«На Пушкина» салон уонна Алампа

Бөлөххө киир:

Муус устар 5 күнүгэр ССРС култууратын, СӨ Судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна Мария Петровна Неймохова эрдэттэн ыра санаа оҥостубут баҕатын толорон, кэргэнин, норуот суруйааччыта Егор Неймохов кэриэһигэр анаан «На Пушкина» диэн ааттаах литература салонун  арыйда.

edersaas.ru

Дуунньа көмүс уҥуоҕар сүгүрүйүөхпүт дуо?

Бу күн Неймоховтар Дьокуускай куоракка Пушкин аатынан уулуссаҕа турар  ­дьиэлэригэр  «Алампа алыптаах ыллыгынан» дьоро тэрээһиҥҥэ суру­йааччылар,  кириитиктэр, ­учуонайдар,  Саха академи­ческай тыйаатырын артыыстара, Алампа талааныгар сүгүрүйээччилэр ыалдьыттаатылар.

Мария Петровна бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, СӨ норуодунай артыыската Зоя Багынанова: «Мария миигиттэн уон сыл балыс, онон көрбүт, биэбэйдээбит оҕом баҕатын олоххо киллэрсэбин буоллаҕа. Биһиги ийэбитинэн уонна аҕабытынан төрүччүлэрбитин оҥорбуппут. Онно көрдөххө, ууһуттан, ойуунуттан удаҕаныгар тиийэ араас идэлээх дьон  баар эбит.  Ийэбитинэн төрүттэрбитигэр биир дьикти киһи олорон ааспытын билэбит.  Кини кырыымпа оҥорор уонна бэйэтин балаҕаныгар элбэх дьону мунньан кырыымпаҕа оонньуур, олоҥхолуур эбит», – диэн санаа ­атастаһаары,  биир санаалаахтарын  кытта чугастык алтыһаары, дьону бэйэ тула түмэр дьоҕур аҕас-балыс кыргыттарга төрүттэриттэн бэриллибит буолуон сөбүн итэҕэттэ. Зоя Петровна салгыы  Егор Неймохов суру­йан хаалларбыт «Алампа» арамааныттан саҕалаан,  бэйиэт Анемподист Софронов-Алампа тула интэриэһинэй кэпсэтиини көҕүлээтэ.

Филология наукатын дуоктардара Валентина Семенова, Василий  Илларионов, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрин  солбуйааччы Мария  Турантаева, Үөдэй с. түмэлин тэрийээччи Алексей Яковлев Алампа туһунан ахтан-санаан аастылар, бэйиэт олоҕор саҥа булумньуларынан үөртүлэр.

Валентина Cеменова Алампаны чинчийии салҕанарын, көрдүүр, дириҥник үөрэтэр буоллахха, саҥаттан-саҥа матырыйааллар бииртэн биир ситимнэнэн тахса туралларын туһунан эттэ.  Холобур, Алампа таптала Евдокия  көмүс уҥуоҕа ханна баарын билбэппит. Онуоха Евдокия Константиновна аймахтарын биир мааны ки­­йииттэрэ  кини  ханна көмүллүбүтүн билэрин уонна Алампа Дуунньатыгар бэлэхтээбит сахалыы ытарҕата киниэхэ нэһи­лиэстибэ быһыытынан бэриллибитин харыстаан уура сылдьарын туһунан үөрүүлээх сонуну Алампаны чинчийээччигэ быйыл кыһын эппит. Онон, Валентина Григорьевна тоҕоос көһүннэр эрэ, Алампа тапталын көмүс уҥуоҕар баран сүгүрүйэр кыах үөскээбитин туһунан иһитиннэрдэ.

Суруйааччылар Наталья Миха­лева-Сайа, Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах, Надеж­да Егорова-Намылы, биллиилээх  мелодист,  «Алампа» көҥүл түмсүү түсчүтэ Виталий Андросов огдообото Октябрина Местникова,  “Мимуоза” литература салонун тэрийээччи Маргарита Иванова-Дайар Суһум, Сардаана Омукова уо.д.а. лиирик бэйиэт  айымньыларын, кини туһунан суруйууларын  ырыттылар.

Алампаттан ордугу булуоҥ дуо?

Саха тыйаатырын артыыстара, СӨ үтүөлээх артыыстара Петр Баснаев, Маргарита Борисова, Елизавета Потапова, Надежда Ушницкая уонна  Валентин Макаров Алампа алыптаах хо­­һооннорун иэйэн-куойан туран аахтылар.

Тыйаатыр сүрүн режиссера Руслан Тараховскай саҥа туруорбут «Таптал» музыкальнай испэктээгиттэн ырыалар ылланнылар. Руслан Тараховскай саҥалыы көрүүлээх «Алампа» музыкальнай испэктээгигэр Саха тыйаатырын төрүттээччи хоһоонноругар 22 ырыаны айбыт.  Испэктээккэ сорох ырыата өссө да киирбэккэ хаалбыт, онон туспа кэнсиэр да оҥоһуллар кыахтаах эбит.   Руслан Игоревич испэктээккэ толоруллубатах ырыалартан гитара доҕуһуолунан ыллаан иһитиннэрдэ уонна: «Аны Алампаттан ордугу булан көрбөт курдук турукка сылдьабын», – диэн түмүктээтэ. Кини бу туругун, ол эбэтэр поэзия алыптаах эйгэтигэр бүтүннүү бэринэн сылдьарын чахчы көрө-билэ сылдьар курдукпут. Тоҕо диэтэххэ, кини хамсык кэнниттэн Саха тыйаатырын лабораторнай саалатыгар бэйиэттэр Гаврил Андросов, Яна Байгожаева уонна Елизавета Мигалкина айар үлэлэригэр анаан “Бэйиэттиин сэһэргэһии” диэн истиҥ-иһирэх киэһэлэри режиссердаан тэрийдэ.

Чычымахтан кэлбит ыалдьыт кимий?

Биир соһуччу түгэнинэн Алампа кэргэнэ Евдокия аймаҕа Елена Яковлева-Налыяхова Таатта улууһуттан Чычымахтан кэлэн ыалдьыттаабыта буолла. Чахчы да, хартыынаттан түспүт Дуунньа  курдугунан, бэл, та­­ҥастыын-саптыын маарынныырынан барыбытын  соһутта даҕаны, үөртэ даҕаны. Бэйэтэ даҕаны ыраас, сырдык сэбэрэтинэн, көнө-көрсүө мөссүөнүнэн, сэмэй кэпсээнинэн барыбытын абы­лаата. Сахаҕа удьуор (ген) диэн күүстээҕин, айылҕа бэйэтин көрүүтүнэн кэлэр көлүөнэҕэ соһуччу үөрүүлээх түгэннэри бэлэхтиирин сөхтүбүт-махтайдыбыт. Салон хаһаайката анаан-минээн оҥорторбут Алампалаах Дуунньа олорор улахан баннердарын аттыгар хаартыскаҕа түһэрэн, икки үйэ үрүҥ туллуктарын кэрэ мөссүөннэрин илэ көрбүккэ дылы буоллубут.

Саха тыйаатырын кэрэ далбардара М.Борисова, Е.Потапова, Н.Ушницкая уонна Е.Налыяхова салон аһыллыытыгар ­анаан-минээн норуот маастара Люция Кривошапкинаҕа тиктэрбит сахалыы халадаайдарын көрдөрөн, Люция Степановнаны кытары чугастык билиһиннэрдилэр.

2018 сыл ахсынньы 10 күнэ – “Алампа” айар аймах түмсүү тэриллибит күнэ.  Бу түмсүү уонна Олоҥхо тыйаатыра  толкуйдаабыт бырайыактарынан, култуура, ускуустуба, литература бастыҥтан бастыҥ дьонугар  Алампа аатынан  уопсастыбаннай бириэмийэ иҥэриллэр уонна анал статуэтка туттарыллар.  Бастакы бириэмийэлэри туттарыы үөрүүлээх түгэнин “Арассыыйа – мин устуору­йам” мультимедийнэй истори­ческай пааркаҕа долгуйа көрбүппүт. Алампа бириэмийэтин уонна  түөскэ анньыллар үрүҥ туллук бэлиэни тутан дьолломмуттар истэригэр Зоя Багынанова баара. Маннык бэлиэни бу салон аһыллыбыт үөрүүлээх күнүгэр салон хаһаайкатыгар Мария Петровнаҕа “Алампа” айар түмсүү аатыттан Мария Турантаева туттарда. Онуоха Мария Петровна: “Мин да туллуктанным ээ”, – диэн эдьиийиттэн хаалсыбатын туһунан этэн,  мустубут дьону күллэрдэ.

РСФСР уонна САССР үтүөлээх артыыһа, Саха тыйаатырын режиссера  Федот Потапов уонна норуот суру­йааччыта, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Егор Неймохов курдук  дьон музалара буолбут, кинилэр ааттарын үйэтитэргэ араас үлэни ыыта сылдьар эдьиийдии-ба­­лыстыы Зоя, Мария  Петровналарга маннык баай ис хоһоонноох, бииртэн биир ураты сонуннаах, сэргэх  көрсүһүүнү тэрийбиттэригэр махтал бастыҥ тыллара этилиннилэр. Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар саҥа салон өссө да сонун бырайыактарынан, соһуччу булумньуларынан дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллын. Чахчыта да, урут биирдиилээн ыал маннык салоннарыттан саҕаланан, чыпчаал айымньылар айылыннахтара. Чахчыта да, дьиэ сылаас тыыныгар бигэтэн, истиҥник сэһэргэһэн, хас биирдиибит туох эрэ саҥаны билэн, өй-санаа өттүнэн байан тарҕастахпыт. 

Алампа уонна Пушкин айар үлэлэрин сэҥээрээччи Агафья: «Мария Петровна норуодунай суруйааччыбытын кытары биир санаанан олорбуттарынан, сүрэҕэ-быара батарбакка, маннык тэрээһини куорат үрдүнэн бастакынан тэрийдэ. Бу – ­эдьиийдии-балыстыы кыргыттар саха бэйиэттэригэр сүгүрүйэллэрин туоһута”, – диэн социальнай ситимнэринэн санаатын үл­­лэстибитэ дьиэтээҕи салон тэриллибитин сэҥээрээччи элбэҕин кэрэһилиир.

«Саха сирэ», edersaas.ru Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ.

Ааптар хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0