Намҥа босхо астаах «аһымал долбуурун» туруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ куораттарга уонна улуустар кииннэригэр кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөр соруктаах маҕаһыыннарга бородуукта атыытын муннуктара аһыллан үлэлииллэрин туһунан үгүстүк суруйдулар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Оттон тыа сиригэр маннык Аһымал муннуга арыллыбыта — сонун сүүрээн быһыытынан сыаналаныан сөп.

Нам улууһун Партизан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Полина Скрябина иһитиннэрбитинэн, Аһымал аахсыйалары тэрийии — кинилэргэ биир үтүө үгэс. Олохторугар араас кыһалҕаҕа түбэспиттэргэ уонна тыыл бэтэрээннэригэр оскуола оҕолоро уонна ыччаттар тимуровскай хамсааһын быһыытынан куруук эбээһинэс оҥостон, кими тугунан өйүөххэ сөбүн анаан билсэн, ол ыалга чопчу тиийэн көмөлөһөллөр эбит.

Быйыл Ыччат сылынан сибээстээн нэһилиэк ыччатын лиидэрэ Татьяна Афанасьева уонна эдэр дьиэ кэргэн хаһаайката, урбаанньыт Наталья Колесова көҕүлээһиннэринэн Колесовтар дьиэ кэргэн маҕаһыыннарыгар «Үтүө санаа долбуурун» олохтоотулар. Нэһилиэк олохтоохторо  бэйэтин үтүө санаатын кыымын саҕан ааһар. Ол эбэтэр ким тугу баҕарарынан, кыалларынан бу долбуурга  ас бородууктатын кыаммат ыалларга анаан атыылаһан уурар. Ол ону ыччаттар анал испииһэккэ киирбит дьоҥҥо тарҕатан биэрэллэр, — диэн кэпсиир Полина Ивановна.

Ыччаттар көҕүлээһиннэрин өйөөн, олохтоохтор аһымал аахсыйаҕа олус көхтөөхтүк кыттан эрэллэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0