Өнөрдөр оскуола туруорсаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов улууска  уустук боппуруостардаах нэһилиэктэргэ улахан болҕомтотун уурар. 


Ол курдук, Уус Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгэр 1968 сыллаахха тутуллубут икки мэндиэмэннээх оскуола эргэрэн, эмэҕирэн, саахалланар турукка киирбит. Итинник кыһалҕа үөскээн  оҕолор мастарыскыайынан, спортсааланан, исписэлиистэр олорбут уопсай дьиэлэринэн кыбыллан үөрэммиттэрэ номнуо биэс сыл буолбут. Кып-кыараҕас тренердэр хосторугар кылаас оҥостон үөрэнэллэрин көрөн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ улаханнык соһуйда, бэркиһээтэ даҕаны.

Алтыс кылаас үөрэнээччитэ Миша Лукачевскай ситэриилээх былаас бэрэстэбиитэллэригэр туһаайан: «Биһиги хайдах усулуобуйаҕа үөрэнэ олорорбутун илэ көрөн итэҕэйдигит. Онон, баһаалыста, биһиэхэ ыраас, сырдык, киэҥ оскуолаҕа үөрэнэрбитигэр көмөлөһүҥ, усулуобуйата тэрийиҥ», — диэн ис сүрэҕиттэн улаханнык долгуйан туран көрдөстө.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0