Бүгүн Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгэр айылҕа маанылаах кыыла кыһыл саһыл «ыалдьыттаата»
edersaas.ru
Олохтоох ОДьКХ филиалын салайааччыта Роман Лугинов убаһа өлөрө сылдьан көрбүтэ, арай хортуоппуй олордор сиригэр … саһыл олорор!
Роман Петрович хап-сабар төлөпүөнүн хостоот, түһэрэн барбыта. Ол кэмҥэ аны ыта сүүрэн кэлэн, саһылга түһээри куттаабыта.
Саһыл ыттан куттанан, эмискэ ыалларын хотоннорун үрдүгэр баар буола охсубута.
— Хотон үрдүгэр тахсан, өр баҕайы олорбута. Арааһа, саһыл оҕото муна сылдьар быһыылааҕа.
Мин үлэлээх киһи, өр кэтээн турбат буоллаҕым дии. Сураҕа, ыттар маныы сытан, куотппутун көрөн, ситэн ылан саба түспүттэр үһү. Ол кэннэ ханна гыммыттарын билбэппин. Үлэлээх киһи кэтээн турбатаҕым, — диэн кэпсиир тыа сирин олохтооҕо.
Онон Роман Лугинов бүгүн бэйэтин күннээҕи түбүгэр эбии хаартысканан дьиэтин аттыгар кэлэн биэрбит кыһыл саһылы «бултаһан» ылла.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Роман Лугинов хаартыскаҕа түһэриитэ.