Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин “БЭДЭР” аҕалар сэбиэттэрин көҕүлээһининэн, нэһилиэк дьаһалтатын өйөбүлүнэн 100 туонна мууһу бэлэмнээн түҥэттилэр.
Баччаларга сыллата тыа сирин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр — муус ылыытын, хаһааныытын үгэнэ. Нөмүгү көхтөөх дьоно нэһилиэк олохтоохторугар муус хостоон түҥэтэр буолбуттара ырааппыт. “Нэһилиэнньэҕэ муус хостоон түҥэтии аахсыйата биһиэхэ быйыл 11-с сылын тэрилиннэ. Бу үтүө үгэһи Кузьма Кузьмич Острельдин бэрэссэдээтэллээх “БЭДЭР” аҕалар сэбиэттэрэ олохтообута. Кэлин нэһилиэк дьаһалтата болҕомтоҕо ылан, өйөөн, таһымын улаатыннарбыппыт. Быйылгы тэрээһини Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анааммыт 100 туонна мууһу таһаардыбыт.
Бу хамсааһынынан бастатан туран, уолаттары өбүгэ үгэһигэр уһуйар, үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха үөрэтэр соруктаахпыт. Мууһунан аҕа саастаахтары таһынан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону, соҕотох ийэлэри эмиэ хааччыйабыт, босхо кыстыыр муустарын таһааран биэрэбит. Муус кээмэйэ дьиэ кэргэн төһө элбэх киһилээҕиттэн тутулуктаах.
Быйыл тэрээһиҥҥэ уонтан лаппа тахса киһи кытынна, икки тыраахтар, икки массыына сыһыарылынна. Уопсайа түөрт уонча ыалга кыстыыр муустарын түҥэттибит”, — диэн Нөмүгү нэһилиэгин баһылыга Наум Устинов иһитиннэрдэ.
Субуотунньугунан мууһунан хааччыйыыны сыллата улаатыннаран иһэллэрин ыйар. Ол курдук, хас даҕаны сыл устата 15 ыалга муус түҥэппит эбит буоллахтарына, былырыын 30-тан тахса ыал кыстыыр мууһун таһаарбыттар. Инникитин аахсыйаны өссө улаатыннарар былааннаахтар.
Итини таһынан, урукку сылларга Ньукуолуҥҥа ытык кырдьаҕастары кус, собо миининэн, арыылаах алаадьынан күндүлүүр, сандалы тула олордон ыллыктаах тылларын истэр, оһуохайдыыр, үбүлүөйдээх дьоҥҥо бэлэхтэри туттарар эбиттэр. Коронавирус дьаҥа саҕаланыаҕыттан кустары дьиэлэригэр түҥэтэлиир буолбуттар.
Аҕалар сэбиэттэрин көҕүлээһининэн оскуола оҕолорун кытта собо үөскэтэллэр, муҥхалыыллар эбит. Быйыл тустаах тэрээһини дьаҥынан сибээстээн көтүппүттэр. Нөмүгүлэр үүнэр көлүөнэни иитиигэ, соҕотох, кыаммат дьоҥҥо, бэтэрээннэргэ аналлаах мантан да атын тэрээһиннэрэ, аахсыйалара үгүс эбит. Бу буолар кырдьаҕаска, кыаммакка болҕомто, үүнэр ыччаты бэйэ холобурунан иитии.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru