1937 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр Москва Щелковскай аэродромуттан (билиҥҥи Чкаловскай) Сэбиэскэй Сойуус бастакы дьоруойдарыттан биирдэстэрэ, аатырбыт полярнай лүөччүк Сигизмунд Леваневскай хамандыырдаах Н-209 сөмөлүөт көлүөһэлэрин сиртэн баҕарбатахтыы арааран, уһун кыһыл кынаттарын сараппытынан салгыҥҥа дайан тахсыбыта уонна лүҥкүрбүт былыттар быыстарыгар киирэн сүппүтэ. Арай түөрт мотуорун ньиргиэрэ халлаан саҕатыгар охсуллан өргө диэри иһиллибитэ. Онтон ыла Хотугу байҕалынан АХШ Фэрбенкс куоратыгар (Аляска) тиийиэхтээх сөмөлүөт алта киһилээх экипаһын дьылҕата күн бүгүнүгэр диэри биллибэт.
Леваневскай тиһэх көтүүтэ
Леваневскай Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар Хотугу байҕалынан көтүүгэ бу иккис холонуута этэ. 1935 сыллаахха авиаконструктор Туполев АНТ-25 сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн, арыыта тэстэр диэн, Баренцево муораттан төннөн кэлбитэ. Сталины кытта көрсүһүүгэ буруйу барытын Туполевка түһэрбитэ, кини аалларынан аны хаһан да көтүө суох буолбута. Инники түһэн эттэххэ, эмиэ 1937 сыллаахха АНТ-25 сөмөлүөтүнэн Чкалов, Байдуков, Беляков Арктиканан Ванкуверга, оттон Громов экипаһа Калифорния Сан-Джасинтотыгар тиийтэлээбиттэрэ. Хотугу байҕалы туорууругар Леваневскай ол кэмҥэ боруобалааһыны саҥа бара сылдьар ДБ-А сөмөлүөтү талбыта. Кини быһаарыытын бу ыарахан бомбардировщик конструктора Болховитинов кытары сөбүлээбэтэҕэ.
Атырдьах ыйын 13 күнүгэр Москва бириэмэтинэн 17 чаас 58 мүнүүтэҕэ Леваневскай хотугу полюһунан көтөн иһэллэрин, биир мотуордара аккаастаабытын туһунан биллэрбитэ. Н-209 тиһэх радиограмматын сороҕун Шмидт тумулугар истибиттэрэ. Дьокуускайдааҕы радиостанция салайааччыта Федор Пилясов атырдьах ыйын 13 күнүгэр “Правый крайний вышел из строя… иду на двух…пришлось снизиться…впереди вижу ледяные горы…” диэн радиограмманы эмиэ туппута. Ол кэнниттэн сөмөлүөтү кытта сибээс быстыбыта.
Нөҥүө күнүттэн ССРС-ка уонна АХШ-ка быыһыыр-көрдүүр үлэ саҕаламмыта. Аан дойду бары радиолюбителлэрэ эфиры истэ сатаабыттара эрээри, ол туох да түмүгү биэрбэтэҕэ. Биир сыл буолан баран сөмөлүөтү көрдөөһүн тохтотуллубута…
Кэлин Леваневскай сөмөлүөтүн саахалланыытын кытта сибээстээх бииртэн биир киһи үөйбэтэх араас сабаҕалааһыннара оҥоһуллубуттара. Н-209-һу бэл Саха сиригэр кытта кытта кэлэн көрдүү сылдьыбыттаахтара.
“Попов дуоската” ханнаный?
1965 сыллаахха Е. Попов хамандыырдаах бөртөлүөт экипаһа Кэбээйи улууһугар, Сэбээн Күөл таһыгар суруктаах эргэ хаптаһыны булбута. Онно лүөччүктэр «Здесь 13 августа 1937 года в результате катастрофы самолета «Н-209» погиб экипаж…Леваневский…» диэни бэрт нэһиилэ аахпыттара. Ити булумньу туһунан киин бэчээт киэҥник сырдаппыта. Ол кэнниттэн уонча сыл буолан баран, 1982 уонна 1986 сыллардаахха, «Советская Россия” хаһыат көрдүүр экспедицията Сэбээн Күөлгэ кэлэн үлэлээбитэ. Сэлиэнньэ кырдьаҕастара урут сөмөлүөт үлтүркэйин көрбүттэрин, лүөччүктэр өлүктэрэ көстүбүттэрин туһунан кэпсээбиттэрэ. Экспедиция кыттыылаахтара “Попов дуоскатын” булбатахтара. Ол эрээри ол суругу кырдьаҕас эбээннэри сэргэ геологтар кытта көрбүттэрин билбиттэрэ итиэннэ “Попов дуоската” Сиэгэн Күөл аттыгар 1940 сыллаахха Н-263 сөмөлүөт сууллубут сиригэр туруоруллубут өйдөбүнньүк дуоскаттан атын буоларын быһаарбыттара. Онон Н-209 кистэлэҥэ арыллыахтааҕар эбиллэн биэрбитэ — “Попов дуоскатыгар” туох туһунан суруллубута уонна ону ким, хаһан туруорбута өссө биир таайыллыбат таабырыҥҥа кубулуйбута. Арай, биир сүрүн сорук ситиһиллибитэ – Н-209 Сэбээн Күөл аттыгар саахалламматаҕа быһаарыллыбыта. Ону сэргэ экспедиция кыттыылаахтара күөл түгэҕэр сөмөлүөт сытарын туһунан кэпсээн усках буоларын дакаастаабыттара.
Попов 1965 сыллаахха көрбүт дуоскатын туһунан кэлин туох да иһитиннэрии суох. Оттон ол дуоска чахчы баар буола сылдьыбытыгар билигин ким да саарбахтаабат. Баҕар, хайа эмэ улуус кыраайы үөрэтэр мусуойугар баара, биитэр ханна эмэ олохтоох авиация устуоруйатыгар анаан мунньуллубут тээбириннэри кытта сытара буолаарай?
Леваневскай Саха сиринэн кэлэн ааспыттааҕа
Н-209 сөмөлүөтү көрдөөччүлэр ол кэмҥэ Леваневскай түһэн ааспыт сиригэр өйдөбүнньүк бэлиэлэри хаалларар үгэстээҕин болҕомтоҕо ылбатахтара. Ол туһунан Леваневскай бэйэтэ 1935 сыллаахха тахсыбыт “Моя стихия” брошюратыгар суруйан хаалларбыт эбит. Ити чахчыны Леваневскай олоҕун үөрэппит Ю. Сальников “Жизнь, отданная Арктике” кинигэтигэр эмиэ бигэргэтэр. Оччотугар Сэбээн Күөл таһыгар 30-с сыллар саҕаланыыларыгар Леваневскай сылдьыбатаҕа дуо диэн ыйытыы күөрэйэн тахсар. Бу сабаҕалааһыны аан бастаан Санкт-Петербуртан филологическай наука хандьыдаата Алексей Бурыкин оҥорбута. Кини быһаарбытынан, Леваневскай Саха сиригэр кырата иккитэ кэлэн барбыт: 1933 сыллаахха Н-8 («Дорнье-Валь») амфибия-сөмөлүөтүнэн Тиксии-Эдьигээн-Дьокуускай маршрутунан Иркутскайга көппүт уонна 1936 сыл атырдьах ыйыгар «Уолти-1-А» сөмөлүөтүнэн Лос-Анджелестан Москвалаан иһэн.
Н-8 сөмөлүөт түөрт киһилээҕэ биллэр: хамандыыр – Сигизмунд Леваневскай, штурман – Виктор Левченко, уонна икки бортмеханик – Борис Моторин, Борис Крутскай. Е.Попов булбут дуоскатыгар түөрт-биэс киһи ыйыллыбыт этэ, биирдэстэрин араспаанньата “-скай” диэнинэн бүтэрэ диэн ахтар. Оччотугар “Попов дуоскатыгар” Н-8 сөмөлүөт экипаһа ахтыллыбатаҕа буолуо диэн өссө биир ыйытыы күөрэйэн тахсар. Ол эрээри, баар докумуоннарга ыйылларынан, Н-8 мотуора номнуо эргэрэн, уларытыыга наадыйара, ол иһин Леваневскай Иркутскайга тиэтэйэрэ, онон 1933 сыллаахха Сэбээн Күөлгэ таарыйбатах буолуохтаах.
Н-208 дуу, Н-209 дуу?
Чинчийээччилэр кэлин быһаарбыттарынан, Леваневскай 1936 сыллаахха АХШ-тан кэлэн ааспыт «Уолти -1-А» аалыгар ССРС полярнай авиациятынан Н-208 нүөмэр иҥэриллибит. Оттон, биһиги билэрбитинэн, кини тиһэх көтүүтүн Н-209 оҥорбута.
Полярнай лүөччүк М. Козлов суруйарынан, Леваневскай 1936 сыл атырдьах ыйын 28-гар күн-дьыл туругуттан Булуҥунан Эдьигээни бэрт эрэйинэн булбут. 30 чыыһылаҕа Дьокуускайга көппүт эрээри, ардах балаһатыттан мэһэйдэтэн, Эдьигээҥҥэ төннөн кэлбит. Онон Красноярскайга балаҕан ыйын 1 күнүгэр эрэ тиийбит. Ол сырыытыгар Баатаҕай-Сангаар саҥа маршруту эмиэ үөрэппит буолуон сөп диэн сабаҕаланар. Трасса Сэбээн Күөлүнэн ааһар. Сэбээн Күөл бэйэтэ, кэнэҕэһин саппаас биитэр сүрүн гидроаэродром буолуон сөбүнэн, лүөччүктэр болҕомтолорун тарпыт буолуон.
Онон “Попов дуоската” Н-208 трассатыгар көстүбүтэ түбэһиэхчэ буолбатах быһыылаах. Леваневскай Америкаттан кэлбит аала ууга түһэр лаппыныахтаах этэ, онон Сэбээн Күөлгэ түһэн ааспыт да буолуон сөп. Красноярскайга тиийэн көлүөһэҕэ уларыттарбыттарын докумуоннар туоһулууллар.
Эр санаалаахтар ааттара умнуллубат
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр Хотугу байҕал тымныы будулҕанын сэлэйэ көппүт хорсун лүөччүктэр дьылҕалара аныгы кэм чинчийээччилэрин эмиэ долгутар. ХХI үйэ ыччаттарыгар эр санаа, Ийэ дойдуларыгар муҥура суох бэриниилээх буолуу холобурунан буолаллар.
Леваневскай сөмүлүөтэ сүтүүтүгэр билигин үс сүрүн сабаҕалааһын баар. Бастакыта, Н-209 Арктикаҕа, барыллаан ааҕыынан хотугулуу кэтирээһин 83 кыраадыһын диэки саахалламмыт буолуон сөп. Иккиһэ, сөмөлүөт Аляска аттыгар, Тетис уонна Спай арыылар оройуоннарыгар, түспүт. Ону эскимостар көрдөрүүлэрэ туоһулуур курдук. Үсүһэ, эмиэ Аляскаҕа, Брукс сис хайа эниэтигэр сууллубут диэн.
Билигин даҕаны дөрүн-дөрүн онтон-мантан Леваневскай сөмөлүөтэ көстүбүтүн туһунан иһитиннэриилэр тахсаллар. Хомойуох иһин, олортон биирдэстэрэ даҕаны бигэргэммэтэҕэ…