өттүгэр  хаалыахпытын сөп”, — диэн Намнааҕы IT-киин дириэктэрэ Саргылаана Петрова тыл этэригэр бэрт кылгастык уонна олус судургутук быһааран кэбистэ. Онон олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр инниттэн, намнар  IT-киини астылар.

edersaas.ru


Тустаах IT-киин алта хайысханан үлэлиэҕэ. Бастатан туран, IT оскуоланы аһар былааннаахтар. Үчүгэйэ диэн, манна оҕолору эрэ буолбакка, аҕа саастаах дьону эмиэ үөрэтэр санаалаахтар. Ону таһынан, идэлэрин уларытыан баҕарар ыччакка, улахан дьоҥҥо компетенция киинэ үлэлиэҕэ. Кэлин хамаанданан бырайыактыыр үлэ хото киирэн эрэр. Намнар маны эмиэ хабан, холобур, биир тэрилтэ дуу, бөлөх дуу бырайыагын олоххо киллэриэхтэрин сөп эбит. Ону таһынан, “сервис киинэ”, “электроннай бибилэтиэкэ”, “IT волонтердар” кииннэрэ үлэлиэхтэрэ диэн дириэктэр билиһиннэрдэ. Билигин быстах кэмҥэ икки мэндиэмэннээх Биисинэс-инкубаторга олохтоммуттар. Күһүн саҥа дьиэҕэ көһүөхтээхтэр эбит. Ол эрээри, үлэтин саҕалыы турарга санаммыттар.

Инновация, сыыппаранан сайдыы уонна инфокоммуникационнай технологиялар миниистирэ Анатолий Семенов: “Улуустар ыйааҕы толороору эрэ буолбакка, IT-киин аһыллыытын бэйэлэринэн көҕүлүүллэрэ хайҕаллаах. Олоххо ирдэнэригэр, дьоҥҥо туһаны аҕаларыгар эрэнэбит. Биһиги манна  социальнай хайысханы эмиэ көрөбүт. Тоҕо диэтэххэ, үлэ миэстэтэ тахсар. Ити аҥаардас дизайнер, программист эрэ буолбатах. Эһиги тута бииргэ үлэлэһэр дьону булбуккут үчүгэй”, — диэн миниистир бэлиэтээтэ. Бииргэ үлэлэһэр дьонунан “Якутия” технопаарка резиденнэрэ “Якстар”, “Аватек” уонна “Статус” буолаллар. Министириэстибэ аатыттан кинилэргэ улахан махталын биллэрдэ. Улуустары кытта үлэлэһэллэрэ хайҕаллааҕын, миэстэни таһааралларын таһынан, нолуок төлүүллэрин уонна социальнай ноҕуруусканы сүгэллэрин бэлиэтээтэ. Кэнэҕэски каадырдар, “сулустар” улуустартан тахсыахтара диэн эттэ.

Тэрээһин кэмигэр Инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэ, Нам улууһа уонна “Дьыалабыай Арассыыйа” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ эрэгийиэннээҕи салаата бииргэ үлэлэһиигэ үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0