Уус Алдан улууһун Найахытын бэтэрээннэрэ 32 800 солкуобайы хомуйан, олохтоох амбулатория кэлэктиибигэр туттардылар.
Маны тэҥэ дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥа турбут кэмигэр бэлэмнээх буоллууга анаан амбулаторияҕа биирдиилээн дьон, “Алгыс” түмсүү, оскуола кэлэктиибэ, оскуоланы 2001 сыллаахха бүтэрбиттэр, И.И. Гоголев-Дыргыабай сыдьааннара уонна Бороҕоҥҥо олохсуйбут Найахыттан төрүттээхтэр түмсүүлэрэ көмө харчыларын тиэртилэр.
Балыыһа кэлэктиибэ биир дойдулаахтарыгар махтанна уонна көмөлөспүт харчыларынан тустаах оборудованиелары атыылаһыах буолла.
Оттон бэҕэһээ, муус устар 20 күнүгэр, улуус киинигэр олорор Найахыттан төрүттээхтэр түмсүүлэрэ (салайааччы Петр Анатольевич Слепцов) Бороҕоҥҥо олорор биир дойдулаахтарыгар, элбэх оҕолоох Находкиннар дьиэ кэргэҥҥэ суотабай төлөпүөн бэлэхтээтилэр уонна Найахытааҕы балыыһаҕа 5 тыһыынча солкуобайы харчынан көмөлөстүлэр.
Находкиннар аҕалара Иван Иванович биир дойдулаахтарыгар махтанар:
— Соһуччу бэлэх туттаммыт үөрүүбүт үксээтэ. Бороҕоҥҥо олорор биир дойдулаахтарбар дьиэ кэргэним аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабыт, дьоллоох буолуҥ!
Маны сэргэ балыыһаҕа 8 тыһыынча солкуобайы көмөлөспүттэрин таһынан, Иван Иванович Гоголев-Дыргыабай сылдьааннара Найахыга олорор сэттэ оҕолоох Таисия Константиновна Сивцеваҕа көмө оҥордулар. Ол курдук, оҕолоро үөрэхтэригэр туһаналларыгар диэн төлөпүөн бэлэх ууннулар.
Онон, найахылар түмсүүлээхтэринэн сөхтөрдүлэр. Кырдьык даҕаны, “норуот күүһэ – көмүөл күүһэ”!
edersaas.ru