Нам улууһугар ааспыт өрөбүлгэ үтүө үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2019» тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥката буолан ааста. Манна убаһа, ынах, сибиинньэ эрэ буолбакка, куруолук, коза иитэр хаһаайыстыбалар кытыннылар. Үрүҥ илгэ, эт, балык арааһын астаан аҕалан, удамыр сыанаҕа атыылаатылар. Дьон хол, буут атыылаһан, тымныы кырыа кыһыны туоруур астарын хаһааннылар.
edersaas.ru
Идэһэ күрэхтэһиитигэр бастакы миэстэни Ленскэй (Нам сэлиэнньэтэ), иккиһи – Салбаҥ, үсүһү – 2 Хомустаах үллэһиннилэр.
Петр Владимиров, Нам сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы:
—Дьаарбаҥкаҕа ветеринарнай ыспыраапкалаах, «Роспотребнадзор» бэрэбиэркэтин ааспыт, «Меркурийга” киирбит хаһаайыстыбалар кытталлар. Бары нэһилиэктэртэн ортотунан 400-кэ киһи мустар. Манна эти эрэ буолбакка, оҕуруот аһыттан кэнсиэрбэ, отонтон барыанньа арааһын атыыга таһаараллар. Урбаанньыттар кыһыннары сибэккигэ, виноградка тиийэ үүннэрэллэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1