“Мүлдьү Бөҕөттөн” саҕаламмыт олоҥхоҕо айан

06.12.2020
Бөлөххө киир:

«… Оҕо сааһым дэриэбинэттэн үс биэрэстэлээх сиргэ, балаҕаҥҥа ааспыта. Сатыы сылдьар этим. Биирдэ оскуолаттан икки биэрэстэлээх сиргэ хаартан кинигэ төбөтө быга сытарын көрбүтүм. Ол Дмитрий Говоров «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхото буолбута.

Ону эһиилигэр, төрдүс кылааска үөрэнэрбэр, Марфа Борисова диэн орто саастаах, латыынныы билэр дьахтар үөрэтэн, чүмэчи уотугар солбуһа сылдьан аахпыппыт. Онон 1959 сыллаахха “Мүлдьү Бөҕө” олоҥхо оригиналын кытта билсибитим.

Семен Черноградскай.

Уон сыл буолан баран, аатырбыт артыыс Гавриил Колесов «Ньургун Боотур» олоҥхону толорбут быластыыҥкалара атыыламмыттара. Дьиэҕэ төрөппүттэрим суохтарыгар олоҥхо персонажтарын бары ырыаларын үтүктэрим, ону ким да билбэт этэ…”, — бу, «Сказительство в Сибири. Эпос олонхо в меняющемся мире» диэн Америка бэрэпиэссэрэ Робин Харрис 2017 сыллаахха таһаарбыт монографиятыгар Бороҕон олохтооҕо Семен  Черноградскай олоҥхоҕо хайдах кэлбитин туһунан кэпсээнин киллэрбититтэн быһа тардан билиһиннэрдибит.

Буор муосталаах балаҕаҥҥа

Спортсмен, учуутал, олоҥхоһут, оһуохайдьыт, тойуксут, ырыа-хоһоон айааччы, тутааччы, тириэньэр Семен Ильич Черноградскай Уус Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгэр Дьаҥсы диэн сиргэ соҕотох турар, буор муосталаах, көмүлүөк  оһохтоох балаҕаҥҥа күн сирин көрбүтэ. 18 бииргэ төрөөбүттэртэн үһүө буолан тыыннаах хаалбыттар… Оҕо эрдэҕиттэн ийэтэ хомуһу сыыйа тардарын, аҕата тойуктуурун уонна алгыырын истэ улааппыт. Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан хомус тарда турар хаартыската Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай мусуойугар баар эбит.  Алтыс-сэттис кылаастарга үөрэнэ сылдьан оһуохай таһаарара, онно оскуолатын оҕото барыта кыттара эбитэ үһү.

Кылаан бириис хаһаайына

2009 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи III Олоҥхо ыһыаҕа Бороҕоҥҥо ыытыллыбыта.

“… кырдьаҕас олоҥхоһуттар суохтара. Ол иһин Уус Алдан Култууратын киинин уус-­уран салайааччыта Елизавета Данилова олоҥхону толорооччуларга үс түһүмэхтээх куонкурус тэрийбитэ. Миигин онно хайаан да кыттарбар эппитэ, ол иһин киниэхэ улахан махталлаахпын. Куонкуруска кыайыылаах тахсаммын, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олоҥхону толорооччу оруолун итэҕэйбиттэрэ. Саха тыйаатырын уонна Сахациркэ артыыстарын кытта бииргэ Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээхтик аһыыга кыттыбыппыт. Испэктээк бүппүтүн кэннэ ытыктабыллаах бэрэпиэссэр, олоҥхону чинчийээччи Василий Васильевич Илларионов эҕэрдэлээбитэ уонна олоҥхоһут буоларбар баҕа санаатын эппитэ.

Тэрийээччилэр «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхону талбыттара дьикти этэ. Мин 60 саастааҕым, 1948 сыллаахха, олоҥхо ааптара Дмитрий Говоров кэнниттэн 100 сыл буолан баран төрөөбүппүн». (Эмиэ үөһээ ааттаммыт монографияттан).

Ыһыах сарсыныгар, олоҥхо персонажтарын күрэстэһиитигэр бастаан, Семен Черноградскай Уус Алдан улууһуттан бастакынан Олоҥхо ыһыаҕын Гран-при хаһаайына буолбута. Нэдиэлэ буолан баран, Ем.Ярославскай аатынан мусуой дириэктэрэ Егор Шишигин Дьокуускайга ыҥыран киллэрэн, Европаҕа биллиилээх киинэ устааччы Арий Эргис Магнуссон (Исландия) Саха сирин туһунан документальнай киинэтигэр олоҥхону толорооччу быһыытынан уһултарбыта. Ити сайын «Циркумполярная цивилизация в музеях мира: вчера, сегодня, завтра» диэн 17 судаарыстыба, 23 эрэгийиэн кыттыылаах ЮНЕСКО кэмпириэнсийэтэ Дьокуускайга ыытыллыбыта. Семен Ильич ити улахан тэрээһин култуурунай бырагырааматыгар кыттыбыта.

2010 сыллаахха IV Олоҥхо ыһыаҕар Горнай улууһугар олоҥхону толорооччулар күрэстэһиилэригэр Семен Черноградскай III миэстэ буолбута, онтон ыла ыһыахтары көтүппэт. Уус Алдаҥҥа олоҥхолуу олорор хаартыската Робин Харрис (АХШ, 2017) монографиятын таһыгар, Алдаҥҥа олоҥхолуур хаартыската Людмила Никанорова (Норвегия, 2018) докторскай диссертациятыгар бэчээттэммиттэрэ. Дойдутугар, Уус Алдаҥҥа «Нэһилиэктэринэн айан», «Тэрилтэлэринэн  олоҥхолооһун»; Дьокуускайга «Уруйдан, улуу олоҥхобут!», «Ыалларынан олоҥхолооһун» бырайыактар  көхтөөх  кыттыылаахтара.

Олоҥхону үс омук тылынан

2012 сыллаахха Туймаада ыһыаҕын оһуохайга күрэстэһиитигэр бастаан, «Дархан этээччи» аатын сүкпүтэ. “Оһуохай” уопсастыба 25 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар 14 Дархан этээччи күрэстэһиитигэр бочуоттаах  иккис миэстэҕэ тахсыбыта. 2011 сылтан “Оһуохай” уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Саха сирин 14 улууһугар “Оһуохай” филиалларын аспыта. Польшаҕа 26 оһуохайдьыты илдьэ баран (2014), Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ кытыннарбыта, Сербияҕа 16 оһуохайдьыты кытта (2017) Дунай өрүс кырдьаҕас кириэппэһин таһыгар саха Добун оһуохайын түһэрбиттэрэ.

Семен Ильич орто саастаах оскуола оҕолоругар аналлаах «Хопто Буурай аттаах Хапталдьын Баатыр» (2017) уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго «Ойор-тэбэр аттаах Оҕо Бочоох бухатыыр» (2017) диэн дьоҕус олоҥхолордоох. Ону толорбут Хатас, Дьокуускай, Нам, Уус Алдан оҕолоро кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэстилэр уонна бастаатылар.

Норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээлин 5 төгүллээх лауреата, ол иһигэр үс олоҥхону үс тылынан толорон, «Северная Радуга» (Майа, 2017), «Сохраняем традиции» (Петербург, 2019) бэстибээллэргэ I истиэпэннээх лауреат буолбута. Польшаҕа (2014) Варшава бэрэпиэссэрэ Ева Новицкая иннигэр сахалыы, нууччалыы, английскайдыы толорбута, Сербияҕа (2017) Европа сахаларын бастакы ыһыаҕар сербиялыы толорбута. «Бастыҥнардыын алтыспыт дьылҕам» кинигэтэ (2013) диискэҕэ нууччалыы, английскайдыы, французтуу, кытайдыы, дьоппуоннуу тылбаастанан, 16 дойдуга тиийдэ. Ырыа-хоһоон айааччы 9 кинигэлээх. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Учуутал, аатырбыт хайыһардьыт

Семен Ильич Черноградскай – СӨ үөрэҕириитин туйгуна. 25 сыл устуоруйа учууталынан үлэлээбитэ. Үөрэнээччилэриттэн кэлин наука дуоктардара, үтүөлээх үлэһиттэр, юстиция полковнига, учууталлар, учуонайдар, дьокутааттар үүнэн тахсыбыттара.

Хайыһарга Саха сирин 26 төгүллээх чөмпүйүөнэ. Бэтэрээннэргэ Арассыыйа II-III призера. Саха сирин спортивнай чиэһин 14 сыл көмүскээбитэ, ол иһигэр икки сыл РФ хамаандатын састаабыгар. 10 көрдөрүүтэ хаһан да хатыламмат (50 сыл буолла) хайыһардьыт. СӨ успуордун үтүөлээх үлэһитэ. ХХ үйэ успуордун лауреата.

Уопсайа 6 сыл тириэньэрдээбитэ, өрөспүүбүлүкэ элбэх призердара иитиллибиттэрэ. Уопсастыбаннай тириэньэр  быһыытынан  ССРС успуордун маастарыгар 9 хандьыдааты бэлэмнээбитэ.

Омук устудьуоннара олоҥхону үөрэтэллэр

Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Америкаттан сылдьар учуонай, этномузыкология дуоктара, бэрэпиэссэр   Робин Харрис ыһыаҕы киинэҕэ устан ылан, Аан дойду норуоттарын искусствотын үөрэтэр кииҥҥэ (2012 сылтан дириэктэр) устудьуоннарга реферат суруйтарыыга туттубут. Бу Америка учуонайын Семен Ильиһы кытта ХИФУ бэрэпиэссэрэ Василий Илларионов билиһиннэрбит. Василий Васильевич 2013 сыллаахха Америкаҕа, Гарвард университетыгар лиэксийэ ааҕа уонна Эдуард Алексеев пуондатыгар үлэлии бара сылдьыбыта. Ол сылдьан, 2009 сыллаахха Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Робин Харрис устубут киинэтин көрбүт, устудьуоннарга олоҥхону хайдах өйдөөбүттэринэн реферат суруйтарарын истибит.

Робин Харрис.

Олоҥхоһуту Робин Харристыын билиһиннэрэригэр, “бу икки дьон бэйэ-бэйэлэрин булустахтарына, саха олоҥхотун аатырдыахтара” диэн баҕа  санаатын эппитэ. Ол чахчы туолан, Иллинойс университетыгар, Прикладной лингвистика институтун Аан дойду норуоттарын искусствотын үөрэтэр киинигэр бэрэпиэссэр Робин Харрис  олоҥхоһут Семен Черноградскай кыттыгастаах үөрэх босуобуйатын оҥорбута. Онон, олоҥхону ааспыт үөрэх дьылыгар Америка элбэх устудьуона саха омук маннык эпостаах диэн үөрэппит. Босуобуйа бэлэмнэниитигэр   олоҥхоһут, Уус Алдан улууһун, Өнөр, Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Семен Черноградскай  көмөтө, биллэн турар, үгүс.

Эмиэрикэттэн сурук.

— Ити босуобуйа 2013 сыллаахха оҥоһуллубута. Ол иннинэ Робин Харрис киинэни хайдах устубутунан көрдөрөр уонна устудьуоннарга реферат суруйтарар эбит. Итини бэрэпиэссэр Василий Илларионов кэпсээбитэ. Василий Васильевич АХШ-тан кэлэн баран, миигин кытта сибээстиир (электроннай аадырыһынан). Робин Харрис 25 мүнүүтэлээх киинэтэ элбэх көтүтүүлээх этэ. Онон, улуус култууратыттан сценарийы ылан, барытын нууччалыы тылбаастаан, хас көтүтүллүбүт сир аайы мүнүүтэтигэр, сөкүүндэтигэр тиийэ, бу барыта саха дьонугар туох суолталааҕын быһааран, чуолкайдаан биэрбит “буруйдаахпын”. Онтон төһөтүн киллэрбитин-таһаарбытын билбэппин. Арай, кыттыгастаах эбиппин Кейти Хогерхейд (дириэктэр солбуйааччыта) уонна Джули Джонсон (преподаватель) туоһулаабыттара, махтанан сурук ыыппыттара. Робин Харрис бу бырагырааматынан Нигерия, Кения, Германия, Тайвань, Венесуэла, Кытай, Кэриэйэ, Арассыыйа, Эфиопия, Япония, Бразилия, АХШ 67 магистран-устудьуона толору кууруһу барбытын бэйэм саҥа биллим. Оттон Олоҥхо диэн тугун кылгатыллыбыт бырагырааманан 500-н тахса устудьуон билсибит. Бу үөрэх босуобуйатын  соҕотох экземпляра миэхэ баар, — диир Семен Ильич.

Мин кинилиин кэпсэтэрбэр, күн бүгүн икки африканец кыттыылаах аҕыс устудьуон ZOOM сибээһинэн саха олоҥхотун үөрэтэ олороллор, эҕэрдэ ыыттылар, диэтэ.

Ити курдук, саха олоҥхото аан дойдуга ааттана турар.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыскаҕа: Олоҥхоһут С.И.Черноградскай

2014 сыллаахха Варшаваҕа фольклор бэстибээлигэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1