СӨ Суруйааччыларын cойууһун чилиэнэ Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова «Аар айылҕа биһигэр» диэн кинигэтин тутан олоробун. Кини бу кинигэтин 23 сыллаах сыралаах үлэтин түмэн, аныгы ыччакка туһалаарай диэн санааттан таһаарбыт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ол да иһин, аан тылыгар: «Норуот сиригэр-уотугар, айылҕатыгар, айыыларыгар сыһыанын, үйэлэргэ муспут үгэстэрин билбэтэ араас иэдээҥҥэ тириэрдэр. Аныгы дьон айылҕаҕа сыһыаннара сиэрэ суох баламатын, ол содулун сөҕөн суруйарга сананным», – диэн билиһиннэрэр.
Кинигэҕэ сахалыы сиэр-туом, ытык сирдэр, сахалыы эмтэнии, алгыс суолтатын уо.д.а. төрүт үгэстэрбит туһунан элбэҕи, сонуну уонна дьиктини билиэххэ сөп.
Надежда Алексеевна бэйэтэ сонньуйан этэринии, сорохтор сиэр-туом эргиллиитин ааспыты ыатарыы курдук саныыллар, улахаҥҥа уурбаттар. Дьиҥэр, ааспыта суох — олох суох, былыр-былыргыттан төрөөбүт удьуордарынан киэн туттар дьон кыахтаах, көмүскэтэр күүстээх буолаллар. Надежда Алексеевнаны ытык сирдэр толору өйдөбүллэрин үөрэтиигэ бастакынан ылсыбыт ааптар диэтэххэ, омун буолбата буолуо. Кини ытык сирдэр тустарынан кэрчик санааларын суруйбут кинигэтин билигин тымтыктанан да булбаккын. Ол да иһин, ааптар урукку кинигэлэрин түмэн, эбэн-сабан таһаарара хайҕаллаах дьыала. Кинигэлэрэ саҥаттан саҥа ааҕааччыларын булаллар уонна суолталара сүппэттэр.
Холобур, ааптар саха омугун алдьатар арыгы содулуттан долгуйуутун кини кинигэлэригэр барыларыгар да булуохха сөп.
«Ымдаан утахтаах былыргы саха киһитин сырдык мөссүөнэ улам ыраатан, умнуллан киһи кэһии туттар мааны аһа арыгы буолла. Аал уотун, алаһа дьиэтин атыҥырыы көрөр аналланан, кылгас өйдөнөн, төрөөбүт төрүт түөлбэтин тоҕо тэпсэн, кэлэр кэскилин умнаһыттан эрбээн эрэр. Адьарай да аһаабатах аһын айыы дьоно амсайымаҥ. Ийэ сиргэ төрөөбүт дьолгутун харыстаан, киһи буолбут аналгытын үрдүктүк тутуҥ», – диэн алгыһын аныыр.
«Тээтэм илимигэр сулустары ааҕарым»
Элбэх оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ Надежда Алексеевналыын арыгы саха киһитигэр содулун кэпсэтииттэн сиэттэрэн, кини арыгыны утары олох эдэр эрдэҕиттэн охсуспутун, биир саастыылаахтара арыгыга умньамматтарын туһуттан тустаах үлэни ыыппытым биллим. Ол өссө биир историческай түгэни кытары сибээстээх буолан таҕыста. Ол эбэтэр, кини билигин киэҥник тарҕанан сыл аайы ыытыллар Ыччат ыһыаҕын аан бастаан толкуйдаан тэрийбит киһи эбит.
1972 с. от ыйын 1 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Бороҕон нэһилиэгэр Тумул бөһүөлэгэр Ыччат бастакы ыһыаҕа тэриллибит. Надежда Аржакова хомсомуол олохтоох кэмитиэтигэр үлэлии сылдьан, Ыччат ыһыаҕын ыытар туһунан этии киллэрбитин биир саастыылаахтара тута өйөөбүттэр.
— Оччолорго да ханнык баҕарар нэһилиэккэ аһыы утахха ылларар кутталлаах эбэтэр үп-харчы өттүнэн тиийиммэт-түгэммэт, уопсастыбаҕа кыайан киирбэккэ хаалар ыччаттар баар буолаллара. Киһи барыта талаана таһынан дьалкыйа сылдьар эбэтэр актыбыыс бэрдэ буолбат. Кимтэн да өйөбүлэ суох, «сээн» дэппэт, бэйэлэрэ бэйэлэригэр бүгэ сылдьар ыччат болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалара. Ол сылдьан бүдүрүйэн да ылаллара ханна барыай? Биһиги итинник ыччаппытын түмэн, этэргэ дылы, норуокка таһаарар туһуттан, Ыччат ыһыаҕын тэрийбиппит. Ыһыахха ыҥырыылаах ыччаппыт бастаан соһуйбуттара да буоллар, биһиги ыҥырыыбытын ылыммыттара уонна аан бастаан ыыппыт ыһыахпытыгар көхтөөхтүк кыттан, үөрбүт-көппүт, махтаммыт харахтарын күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын. Кинилэр үгүстэрэ кэлин олоххо бэйэлэрин суолларын булан, оҕо-уруу төрөтөн, саха бастыҥ ыаллара буолан олороллоруттан үөрэбит. Ыһыахпытын көннөрү ыһыахтартан атыннык оҥорорго санаммыппыт. Ыһыахпыт девиһэ «Кыымтан төлөн күөдьүйэр» («Из искры возгорится пламя») диэн этэ.
Этиэхтэн кэрэ айылҕалаах сирдэргэ астына ыһыахтаан баран, баҕа санаабытын суруйбут кумааҕыбытын бытыылкаҕа уган мас кэннигэр кистээбиппит. Оччолорго хантан дэлэй харчылаах буолуохпутуй? Арай, сүрэхпит баҕатынан, санаабытын холбоон тэрийбиппит. Онон 45 сыл буолан баран, Ыччат ыһыаҕын аан бастаан биһиги тэрийбиппит туһунан иһитиннэриэхпитин баҕарабын.
Ыччат ыһыаҕын ыытыыбыт, биһиги үөрүөхпүт иһин, салҕааччылардаах буолбута. Икки-үс сылынан итинник ыһыахтар Тумулга, чугастыы сытар Нам улууһун II Хомустааҕар, Суоттуга ыытыллыбыттара. Кэлин, ХХI үйэҕэ киирэн баран, үтүө үгэс салҕанан, Ыччат ыһыаҕа сыл аайы араас улууска ыытылларын билэбин, – диэн Надежда Алексеевна оччотооҕу эдэр сааһын кэмнэрин манньыйа ахтар уонна билиҥҥи Ыччат ыһыаҕар сылдьар баҕалааҕын туһунан этэр.
Хаһан баҕарар ыччаты түмэ тардар, бэйэтин ис туругунан, дьоҕурунан дьоҥҥо абылатар, инники кэккэҕэ сылдьар дьон баар буолар. Надежда Алексеевна сааһыттан, үөрэҕиттэн, үлэтиттэн тутулуга суох эдэр-эмэн дьону бэйэтин тула түмэр дьоҕурдааҕа. Наада буоллаҕына, дьиэтигэр да ыҥыран, истиҥ-иһирэх эйгэни үөскэтэрэ. Ол сылдьан, ыччаты кытары сүбэлэһэн ыыппыт тэрээһиннэрэ элбэхтэр.
Дьону түмүү, салайыы, киһи үчүгэйин эрэ булан көрүү Надежда Алексеевнаҕа кимтэн бэриллибитин ыйыталастым. Онуоха кини:
— Тээтэм (аҕам) Алексей Николаевич Аржаков мин сэттэ саастаахпар күн сириттэн күрэммитэ. Ол гынан баран, сэттэлээх эрэ кыысчааҥҥа кылгас кэм иһигэр элбэх умнуллубат түгэннэри бэлэхтээбитэ, өйү-санааны сахпыта. Ийэм хотонугар таҕыстаҕына, тээтэбинээн иккиэйэҕин эрэ хааларбыт. Кини аҕыйах саҥалаах да буоллар, миэхэ кэпсиирэ, үөрэтэрэ элбэх этэ. Бэйэбиттэн араас боппуруостары олуйан ыйытан, эппиэппин истэрин сөбүлүүрэ. Тэҥнээҕин курдук кэпсэтэрэ. Олорор сирбин-уоппун, саха аатын, саха үгэстэрин харыстыырга үөрэтэрэ. Итини барытын кырачаан оҕо этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар иҥэрдэҕэ. Тээтэм өссө илим баайар идэлээҕэ. Оҕо эрдэхпинэ, харахпар сулустар араастаан көстөллөрө, сэһэргииллэрэ. Ол сулустары сороҕор тээтэм илимигэр тута оонньуур этим. Илиммэр араас омук сирэ, хайа, кыыл туох баар барыта иилиллэ сылдьар буолара… Кэлин тээтэм илимэ ис турукпун байыппыта. Онон Ыччат ыһыаҕын ыытар санааҕа кэлиим күндү киһим, мин тээтэм үөрэҕэ дии саныыбын. Күндү киһибэр олус махтанабын, – диэн сэһэргэһиибитин түмүктээтэ.
Надежда Аржакова-Иванова, сааһырдым диэн олорунан кэбиспэккэ, куорат уопсастыбаннай, култуурунай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, тыйаатырдарга саҥа туруоруулары көтүппэт. Куоракка ыытыллар литэрэтиирэ, култуура дьаһалларыгар күндү ыалдьытынан буолар. Билбитин-көрбүтүн, истибитин оҕолорунуун, сиэннэриниин үллэстэр күүтүүлээх эбээ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru