Мындаҕаайыга Дьоруойга пааматынньык туруордулар

15.10.2016
Бөлөххө киир:

Чурапчы Мындаҕаайытыгар Үлэ Дьоруойа Роман Константиновка анаан өйдөбүнньүк оҥоhулунна. Ааптар — Амма Сатаҕайын олохтооҕо, тимир ууһа Алексей Скрябин.

«Тимир илииһинэн оҥордубут. Тоҕус ый устата үлэлээтим. Эскиһин эмиэ бэйэм толкуйдаабытым. Дьоруой хаартыскатыттан көрөн сирэйин оҥорбутум, оттон уҥуоҕун уһунун, быһыытын-таһаатын Роман Константиновы бэйэтин кытта дьүөрэлии сатаатыбыт. Тимиринэн уһаммытым ыраатта. Бу иннинэ Сатаҕайга кулуннаах биэ пааматынньыгын оҥорбутум, эмиэ Үлэ Дьоруойа Тимофей Луукуҥҥа анаммыта«, — диэн Эдэр сааска кэпсээтэ.

«Роман Константинов сахалартан бастакынан Дьоруой аатын ылбыта. Оҕо сылдьан тулаайах хаалан, ыарахан, эриирдээх-мускуурдаах үлэни билбит. Колхуостары саҥа тэрийэллэрин саҕана сылгыны ууһатыахха наада диэн сөптөөх хайысханы көрбүтэ. 1931 сыллаахха сылгы хаһаайыстыбатын бастакынан тэрийбитэ», — диир Мындаҕаайы баһылыга Илья Николаев.

Дьоруой төрөөбүт күнүгэр (14.10.16) Мындаҕаайы ТХПК-ҕа ньирэй төрөөтө. Ньирэйи дьоруойу чиэстээн Героиня диэн ааттаатылар. 14724441_1705184246468545_5212002402223214490_n

Константинов Роман Иннокентьевич (14.10.1896—1994) — Фрунзе аатынан колхоз сылгыһыта, Саха Сириттэн бастакы Социалистическай Үлэ Геройа. 1896 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Боотур Уус улууһун Бастакы Болугур нэһилиэгэр (билиҥҥи Амма) бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.

  • 1933—1938 сс. — Константинов аатынан колхоз сылгыһыта.
  • 1938 сылтан — М. В. Фрунзе аатынан колхоз сылгыһыта, сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1948 сыл атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи Ыйааҕынан Константинов Роман Иннокентьевичка Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибит, Ленин уордьана уонна «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл сулус туттарыллыбыт.

  • 1949, 1958 сс. — Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин депутата.
  • Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар олорбут.
  • Социалистическай Үлэ Дьоруойа (1948),
  • Ленин уордьана (1948),
  • Ленин уордьана (1949).
  • Р. И. Константинов аата Чурапчы улууһун Амма орто оскуолатыгар иҥэриллибит (2003). Чурапчы улууһугар Констатинов аатынан бириэмийэ олохтоммут
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0