Намнар «ЭРЭЛ-ЭКО» маҕаһыыннаннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар олохтоох аһы-үөлү атыылыыр маҕаһыын аһылынна.

Нам улууһун киин нэһилиэгэр «Эрэл» ТХПК (ген. дир. Ньургун Гуляев) «ЭРЭЛ-ЭКО» диэн саҥа маҕаһыына аһылынна. Маҕаһыын кэпэрэтиип бэйэтэ оҥорон таһаарар үрүҥ аһын арааһын, буһарарга бэлэмнэниллибит аһы-үөлү таһынан оҕуруот аһын, дьон туттарбыт араас бэйэ бородууктатын атыылыыр буолуоҕа. «Эрэл» ТХПК кэлэктиибин үөрүүлээх түгэнин Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Владимир Макаров кэлэннэр үллэһиннилэр. Кинилэр үлэни-хамнаһы өссө сайыннаран иһэллэригэр, аһы-үөлү дэлэтэн таһаара туралларыгар баҕардылар, эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэх туттардылар.

Үгэс быһыытынан саҥа тутуу үлэҕэ киирэринэн, улууспут дьонун бэйэ оҥорон таһаарар аһынан-үөлүнэн хааччыйан өр кэмнэргэ үлэлиирин туһугар аал уоту оттон, үрдүк айыыларга сүгүрүйэн Алексей Кривогорницын алгыс сиэрин-туомун толордо. Аан бастаан аһыллар маҕаһыын биэс бастакы атыылаһааччытыгар бэлэх уунан үөртүлэр, бэйэлэрэ оҥорон таһаарар астарын амсаттылар.
Ленскэй нэһилиэк хаба ортотугар аһыллыбыт маҕаһыынтан сибиэһэй аһы-үөлү атыылаһарга усулуобуйа олохтонон дьон-сэргэ улаханнык үөрдэ.

СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин саайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0