Мындаҕаайыга саҥа оскуола тутуллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тыа сирин кэлимсэ сайыннарыы бырагырааматынан Чурапчы улууһугар Мындаҕаайыга саҥа оскуоланы тутуу саҕаланна.

Саҥа оскуола 120 миэстэлээх. Тутуу урукку оскуола миэстэтигэр ыытыллар. Оттон билигин 104 оҕо икки сиринэн үөрэнэллэр.
—Оскуола бастакы атаҕа тһэрилиннэ. 2023 сылга тутуу бүтүөхтээх. Оскуоланы тутууга быйыл федеральнай бүддьүөттэн 199 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэттэн икки мөл.тахса көрүллүбүтэ, — диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров.
Икки мэндиэмэннээх таас оскуола 2 530 кв. м. иэннээх буолар. Манна үөрэнэр кылаастар, 48 миэстэлээх остолобуой, аактабай, успуорт саалалара, бибилэтиэкэ, үлэ уруогун үөрэтэр сир, мэдиссиинэ блога, таҥас ыйыыр сир, куруһуоктары ыытар хостор былааннаналлар. Санатан эттэххэ, 1970 сыллааҕы мас тутуу хаарбах туруктааҕынан билиниллибитэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0