Уус-Алдан улууһун Найахы нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр бүгүн үөрүүлээх күн тосхойдо. Урукку өттүгэр Дүпсүн-Найахы хайысханан суол мөлтөҕүнэн биллэрэ. Билигин 18 км усталаах суол өрөмүөннэнэн, саҥардыллан айанньыттарга, улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар даҕаны төһүү күүс буолуоҕа.
«Дүпсүн-Найахы» хайысханан ыытыллыбыт суол өрөмүөнүн үлэтэ Уус Алдан улууһун биэс сыллааҕыта ылыммыт бырайыактарыттан биирдэстэрэ буолар. Бу үлэ кытыы сытар нэһилиэктэр суолларын-иистэрин оҥорууга олус көмөлөөх уонна сатабыллаах «Дорожный фонд» диэн хамсааһын нөҥүө ыытылынна.
Федеральнай, республиканскай уонна улуус үбүлээһиннэринэн тупсарыллан тутуллубут айан суола бу сыыйыллан сытар. Олохтоохтору, кэлбит ыалдьыттара Найахы нэһилиэгин баһылыга Петр Сивцев эҕэрдэлээтэ, махтал суруктары туһааннаах дьоҥҥо туттарда. «Дүпсүн-Найахы 18 килэмиэтир усталаах суол 2 биэрэстэтэ эрдэ өрөмүөннэммит буолан, быйыл от ыйыттан 16 км оҥоруу саҕаламмыта толору түмүктэннэ. Онон быйыл маннык улахан, киэҥ хабааннаах үлэ сыл иһигэр ыытыллыбыта республикаҕа биир бастакынан буолар диэн үрдүктүк сыаналанна, —диир «СУ-77» ХЭТ генеральнай директора Петр Бурнашев.
Уус Алдан баһылыга Алексей Федотов урукку кэмҥэ кыһын эрэ тупсар суол, олох-дьаһах хаамыытыгар үгүс күчүмэҕэйдэри үөскэтэн кэлбитин бэлиэтээтэ. «Онтон билигин Найахыга тиэрдэр көнө суол тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар үлэлээх-хамнастаах улууска суолтата өссө үрдүөҕэ. Суол-олох хорук тымыра, сайдыы төрдө. Онон сыыдам айаннаах суоппардарга уонна айанньыттарга улахан бэлэҕинэн буолбут суол уһун үйэлээхтик туран, үүнүүгэ-сайдыыга сирдиэҕэ», — диэтэ кини.
Ааптар: «Мүрү саһарҕата» хаһыат