Дьокуускайга «Дети белого солнца» этно-мюзикл сүрэхтэннэ

11.11.2017
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 10 күнүгэр С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Национальнай тыйаатыр «Үрүҥ күн оҕолоро» («Дети Белого Солнца») этно-мюзикла ситиһиилээхтик турда. edersaas.ru

Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар буолбут музыкальнай-хореографическай этно-мюзиклы тыйаатыр Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 уонна Үҥкүү тыйаатыра тэриллибитэ 25 сылларыгар анаата.

Долгутуулаах көрдөрүү буолуон иннинэ сценаҕа ыраахтан кэлбит ыалдьыттар, ол эбэтэр этно-мюзиклга сүрэхтэрин, дууһаларын биэрэн үлэлээбит айар бөлөх ыҥырылынна.

Айар бөлөххө:

этно-мюзикл композитора – Арассыыйа композитордарын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, РФ уонна Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Рашид Калимуллин (Москва);

либретто ааптара уонна туруорааччы-хореограф – РСФСР искусствотын үтүөлээх деятелэ, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Георгий Ковтун (Санкт-Петербург);

туруорааччы-худуоһунньук – киин куораттар тыйаатырдарын эйгэтигэр киэҥник биллэр, оттон биһиэхэ «Куллустай Бэргэн» уонна «Манчаары» испэктээктэргэ үлэлээбит Олег Молчанов (Санкт-Петербург);

хормейстер – аан дойдутааҕы вокальнай-хоровой куонкурустар лауреаттара Светлана Смирнова (Одесса, Украина);

муусука аранжировщига – Ян Сырбу (Одесса, Украина);

муусуканы салайааччы – СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Николай Петров;

тыйаатыр уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Бессонова үлэлээтилэр.

Кинилэри СӨ култууратын миниистирэ Владимир Тихонов, тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Алексеев, Светлана Бессонова эҕэрдэлээтилэр.

Светлана Бессонова мюзикл сюжета сүрүн тюрколог-историктартан биирдэстэрэ, история наукатын доктора, профессор Анатолий Гоголев монографиятыгар олоҕурбутун бэлиэтээн туран, киниэхэ ис сүрэҕиттэн сүбэтин-аматын иһин махтанна.

Рашид Калимуллин:

«Мин бэйэм түүр омук сыдьаана буоларбынан, кинилэр историялара уонна дьылҕалара мэлдьи интэриэһиргэтэр, ол интэриэһиҥ сааһыран истэҕиҥ аайы өссө күүһүрэр. Онон, эһиги сүҥкэн айымньыгытыгар муусука суруйарга этии киллэрбиккитигэр тута сөбүлэспитим. Эһиги төһө да дойду тэбэр сүрэҕиттэн ыраах олорбуккут иһин, айар эйгэттэн, искусствоттан тэйбит курдук санаммаккыт. Саҥаттан-саҥа туруорууларга аһаҕас дууһалааххыт, бииргэ үлэлииргэ көхтөөххүт, сонун үлэлэргитигэр биллиилээх дьону ыҥыран үлэлэтэҕит. Үҥкүү тыйаатырыгар түмсүүлээх кэлэктииби кытары үлэлээбиппиттэн олус астынным. Бу холбоһуктаах үлэбитин хаһан да умнуохпут суоҕа», – диэн саха искусствотын сэргээччилэри ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.

Георгий Ковтун Үҥкүү тыйаатырын кытары сыл аҥаара курдук кэмҥэ бииргэ алтыспытын, күүстээх, тыҥааһыннаах үлэ кэнниттэн айар кэлэктиип «тыыннаах» хаалбытын, тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ саха искусствотын кэлэр кэскиллэрэ буолуохтарын бэлиэтээтэ.

Тыйаатыр саамай улахан бырайыага

Саха норуота күн таҥаратыгар – Үрүҥ Аар тойоҥҥо сүгүрүйэр, ол иһин сахалар бэйэлэрин Үрүҥ күн оҕолорунан ааҕыналлар. Этно-мюзиклга эдэркээн уоллаах-кыыс тапталларын нөҥүө саамай хотугу түүрдэр, саха норуотун бүтүн олоҕо көрдөрүлүннэ.

Тыйаатыр бу туруоруутунан көрөөччүнү саха омук  үгэстэригэр чугаһатар, билиитин өссө дириҥэтэр сыалын-соругун толордо. Ол курдук, икки аакталаах этно-мюзиклга саха норуота күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбит хомус, чабырҕах, тойук, оһуохай, сахалыы оонньуулар уо.д.а үгэстэрбит сатабыллаахтык туһанылыннылар. Көс биистэр атааннаһыылара, атаҕастабыл, муҥ-сор, үрүҥ уонна хара күүстэр охсуһуулара, хотторуу хомолтото, төрөөбүт буору булуу дьоллоох түгэннэрэ үҥкүүнэн, муусуканан доҕуһуолланан көрөөччү биир тыынынан көрөрүгэр көмөлөстүлэр. Дьоруойдар чаҕылхай көстүүмнэрэ, сценография,  артыыстар толоруулара түмүллэн, баай ис хоһоонноох, толору көстүүлээх сүҥкэн айымньы буолан таҕыста.

Көрөөччүлэр Татарстан, Москва, Санкт-Петербург уонна омук сирдэрин көрөөччүлэригэр саха норуотун култууратын, историятын билиһиннэрэр толору кыахтаах үлэ турбутун бэлиэтээтилэр.

ЫСПЫРААПКА:

Сүрүн оруолларга:

Күн таҥатарын – Анна Попова, Ийэ бөрөнү – Сааскылаана Аржакова, Аҕа бөрөнү – Сергей Алексеев, үрүҥ биистэр уолларын – Василий Эверстов, кыыстарын – Виолетта Ноговицына, Хара ойууну – Юрий Фёдоров, Хара ойуун уолун – Максим Степанов, Алгысчыты – Дмитрий Артемьев, кырдьаҕас оҕонньору – Владислав Попов, оҕону Тускулан Тарабукин уо.д.а. оонньоотулар.

Маассабай сценаларга СӨ норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев, Саха оркестрын, «Айар кут» этно-бөлөх артыыстара, «Саха сирин бриллианнара» оҕо үҥкүү ансаамбылын үҥкүүһүттэрэ, М.Жирков аатынан муусука колледжын устудьуоннара кытыннылар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Панкратий ПЕТРОВ түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0