Найахылар сүөһүнү-сылгыны элбэтэр былааннаахтар

05.04.2018
Бөлөххө киир:

Уус Алдаҥҥа “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн бастакы сылдьыбыт нэһилиэкпитинэн Найахы буолла. Сэбиэскэй былаас саҕана манна “Найахы” сопхуос үлэлээбитэ. Олох оҥкула уларыйбытыгар, 1992 сыллаахха, ынахтаах ыаллар кыттыгас тэрилтэ тэрийбиттэр. Кэлин аныгы олох ирдэбилинэн, кэпэрэтиип диэн буолбут. Билигин бу тэрилтэни Иван Румянцев салайар. Кини хаһаайыстыбатын туһунан «Улуус пааспарыгар» кэпсээтэ. edersaas.ru

Тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар Иван Румянцев Найахы нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. Намнааҕы педагогическай колледжка үөрэммит, араас кэмҥэ учууталлыы, быстах тутууга даҕаны үлэлии сылдьыбыт. Кэлин төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтигэр кэлэн олохсуйан, былырыыҥҥыттан “Найахы” кэпэрэтииби дьаһайааччынан үлэлээн саҕалаабыт.

Билигин ынахтарбытын сайылыктан көһөрө иликпит. Нэһилиэктэн биир көстөөх сиргэ база тэринэн, онно үлэһиттэр олорор уопсай дьиэлэрэ уонна сүүс миэстэлээх хотон баар. Кыстыкка киириэхпит иннинэ, нэһилиэк иһигэр биэс уон төбөҕө анаммыт аныгылыы сэндвич-панелинэн хотон тутан саҕалаатыбыт. Манна улууспут уонна нэһилиэкпит дьаһалталарын өҥөлөрө баһаам. Биир ый курдугунан субай сүөһү онно кыстыырдыы киириэҕэ. Ынахтарбыт кыстыыр хотонноро туруга мөлтөх, онон, былаан быһыытынан, эһиил улахан хотон туттуохтаахпыт, хаһаайыстыбабытын кэҥэтиэхтээхпит. Билигин сүүс ыанар ынах уонна аҕыс уон сылгыны көрө-истэ олоробут. Ынахтарбыт симментальскай боруодалаахтар”, — диэн Иван кэпсээнин саҕалыыр.

Хаһаайыстыбаны барытын 12 үлэһит көрөр-истэр. Үс ыанньыксыт, ньирэй көрөөччү, үүт таһар суоппар, буҕаалтыр, бостуук уо.д.а. тутаах үлэһиттэрдээх. Ынахтарын сайыннары-кыһыннары илиинэн уонна дуойка-аппараатынан ыыллар.

Тэрилтэ былырыын от үүммэккэ, былаан аҥаарын эрэ толорон, балтараа мөлүйүөн солкуобайга ороскуотурбут. Оттон быйыл күһүҥҥү ардахтаах күнү-дьылы аахсыбатахха, оттооһун үчүгэй, былааны 90% толорбуттар. “Онон кыстыыр оттоохпут, былырыыҥҥыбыт курдук эрэйдэммэт буоллубут”, — диэн тыа үлэһит киһитэ салгыы кэпсиир.

Идэһэ кэмэ чугаһаата. “Найахы” кэпэрэтиип эт уонна үүт аһын Уус Алданнааҕы “Мүрү-Ас” тэрилтэҕэ туттарар. Үүтү нэһилиэк иһинээҕи собуокка эмиэ туттарар, оскуоланы, оҕо саадын этинэн хааччыйыыга дуогабар түһэрсибиттэр. Онон олохтоохтор күннэтэ сибиэһэй сүөгэй, арыы сииллэр. Бэйэ оҥорон таһаарыыта хаачыстыбата үчүгэйэ уонна олохтоохторго тута олорор нэһилиэктэриттэн ылаллара табыгастаах даҕаны буоллаҕа.

Иван Петрович кэпсииринэн, оттуур тиэхиньикэ эргэрэн, оттуурга ыарахан усулуобуйалары үөскэтэр. Тэрилтэ төһө кыалларынан араас граннарга кыттан, судаарыстыбаттан туох көмө баарын туһанар былааннаах. Тэрилтэ үлэтэ оннун буларыгар нэһилиэк уонна улуус дьаһалталара бары күүстэрин уураллар. “Найахы” кэпэрэтиип тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрин үп-харчы өттүнэн өйөөһүн биир сыллаах бырагырааматыгар хапсан, үс мөлүйүөн солкуобайдаах граҥҥа тиксибит. Ол харчы үлэһиттэри хамнастыырга уонна ынах аһылыгар барар.

Тэрилтэ инники былааныгар, бастатан туран, үөһээ суруллубутун курдук, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэтиир сүүс төбө ынахха анаммыт хотону тутан үлэҕэ киллэрии баар. Иккиһинэн, нэһилиэк кыраныыссатын кытта сыста турар сиргэ икки бааһына ылбыттар, онно саас ыһыы үлэтин ыытыахтаахтар. Үсүһүнэн, каадыр боппуруоһа турар. Тыа сиригэр тымныы хотоҥҥо эдэр үлэһиттэр ынах көрө тахсаллара саарбах. Ол иһин, аныгы хотон, үчүгэй туттар мал-сал, аныгы тиэхиньикэ үлэни чэпчэтиэ даҕаны, эдэр үлэһиттэри тардыа даҕаны этэ. Этэргэ дылы, аныгы дьон аныгы усулуобуйаҕа үлэлиирин ордорор. Иван Петрович иллээх хамаандата иитэр сүөһүлэрин ахсаанын элбэтэр, хаһаайыстыбаны өссө кэҥэтэргэ күннэтэ кыһаллар, былаан олоххо киирэригэр үлэлиир.

Бу үргүөрдээх хотон үлэтин быыһыгар сырыттар даҕаны, сэһэргээччим Иван Петрович тарбаҕар ураты талааннаах маастар буолан айар-тутар эбит. Муус оҥоһуктары оҥорон, араас таһымнаах куонкурустарга куруук ситиһиилээхтик кыттар. Тимиринэн быһах, батыйа, анньыы оҥорорун таһынан, Саха сиригэр пааматынньыктары оҥорууга үлэлэспит. Кини Тааттаҕа бухатыыр, Өймөкөөн Томторугар сылгыһыттар  пааматынньыктарын, Майаҕа Ураһалаах алааска турар Аал Луук Маһы оҥорсубут. “Билигин Найахы нэһилиэгэр уус кыһата тутулла турар, бу тутуу – нэһилиэк эр дьонун түмэр дьиэ буоларын саарбахтаабаппын”, — диэн Иван Петрович кэпсээнин түмүктүүр.

«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан, кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, үлэлэринэн тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар. 

Айтана АММОСОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0