Аар-саарга аатырбыт, үйэ аҥара историялаах «Найахы хорун» салайааччыларын кытта кэпсэтэр түгэн “Улуус олоҕо” бырайыакпыт чэрчитинэн тосхойдо. Хор тыа сирин үлэһит дьонун бииргэ түмэн, ырыаҕа уһуйан, Саха сиригэр бастакынан норуодунай статуһы ылары ситиспитэ. Уус Алдан айар куттаахтарын туһунан «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит. edersaas.ru
Хор сүрүн састаабыгар 40 киһи ыллыыр. Күннэтэ анал саалаҕа араспысаанньанан кэлэн дьарыктаналлар. Сылга олус элбэх кэнсиэри, гостуруолу тэрийэллэрин таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан тэрээһиннэр «Найахы хора» суох ыытыллыбаттар. Хорга 2013 сыллаахха Семен Васильев аатын иҥэрбиттэрэ. Дириҥ баай историялаах, Саха сирин киэҥ аартыкка ааттаппыт хорга анаан Найахытааҕы музей анал саала арыйан үлэлэтэ турарын кэрэхсии көрдүбүт.
“Найахылар ыллыыллар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Олохтоохтор бэйэлэрэ билинэллэринэн, эһилиэккэ ыллаабат киһи диэн суох. Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ бары муста түстүлэр даҕаны ыллаабытынан баралларын истиҥник кэпсииллэр. «Бу саҥа кулууппут былырыын ахсынньы ыйга үлэҕэ киирбитэ. Ол иннинэ эмиэ тыа сиригэр суох, этэргэ дылы, бэйэтэ тыйаатыр курдук киэҥ-куоҥ сиргэ үлэлээбиппит. Ол иһин даҕаны буолуо, оччолортон ыллыырга-туойарга, үҥкүүлүүргэ-битийэргэ аналлаах дьиэлээх-уоттаах буоламмыт, биһиэхэ култуура олус сайдыбыт. Кулууппут хаарбах туруктанан үлэтин тохтоппут кэмигэр араас сиринэн сылдьан дьарыктаммыппыт. Онтон, дьэ, үтүө дьыала бырагырааматынан саҥа дьиэлэннибит”, — диэн салайааччылар Дьулустаан Гаврильев уонна Анисия Гаврильева кэпсииллэр.
Найахы хора 1963 сыллаахха тэриллибитэ. Ол иннинэ Анна Румянцева салайааччылаах ансаамбыллар ыллаан-туойан саҕалаабыттара. Маны бэлиэтии көрөн, кулууп дириэктэринэн үлэлээбит Илья Артамонов Бороҕонтон Семен Васильевы ыҥыран хор тэрийбиттэр. Араас идэлээх дьону – ыанньыксыттары, суоппардары, атыылааччылары, учууталлары уо.д.а. түмэн, ырыаҕа уһуйан, куоластарга арааран хор үлэтэ тахсыбытынан барар. Найахы хора улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ аата ааттанан, суон сураҕырар. Онтон 1966 сыллаахха — норуодунай ааты ылар.
“2013 сыллаахха хорбут тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыппыт. Сыл устата араас тэрээһиннэри ыытан, саҥа көстүүм тиктэрэн, кинигэ-альбом таһааран, Санкт-Петербурга ыытыллыбыт “Интерфолк” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кыттан лауреат буолан үөрүүбүт үксээн, үбүлүөйбүтүн бэркэ атаарбыппыт. Аны ол сыл биир дойдулаахтарбыт, дьокутааттарбыт көмөлөрүнэн, акция тэрийэммит, УАЗ-микроавтобус массыына атыыласпыппыт”, — Анисия Гаврильева салгыы сэһэргиир.
Найахы хора тэриллиэҕиттэн ыла манна үс сүүс кэриҥэ киһи ыллаан-туойан ааспытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Сүрүн састаабы таһынан, бэтэрээннэр, ыччат, оскуола оҕолоро туспа хордардаахтар. Аны бу тэриллиилэр истэринэн эр дьон, дьахтар, кыргыттар ансаамбыллара ыллыыллар. Эбиитин үҥкүүһүттэрдээхтэр. Онон, кырдьык, Найахы хас биирдии киһитэ бу хорга кыттыгастаах буолан тахсар. Хор иһинэн араас бырайыактар үлэлииллэр. Ол курдук, биир ситиһиилээхтэринэн Семен Васильев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи хор күрэхтэһиитэ буолар. Бу күрэхтэһии 1990 сылтан ыла биэс сыл буола-буола ыытыллар. 2013 сыллаахтан Найахы хорун үбүлүөйүнэн сибээстээн, күрэхтэһии регионнааҕы түһүмэхтээх ыытыллар буолбута. Ол аата кыайбыттар Уһук Илиҥҥэ күрэхтэһэ барар кыахтаммыттар. 2016 сыллааха Семен Васильев 85 сааһын көрсө ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ Найахы хора кыайан, Хабаровскайга баран ситиһиилээхтик ыллаан кэлбитэ.
Билигин тыа сиригэр баянист тиийбэтинэн сибээстээн үгүстэрэ фортепианонан доҕуһуолга көһөн эрэллэр. Найахы хоругар эмиэ маннык уларыйыы киирэн эрэрин иһитиннэрдилэр. Кэлиини-барыыны, таҥас-сап тиктэргэ үбү-харчыны буларга Уус Алдан улууһун дьаһалтата, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, биир дойдулаахтара күүс-көмө буолаллар.
Быйылгыттан найахылар саҥа хормейстердаммыттар. 2013 сыллаахха Сардаана ХаритоноваДьокуускайдааҕы култуура колледжыгар үөрэнэ сылдьан, бу нэһилиэккэ дипломнай быраактыкатын ааспыт. Эдэр исписэлиис аны үөрэҕин бүтэрэн баран, Чурапчы улууһун Чыаппаратыгар эр дьон хоругар үлэлии сылдьан, Найахыга кэлэргэ санаммыт. “Дьоҥҥо куолас туруорабын, куоласка арааран тус-туһунан дьарыктыыбын. Хору ыллыҥ да бииргэ ыллаппаккын. Манна уопутура, үлэм суолун саҕалыы кэллим”, — диэн кини кэпсиир.
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.
Айтана Аммосова, ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.