Быйыл олунньуга ыытыллар 67-с Берлиннээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Саха сирин кинематографистарын үлэлэрэ көрдөрүллүөхтэрэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
“Берлиналеҕа” хотугу төрүт норуоттар олохторугар анаммыт NATIVe бырагыраамата икки сылга биирдэ буолар. 2017 сыл олунньу 10 – 19 күннэригэр ыытыллар куонкурсу таһынан бырагыраамаҕа Арассыыйаттан кыттар түөрт хартыынаттан үһэ — Саха сирин кинематографистара Сергей Потапов, Прокопий Ноговицын, Михаил Барынин үлэлэрэ: “Дьөһөгөй Айыы” (“Бог Дьосогой”), “Оҕо куйуурдуу турара” (“Мальчик и озеро”), “24 снега” Европа көрөөччүлэрин дьүүлүгэр аан бастаан тахсыаҕа. Бырагыраамаҕа Арассыыйаны сэргэ АХШ, Канада, Финляндия, Гренландия, Швеция уонна Германия киинэлэрэ көрдөрүллүөхтэрэ. NATIVe иитинэн киинэлэри дьүүллэһиилэр, хотугу төрүт олохтоох норуоттар тыын боппуруостарыгар – климат уларыйыытыгар, экологияны чөл хаалларыыга, ураты култуураларын харыстааһыҥҥа — анаммыт кэпсэтиилэр, санаа үллэстиилэрэ буолуохтара.
Бүгүн Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицыны көрсөн “Оҕо куйуурдуу турара” киинэтин оҕо саастара сэрии ыар сылларыгар ааспыт, балыктаан харах таһаарынан, тыын өллөйдөһөн киһи-хара буолбут аҕа көлүөнэҕэ анаабытын биллим.
Прокопий Ноговицын, педагог, кыраайы үөрэтээччи, “Оҕо куйуурдуу турара “ кылгас киинэ сценариһа, режиссера (Хаҥалас улууһа):
—Киинэбитин 2003 сыллаахха классик суруйааччыбыт Былатыан Ойуунускай айымньытыгар олоҕуран, оччолорого култуура миниистирэ Андрей Борисов өйөбүлүнэн, устубуппут.
“Сахафильм” хампаанньа (дириэктэр Степан Сивцев — Доллу) саҥа аппаратуратын уларсыбыта. Бу Юрий Бережнев оператор быһыытынан биир бастакы үлэтэ. Технигинэн Эдуард Новиков, худуоһунньугунан Станислав Хабаров үлэлээбиттэрэ.
Сүрүн оруолга Ой орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Слава Титов оонньообута. Маассабай сценаларга Нөмүгү, Уулаах Аан сылгыһыттара уһуллубуттара.
Ойунан, Тойон Арыынан, Эркээнинэн сылдьан, барыта үс ый курдук үлэлээбиппит, муус устарга Өлүөнэ эбэҕэ балаакканан хоно сытан устубуппут. Онно ойбон алларыытыгар оҕо сааһым доҕоро Валентин Александров көмөлөһөн абыраабыта. Кэлин, хаар ууллан, Маалтааныга тыаҕа тахсан үлэбитин салҕаабыппыт.
Хартыынабыт жанрын анаарыы диэххэ сөбө буолуо, Ийэ айылҕаны, киһи олоҕун саха хараҕынан көрдөрүү. Ити үлэбитинэн саха киинэтин суола бу эбит диэн итэҕэппиппит быһыылааҕа. Манна кэккэ новатор арыйыылар туттуллубуттара. Холобура, хас да эргиирдээх уһулууну биллэр-көстөр оператордар хайҕаан тураллар.
Онон “Оҕо куйуурдуу турара” саха киинэтин сайдыытыгар суолу тэлбит хартыыналартан биирдэстэринэн буолар диэтэхпинэ, улаханнык сыыспатым буолуо. Мантан эр ылан, кэлиҥҥи киинэлэрбитин пленкаҕа уонна 3D формакка уһулар буолбуппут. Олортон сорохторо А. Тарковскай аатынан уонна норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бириэмийэлэринэн бэлиэтэммиттэрэ.
“Оҕо куйуурдуу турарын” Андрей Борисов, Михаил Николаев, Никита Соломонов, Сиэн Өкөр, Харысхал, Суорун Омоллоон, Егор Андросов биир бастакынан көрбүттэрэ, сүрдээҕин сэҥээрбиттэрэ. Андрей Саввич 2005 сыллаахха Японияҕа ЭКСПО-ҕа илдьэ сылдьыбыта. Киинэбитин дьоппуоннар, балыксыт хааннара тардан, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сэргээн көрөллөр, уонна хайаан да кэпсэтэн, махтанан, астыммыттарын биллэрэн бараллар диэн кэпсээн кэлбитэ.
Саха кинематографистарын доҕордоро кириитик Сергей Анашкин көҕүлээһининэн “Оҕо куйуурдуу турара” хас да норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ, Бангладешка тиийэ, куонкурсу таһынан кыттыбыта, биһирэммитэ. Алексей уонна Екатерина Романовтар эмиэ араас бэстибээллэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ илдьэ сылдьыбыттара, былырыын Канадаҕа таһааран көрдөрбүттэрэ.
Бу киинэбитин ордук кырдьаҕас дьоммут сөбүлүүллэр, сүрэхтэригэр чугастык ылыналлар эбит. Доҕорум режиссер Николай Ермолаев, Намҥа олорор ийэм күн аайы “Оҕо куйуурдуу турарын” холбоон көрөр диэн кэпсээбиттээҕэ.
Түгэнинэн туһанан, саха киинэтигэр улахан хамсааһыны таһаарбыт продюсер, NATIVe консультана, Олоҥхо тыйаатырын тас дойдулары кытта үлэҕэ салаатын салайааччыта Сардаана Саввинаҕа биир бастакы үлэбитин, “Оҕо куйуурдуу турарын”, кыраҕы хараҕынан булан көрөн, болҕомтотун ууран “Берлинале” курдук аан дойду биир бастыҥ киинэ бэстибээлин бырагырааматыгар киллэртэрбитигэр улахан махталбын этэбин.
Манна даҕатан эттэххэ
Берлиннээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ (67th Berlin International Film Festival) 1951 сыллаахтан тэриллэн ыытыллар. Онно, ортотунан, 350 киинэ көрөөччү дьүүлүгэр таһаарыллар, олору 150 тыһыынча киһи көрөр.
Быйылгы “Берлинале” олунньу 9 – 19 күннэригэр Германия киин куоратыгар буолар.
Режиссер Прокопий Ноговицын киинэлэрэ:
- «Кээрэкээн», 2002 с. – П. Ойуунускай айымньытынан номох;
- «Оҕо куйуурдуу турара», 2003 с., — «Сахафильм» киинэ-хампаанньаны кытта кыттыгас киинэ. «Экспо- 2005» быыстапка (Саппоро, Япония), «Кино-Шок» (Анапа), «Меридианы Тихого океана» (Владивосток), «Северная ветвь Азиатского кино» (Салехард) киинэ бэстибээллэр кыттыылаахтара;
- «Өйдөөх оҕо», 2005 с., — П. Ойуунускай айымньытынан номох. «Полюс Кино — 2006» (Дьокуускай) өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ бэстибээлин кыайыылааҕа;
- «Буор кут», 2007 с., – Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Николаев М.Е. оҕо сааһын туһунан номох. Москваҕа, Санкт-Петербурга көрдөрүллүбүтэ, «Кино Арктики — 2011» (Дьокуускай) киинэ бэстибээлин Гран-при хаһаайына;
- «Доҕор сүппүт», 2008 с., — “Саха” НКИХ кылгас киинэлэргэ бэстибээлин “Бастыҥ оруол” номинациятын кыайыылааҕа;
- «Арчылаан оҕонньор», 2008 с., — анимация остуоруйа-киинэ.
- «Старушка Таал—Таал», 2009 с., — «Сахафильм» киинэ-хампаанньаны кытта кыттыгас киинэ.
- «Утум», 2009 с., — Г.В. Ксенофонтов оҕо сааһын туһунан номох-киинэ. «Тайны Якутии» (Андрей И студията) өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар, бэстибээллэр кыайыылаахтара, Арсений уонна Андрей Тарковскайдар норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээллэрин (Киев, 2012) Гран-при хаһаайына
- “Ийэ кут”, 2012 с.
- “Мас ат», 2012 с., – Бангладештааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин лауреата (Дакка, 2014).
Хаартыскаҕа: “Оҕо куйуурдуу турара” киинэ каадырдара.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru