Сытар ынаҕы туруорбат эйэ дэмнээх, киэҥ көҕүстээх, холку киһи баар буоллаҕына, ол аллар атаһым, нэммитин билсибит үөлээннээҕим Маппыайабыс буолар. Маамыччаттан атыннык ааттаабат, бэйэтин эт аҥаара, сылаас тыына буолбут эмээхсининиин – Сэмиэнэбинэлиин сөҕүрүйбэт холумтаннаах, унаар буруолаах алаһа дьиэ тэринэн олох бөҕөнү олорон, үлэ бөҕөнү үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыттара ыраатта. 80-чаларын чугаһатан сылдьаллар.
Сайынын даача-сайылыктарыгар умса-төннө түһэллэр, кинилэртэн солото суох суох курдук буолар. Кыһынын – туос иллэҥ дьон кинилэр. Оҕолор туһунан ыаллар, сиэннэр обургулар. Кэмиттэн-кэмигэр көрсүһэн, алтыһан ылаллар, санаалара кэллэҕинэ тыйаатырга бодуруускалаһаллар, даамба устун хаалыктаах хаамсалларын сөбүлүүллэр. Умньаммыт хаартыһыттар курдук, сымарпуоннарын сиэптэриттэн, сыттыктарын анныттан араарбаттар, бассаап ситимин хасыһан саккайдаһыы кытаанаҕа, хайыахтарай, аныгы оҕонньор, эмээхсин буоллахтара.
Дьэ, ол бассааптара ааспыт нэдиэлэҕэ, сэтинньи 16 күнүгэр, ытыс саҕа биллэриинэн утуйар ууларын аймаата.
– Биэнсийэ пуондатыттан баран анал докумуон ылбатахха, пенсионнай уонна социальнай пуондалар холбостохторуна, биэнсийэтэ суох хаалаҕыт диэн сэрэтии суругу ааҕан баран, соһуйан, айманан маамыччалыын улахан илдьиритиһии, кэпсэтии кэнниттэн, арыый сытыы-хотуу, эр киһи буоллаҕым, Дьокуускай Биэнсийэ пуондатыгар ыйыталаһа, чуолкайдаһа барарга быһаарынным, –Маппыайабыс ньилбэктэрин охсунар. Аҥаардас биэнсийэ дохуоттаах кырдьаҕастарга бассаап ити биллэриитэ уйаларыгар ууну киллэрдэҕэ…Бэрт холку киһи ол да иһин сорунуулаах быһаарыныы ылыннаҕа.
Маамычча бассаапка көрдөҕө: “Тааттаҕа 40, Чурапчыга 38, Дьокуускайга 29 кыраадыс, халлаан тымныйбыт. Ичигэстик таҥыннарыахха наада!” – диэн хамаандалаан, биэс саастаах сиэниттэн саҕалаан, үмүрү хомуллубут оҕолоро хомунуу, таҥыннарыы тэрээһинигэр бары кытыннылар. Бэл, өтөр-наар кэтиллибэтэх хаалтыһы билигин да модьу моонньугар иилэн, сүүрүк аттыы хантаччы тартаран кэбистилэр.
– Биэнсийэ пуондатыгар истибитим, уларыйыы кырдьык буолар эбит. Биэнсийэлээхтэр ханнык да докумуоннары ылаллара, толортороллоро ирдэммэт. Биэнсийэбитин ылбыппыт курдук ылыахтаахпыт туһунан чопчу чуолкай быһаарыы биэрдилэр. Сэбиэскэй кэминээҕи бүрүкүрээт чунуобунньук курдук аҥныбакка-бохтубакка, аныгы сайаҕас, мичилиспит эдэркээн үлэһиттэр үөрэ-көтө быһааран, хата дэлби уоскутан атаардылар. Онон, үөлээннээхтэрим, биэнсийэлээхтэр, бассаап сымыйа иһитиннэриититтэн наһаа күүскэ долгуйумаҥ, мин курдук төттөрү-таары сүүрүмэҥ,– диэн өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах бэтэрээнэ Маппыайабыс сүбэлиир, эҕэрдэтин тириэрдэр.
Биэтэс Билээхэп