Айыы сырала түспүт 1935 сыл кулун тутар 1 күнэ Ньурба Таркаайытын Оргуллааҕар олохтоох Миитэрэй уонна Балбаара Уткиннарга ураты дьылҕалаах уол оҕону бэлэх ууммута. Силиппиэн диэн ааттаабыттара. Мутук тостор томороон тымныыта сатыылаабыт 2016 сыл тохсунньу 1 күнэ ол оҕону оҕонньор буолан 80 сааһын туолбутугар аньыылаах-харалаах бу сиртэн илдьэ барбыта…
edersaas.ru
Үтүө эркиннээх киһи
Мин Ксенофонт Дмитриевиһи кытары 50 сыл устата алтыспыт эбиппин. Онон санаабын бу сурукка тиһэн эрдэҕим. Бэйи саас-сааһынан кэпсиим дуу… 1966 сыл. Мин 10-с кылаас үөрэнээччитэ Марха амбулаториятыгар күөмэйбин көрдөрөөрү уочараттаан олоробун. Аан аһыллыбытыгар куп-кубаҕай, дьүдьэх көрүҥнээх отуччалаах киһи киирэн кэлбитэ. Миэстэбин тура охсон биэрдим. — Баһыыба! Ким оҕотоҕунуй? — Муостаахап Егор Егорович кыыһабын. — Хайа, бэйэлээх бэйэм балтым эбиккин дии! Мин эбэм Даарыйа уонна эн эбэҥ Тииһэ суох Агааппыйа бииргэ төрөөбүт аҕас-балыстыылар. Билсэн кэбиһиэх, мин убайыҥ Уткин Ксенофонт Дмитриевич диэммин, — диэбитэ. Дьэ ити кэмтэн ыла Ксенофонт Дмитриевич биһиэхэ күн аайы эбиэттии кэлэр буолбута. Мин аҕыйах ыстатыйаны оройуон хаһыатыгар суруйбуппун сэргээн, суруйааччылар, уус-уран айымньылар тустарынан кэпсиирэ.
Төһө даҕаны 21 сааһыгар инбэлиит буоллар, кулуупка бибилэтиэкэринэн, сэбиэдиссэйинэн, онтон Киирэп сэбиэтигэр бэрэссэдээтэлинэн, кэлин нэһилиэк, оройуон, өрөспүүбүлүкэ таһымнарыгар эппиэттээх дуоһунаска үлэлээбитэ. Тугу оҥорбута-туппута оччолортон уос номоҕо буолбута. «Ууккун Киирэп кулуубугар Ленин оҕо эрдэҕинээҕитин арыылаах кыраасканан ойуулаабыт», «Мархаҕа Гоголь «Ревизорун» сыанаҕа оонньоппут», «фокус көрдөрбүт, гипнозтаан дьону утуппут» о.д.а. диэн сурахтар дьону-сэргэни биһирэтэллэрэ. Ленин мэтириэтин Ксенофонт хайдах ойуулаабытын көрөөрү, Аканаттан тырахтарыыс Николай Петров-Буруулгун саас, уу-хаар саҕана, атынан кэлэн көрөн сөхпүтэ-махтайбыта үһү. Буруулгун бэйэтэ эмиэ айылҕаттан дьоҕурдаах киһи ити кэмтэн ыла Уткинныын доҕордоһон, кэлин селькор бэрдэ буолан тыыллан-хабыллан тахсыбыта. Сахаҕа «үтүө эркиннээх» диэн өйдөбүл баар. Ксенофонт Уткин оннук киһи этэ. Киниэхэ сыстыбыт, эҥээрдэспит эдэр дьон бары сырдыкка, кэрэҕэ тардыстан, үтүөкэн салайааччы, үлэһит буолбуттара.
Норуот муудараһыгар тирэҕирэн — наукаҕа
Аҕалаах ийэтэ 19 саастааҕар утуу-субуу өлөннөр, 18 саастаах кииринньэҥ балта Августалыын, оскуолаҕа киирэ илик балтылара Таанньалыын, Марфалыын күн сиригэр кимэ да суох хаалбыттара. Онон, Ксенофонт Москванан, Ленинградынан үөрэнэ барар дьолтон маппыта. Ол эрээри, ити сыллара киниэхэ олох университета буолбуттар эбит. Эдэр сааһыттан кырдьаҕастары, олоҕу-дьаһаҕы, үгэһи, сиэри-туому, норуот оҕону иитэр ньымаларын сиһилии үөрэппитэ, чинчийбитэ. Саха өркөн өйүн, үйэлэр тухары мунньуммут баай тылын-өһүн, норуотун устуоруйатын билэргэ ити сыллартан таласпыта. Ол барыта урукку үйэлэр кирбиилэригэр олорбут бөлүһүөктэр, суруйааччылар, устуоруктар үлэлэрин хасыһан, сайдыы муҥутуур чыпчаалыгар тахсарыгар төһүү буолбута. Төһөнөн ити эйгэҕэ дириҥник киирэр да, соччонон сөҕөрө-махтайара, төрөөбүт норуотун муудараһыгар сүгүрүйэрэ, киэн туттара дириҥээн испитэ. Сата уустарын уратыларыгар олоҕурбут научнай үлэтин көмүскээн, 1994 сыллаахха историческай наука хандьыдаата буолбута. 1999 сыллаахха философскай наука дуоктара буолбутугар улахан учуутала, бэрэпиэссэр Ф.Г. Сафроновка махтанара.
Олохтон ылбыт билиитэ кинини сааһын тухары арыаллаабыта, үрдүккэ таһаарбыта. Саха оҕону иитэр-үөрэтэр ньымаларын туһунан научнай үлэтэ киэҥ биһирэбили ылбыта. Этнопедагог Константин Чиряев туһунан «Түмүктээх айан» кинигэтэ уо.д.а. суруйуулара кини педагогикаҕа дириҥник үлэлээбитин туоһулууллар. Дэлэҕэ Арассыыйа уһулуччулаах этнопедагога Волков «Ксенофонт Уткин — выдающийся педагог 21 века» диэ дуо!?
1970 сыллаахха «Норуоттар доҕордоһуулара» мусуойу төрүттүөҕүттэн Ньурба 1 №-дээх оскуолатыгар «Мусуой күннэрин» ыытан үөрэнээччилэри кытта үлэлээбитэ. Кэлин ХИФУ-га, СГТХА-ҕа таһаарыылаахтык үлэлээн, педагог буолар эдэр сааһын ыратын олоххо киллэрбитэ.
Ыһыаҕы саҥа тыыннаабыта
Дьиҥнээх саха киһитинии биир да мүнүүтэни халтайга ыыппат дьикти үлэһит этэ. Үгүс талаанын, дьарыгын киһи кыайан аахпат. Олоҕун 60 сылын култуура эйгэтигэр анаан, Ньурбаҕа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ ыһыахтары саҥалыы тыыннаабыта. Түөрт мусуойу (Ньурбаҕа Норуоттар доҕордоһууларын мусуойун, Дьокуускайга Хомус аан дойдутааҕы мусуойун, Меценаттар уонна СӨ хомуньуустарын мусуойун) тэрийбитэ. Кини аата Норуоттар доҕордоһууларын мусуойугар уонна үөрэммит Мархатын оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
Туохха сыстар да барытыгар үтүө түмүктэрдээҕэ сөхтөрөр. Холобур, бэйиэт быһыытынан кинини литературнай критик В.Г.Окорокова «Уйан кутум утаҕын кэлэр кэмҥэ уунуоҕум…» кинигэтигэр (Дьокуускай, 2015 с.) үрдүктүк сыаналаабыта. Кини поэзиятын Семен Руфов, Рафаэль Баҕатаайыскай, В.Т.Сивцев, Н.Н. Тобуруокап, Борис Попов, П.В.Максимова, Т.Н.Васильева уо.д.а. кэрэхсээн ырыппыттара. Кини хоһоонноругар Афанасий Моргусов, Егор Поликарпов, Валерий Платонов, Алексей Калининскай, Инга Еремеева, Надя Захарова ырыа айбыттара.
Дьоһун билинии
Ксенофонт Дмитриевиһи учуонай быһыытынан Саха сиригэр, Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, Европаҕа кытта билиннилэр. Наука уонна үөрэхтээһин сайдыытыгар киллэрбит улахан кылаата сыаналанан, 2013-2014 сылларга субуруччу икки улахан наҕарааданан: «LABORE ET SCIENTIA — ТРУДОМ И ЗНАНИЕМ» норуоттар икки ардыларынааҕы уордьанынан уонна Вильгельм Лейбниц (Wilhelm Leibniz) аатынан мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. 2015 сыллаахха сайын Арассыыйа Естественнэй наукаларга академиятыттан үс уордьан кэлэн үөрдүбүтэ.
Ким Дьячковскай-Анаарар доҕорун туһунан өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр өртөн суруйар. «Саха киэн туттар дьоно» диэн сиэрийэҕэ «Уткин Ксенофонт Дмитриевич» кинигэни бэлэмнээбитин Ксенофонт Дмитриевич тыыннааҕар, үлэм сыаналанна диэн махтанан барбыта. Ол кинигэ сотору тахсар буолуохтаах. Мин Анаарары биһиги кэммит уткиноведынан ааҕабын. Биирдэ миэхэ наһаа үчүгэй сэргэҕэ сиргэ тиийэ намылыйбыт сиэллээх кутуруктаах үүт маҥан ат баайыллан турарын түһээбитин кэпсээбитэ. Сирэйэ-хараҕа сырдаан олорон, сотору айанныахтааҕар бэлиэ кэлбитин таайтара эппитэ. Олоҕун устата аргыстаспыт ыарыыта хам ылан сытара элбээбитэ, истибэт буолбута. Ол да буоллар, «Олоҕум оҥкуллара» диэн тэттик кинигэтин уонна айар үлэтин хомуурунньугун 16 туомугар киирбит «Олох тыына» диэн бэйэтин туһунан эссе-сэһэни суруйбута. «Древние арийские истоки предков саха», «Туманнаах долгун» (хоһооннор хомуурунньуктара), «Якутская мудрость в свете древних учений Востока» диэн кинигэлэри таһаартарбыта. Дьэ, эппитин этириэс толорор, олоххо киллэрэр, тимир дьулуурдаах киһи этэ.
Биэс саастааҕар сүтэрбит ийэтин өрүү уйаҕастык ахтара. Түһээтэҕинэ ийэтэ үс мүнүүтэ устата хоонньугар наһаа үчүгэйдик сытыарбытын туһунан кыыһыгар кэпсээбит. Ол кэнниттэн үс хонугунан бу дойдуттан арахсыбыта…
Дьоҥҥо үтүөнү баҕарбыт, үлэни өрө туппут буолан сирдээҕи олох ыарахаттара кинини сиппэтэхтэрэ: олоҕун толору олорбута, норуотугар сулууспалыыр аналын чиэстээхтик толорбута. Тус олоҕор эмиэ кэскиллээх: түөрт оҕо аҕата, тоҕус сиэн, хас да хос сиэн эһэлэрэ. Кэргэнэ Марфа Александровна: «50 сыл устата эйигин кытта олордум да, биир куһаҕан тылы истибэтим», — диэбитин хата, кэргэммин хомоппотох эбиппин диэн үөрэ ахтааччы. Оҕолоро, сиэннэрэ дьон бөҕө буолан тыыллан-хабыллан туруохтара.
Дьокуускайтан Евдокия Мостахова-Николаева, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна, «Кыһыл көмүс бөрүө» бириэмийэ лауреата. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru