«Муусука оҥорор Лүҥкүр дуо?..”

06.05.2022
Бөлөххө киир:

Тыйаатырдар араас туруорууларыгар, кэнсиэртэргэ, аһаҕас халлааҥҥа ыытыллар тэрээһиннэргэ уо.д.а. режиссер толкуйун ситэрэн-хоторон, көрөөччүгэ тириэрдээччинэн муусука буолар. Оттон ол муусуканы ким оҥороруй?

Аудивизуальнай технологиялар уонна- аппаратууралар тэтимнээхтик сайданнар, ардыгар, биһиги мусукаалынай звукорежиссер улахан оруолугар ситэри суолта биэрбэккэ хаалыахпытын сөп. Баҕар, кинилэр сыанаҕа сылдьыбаттарынан, көрөөччүгэ көстүбэттэринэн буолуо. Этэргэ дылы, сыана кэннинээҕи көстүбэт үлэһиттэр кэриэтэлэр. Онтон муусука, ускуустуба эйгэтигэр кинилэри муусуканы тиэхиньиичэскэй уонна уус-уран өттүнэн үрдүк таһымнаахтык биэрэр исписэ­лиис быһыытынан билэллэр, сыаналыыллар. Кинилэртэн биирдэс­тэрэ, Саха сиригэр үрдүк таһымнаах звукорежиссерунан биллэр, Олоҥхо тыйаатырын звукорежиссера Леонид Моисеевич Иванов-Лүҥкүр муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэ­тиир долгутуулаах күн «СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк ааты ылла.

«Сиргэ кэлбит аналгын сөпкө туһан»

Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгэр Варвара Иннокентьевна Омукова уонна Моисей Осипович Иванов дьиэ кэргэннэригэр оһоҕос түгэҕэ оҕонон күн сирин көрбүт Леонид кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа чугас улааппыта. Сайылыкка аҕатын атын миинньэр баҕаттан түүн 3.30 чааска турар, сибэкки тылларын кэтээн көрөр, чыычаах дьикти ырыатын иһиллиир буолара.
Аҕата өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оһуохайдьыт, алгысчыт, үйэтин-сааһын тухары сылгыга, сүөһүгэ үлэлээбитэ. Биэс оҕо амарах аҕата: «Удьуордааһын диэн баар, төрөппүттэриҥ тугу дьарыктаналларын өрө тут, бу сиргэ кэлбит аналгын сөпкө туһан. Төрүттэргин кытары сибээһи тута уонна наар алтыһа сырыт. Сирбит төгүрүк, ханна да тиийдэргин, өбүгэлэриҥ син биир иннигэр-кэннигэр арыаллыы сылдьаллар», — диэн үөрэтэрэ. Аҕатын өттүнэн төрүттэригэр уус-уран тыл уустара, ааттара ааттаммат улахан дьоннор бааллара үһү.
Аҕатын үөрэҕин, ыллыктаах тылын-өһүн иҥэринэ улааппыт уол оскуоланы Уһун Күөл интэринээтигэр олорон бүтэрбитэ. Оскуоланы бүтэрээт, 1989 сыллаахха аармыйаҕа ытык иэһин толоро барар кэмэ кэлбитэ. Улууһун киинигэр да аҕыйахтык киирэн тахсыбыт, Дьокуускайы харахтаан да көрбөтөх эдэр киһи Москуба таһыгар учебнай чааска баар буолан хаалбыта. Икки сыл сулууспалаан баран, үөрэх туһунан толкуйдаабакка ахтылҕаннаах Дьаарханыгар кэлэн сылгыһыттаабыта. Ол сырыттаҕына сотору кинини Михаил Семенов (Мэхээс) дойдутугар Кириэстээххэ ыҥырбыта. Онно Леонид бииргэ төрөөбүт убайа олохсуйан олорор буолан, кинилэргэ кыстаан, Михаиллыын кулуупка табыллан үлэлээн барбыттара. Сотору Сунтаартан хамыыһыйа тахсан, аттестация ыытан баран, Леониды дойдутугар төттөрү барарыгар эппиттэрэ. Ити кэмҥэ Дьаархан кулууба дириэктэрэ да, уус-уран салайааччыта да суох хаалбыт кэмэ этэ…
«Арай биирдэ, саһааннаан кэлэн баран сууна туран, тэлэбиисэргэ «Чороон» вокальнай ансаамбыл салайааччыта Георгий Георгиевич Сергучев, култуура уонна ускуустуба кэллиэһин (1992 сылтан итинник ааттаммыта) дириэктэрэ Аграфена Дмитриевна Макарова саҥа бырагырааманан мастарыскыайдары арыйталаан эрэллэрин туһунан кэпсээбиттэрэ уонна баҕалаах ыччаттары үөрэххэ ыҥырбыттара. Мин иһиттим дуу, истибэтим дуу диэн баран, өйүм-санаам ол эрэ буолан хаалбыта», -– диэн Леонид Моисеевич идэтин хайдах талбытын туһунан кэпсиир. Киһи дьылҕатын, ардыгар кыл түгэн быһаарар кэмэ баар буолар.

«Киһи барыта ырыаһыт, муусукаан, оттон…»

Дьокуускайга кэлэн докумуоннарын туттарбытын кэннэ аҥаардас «спецтарын» эксээмэнэ үс күнү быһа барбыта. Оннук элбэх ыччат кэлбит этэ. Эксээмэннэрин туттаран, икки бөлөх инструментальнай отделениеҕа киирэн үөрэҕин саҕалаабыта.
«Үс сыллаах үөрэҕим кэмигэр туох баар аппаратуураларбытын барытын бэйэбит таһарбыт. Оччолорго омук аппаратуурата, устуудьуйа эҥин диэн суох. Омук дойдуларын кэнсиэртэрэ тэлэбиисэргэ син көстөр буолбуттара. Ону көрөн: «Итиччэ үлүгэр ыарахан тиэхиньикэни муусукааннар бэйэлэрэ таспатылар, настройдаабатылар ини, туспа үөрэхтээх уонна бэлэми ааспыт анал үлэһиттэрдээхтэрэ буолуо. Бэл, үрдүк үөрэхтээх инженердэр бааллар. Муусукааннар номнуо бэлэм (настройдаммыт) үнүстүрүмүөҥҥэ тахсан оонньууллар эрэ», -– дии саныырым. Ол иһин, кинилэр кэнсиэртэрэ чаҕылхай, хаачыстыбалаах, туох баар истэригэр илдьэ сылдьар энергияларын дьэ, тото-хана таһаараллар. Киһи барыта ырыаһыт, киһи барыта муусукаан, оттон тиэхиньикэни бэрийэр киһи суох диэн санаалар киирэн барбыттара», -– диэн Леонид Иванов ыарахан аппаратуураларын муусукааннар бэйэлэрэ сүгэн-көтөҕөн, Илин Эҥэр уҥуор улуустарга трамвайынан айанныыр, колонкаларын ууга түһэримээри ырычаахтаһар ыксаллаах кэмнэрин санаан ылар.
Оо, эдэр саас, устудьуон умнуллубат сыллара, бэйэни тургутан көрүү кэмнэрэ. Светлана Александровна  уонна Егор Ильич Неустроевтар көҕүлээһиннэринэн тэриллибит, өрөспүүбүлүкэ биир хамсааһыны таһаарбыт «Бабочкалаах уолаттар» ансаамбылларыгар (Неустроевтар элбэх ансаамбылы, устуудьуйаны  тэрийбиттэрэ, улуустарга ыччаттары кытары үлэлээбиттэрэ — ааптар) биир кэмҥэ ылласпыта. Үөрэнэ сылдьан «Табык» бэстибээли көрөр баҕаттан артыыстар колонкаларын көтөхсөн, үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Отделениеларын сэбиэдиссэйэ, сахалартан бастакы эстраднай үөрэхтээх артыыс Юрий Егорович Платонов, куратордара, СӨ норуодунай артыыһа Владимир Ильич Заболоцкай уо.д.а. преподавателлар биэрбит билиилэрэ-көрүүлэрэ тугунан да сыаналаммат этэ.
1990-с сыллар саҥаларыгар Горнайтан төрүттээх, Санкт Петербурга үөрэҕин бүтэрэн кэлбит Яков Егорович Александров муусука араас тиэхиньикэтин эридьиэстэрин сырдатан барбыта. Ити кэмнэргэ киин куорат тэрээһиннэрин уотунан-күөһүнэн киэргэтэр АВЕ диэн чааһынай хампаанньа үлэлээн эрэр кэмэ. Салайааччылара Сергей Дьяконовтыын чугастык алтыһаллара. Кини биир кууруска үөрэммит Алексей Семенович Попов эмиэ үөрэнэн кэлбит кэмэ этэ. Этэргэ дылы, оту-маһы тардыалаан көрө сылдьар уолаттар: «Оо биһиэхэ анал үөрэхтээх инженер баара буоллар, мусукааннар төһө эрэ абыраныа этибит. Дьокуускайга арыныахха ээ», -– диэн ыра санаа ыллыгынан айаннарын саҕалаабыттара. Георгий Сергучевы кытары сүбэлэһэн баран, дириэктэрдэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, А.С.Макаренко аатынан уордьан кавалера Аграфена Макароваҕа киирбиттэрэ. Инникини өтө көрөр, үтүө санаалаах, дьаныардаах, саҥа хайысхалары толору билэр салайааччылара Аграфена Дмитриевна тута да буолбатар, уолаттар этиилэрин өйөөбүтэ. Үнүстүрүмүөннэри бэлэмниир, устуу-түһэрии тиэхиньикэтин билэр идэлээх дьону үөрэтэр анал отделениены арыйар буолбуттара. Кэллиэс буолбуттарын кэннэ Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев базаҕытын оҥостуҥ диэн үп биэрбитэ. Кэллиэс преподавателларын сэбиэтигэр дьүүллэһии кэнниттэн Аграфена Дмитриевна үнүстүрүмүөн, уот-күөс ыларга ыллыктаах быһаарыыны ылыммыта.
«Ол үнүстүрүмүөннэр саатар биһиги үөрэхпитин бүтэрэр сылбытыгар кэлэн хаалбыттара, номнуо эксээмэннэрбитин туттара сылдьарбыт. Саха сиригэр тарҕаһан үлэлии барыахтаах ыччаттары дириэктэрбит: « Бу оҕолор бачча үөрэнэн бараннар маннык үнүстүрүмүөҥҥэ оонньообокко тарҕаһыахтара дуо? Саатар биир сылга хааллыннар», -– диэн истипиэндьийэбитин хаалларан, биир сыл баҕалаах үнүстүрүмүөннэрбитигэр оонньоппутугар, миигин тута эстрада отделениетыгар лабараанынан үлэҕэ ылбытыгар олус махтанабын.
1996 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, “Дапсы” бөлөххө бастаан гитараҕа, онтон барабааҥҥа оонньообутум. Уопсайынан, «Дапсы» муусукаана буоларбын сорохтор кэнники эрэ билбиттэрэ. Наар барабаан кэннигэр олоробун, ол иһин бастаан Вася биһиккини буккуйаллар этэ. Вася мэниктиир, дьээбэтэ-хообото элбэх, онон дьон хараҕын тардар, оттон мин — кыра уҥуохтаах киһи баарбын эрэ, суохпун эрэ, көстүбэтим да буолуо (күлэр). “Дапсыга” Тумус Мэхээлэ бас­таан үс аудиоальбому таһаарбыта, биһигини сахалыы ырыаҕа-тойукка үөрэппитэ.
1990 сыллар этилэр. Биир күн Аграфена Дмитриевна: «Дьэ арыйтарбыт отделениеҕын бэйэҥ илиигэр ыл, салай» диэн кэбистэ… Устудьуоннарым да араастар. Онуоха эн преподаватель уонна психолог буолуохтааххын», -– диэн преподаватель, салайааччы буолбутугар убайдар ортолоругар улааппыта уонна аҕатын сүбэлэрэ-амалара куруук туһалыылларын туһунан этэр.
1990 сыллар этилэр. Биир күн Аграфена Дмитриевна: «Дьэ арый­тарбыт отделениеҕын бэйэҥ илиигэр ыл, салай», – диэн кэбиспитэ”, – диэн Моисеевич саҥа отделениены бүтэрбит, кини үөрэппит, ииппит-такайбыт мусукаан ыччаттара билигин бары өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарынан тарҕаһан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан үөрэр.
«Мин бастакы идэм инструменталист диэн, ол аата аныгылыы үнүстүрүмүөннэргэ клавиатураҕа, гитараҕа, аранжировкаҕа барытыгар үөрэнэҕин. Аранжировканы соҕотох киһи барытын бэйэтэ көмпүүтэргэ оҥорор. Холобур элбэх муусукаан үлэтэ дуу, биир киһи үлэтэ дуу. Билиҥҥи бириэмэ ирдэбилэ диэххэ сөп. Холобур, туруорааччылар, режиссердар, хореографтар биир киһини кытары үлэлииллэрэ ордук буоллаҕа. Хас да киһиэхэ быһаара сатыырдааҕар. Сценарий суруйаллар, ол сценарий быһыытынан муусука суруйаҕын. Бу барыта кулиса кэннинээҕи үлэ», -– диэн кэпсиир.
Соҕурууттан кэлэр артыыстар гостуруолларын тэрийээччилэр үксүгэр Леонид Моисеевичы кытары үлэлэһэллэр. Эрдэттэн тиэхиньичэскэй докумуоннарын ыыталлар. Уопсай сүбэлэһии кэнниттэн тыаһатарга бэлэм үнүстүрүмүөннэргэ оонньууллар. Бэйэлэрэ микрофоннарын эрэ илдьэ кэлбит буолаллар. Леонид Моисеевич кэлии артыыстар Саха сирин култуурата олус сайдыылааҕын, тиэхиньикэҕэ үлэлиир дьоно бары анал үөрэхтээхтэрин сөҕөллөрүн туһунан этэр.

«Бириэмэ бэйэтэ дьоруойдардаах»

«Сорохтор биир сиргэ наһаа өр үлэлииллэр. Муусукаан, звукорежиссер ыччаттар элбээтилэр. Эдэр дьону өйүөххэ наада. Уопсайынан, бириэмэ бэйэтэ дьоруойдардаах. Тиэхиньикэ, технология сайдыыта балысхан. Онон, эдэрдэргэ миэстэбин туран биэрбитим. Билигин устудьуонум устудьуона кэлэн үлэлии сылдьар, киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьар, үчүгэй уол», -– диэн олоҕун биир кэрдиис кэмин арыйар.
Леонид Моисеевич билигин өссө кэллиэскэ сылдьан үлэлэспит Олоҥхо тыйаатырыгар таптыыр идэтинэн звукорежиссерынан үлэлии сылдьар. Тэрилтэтэ, кэлэктиибэ кинини бу үрдүк аакка түһэрбиттэригэр махтанар.
«Күн бүгүҥҥэ диэри эҕэрдэлэр быыстала суох кэлэ тураллар. Ол быыһыгар доҕорум, биллэр муусукаан Кеша Тытыганаев: «Култуура тиэхиньиичэскэй үлэһиттэриттэн бастакынан «үтүөлээх» эн буоллуҥ быһылаах», — диэн туустаан-тумалаан биэрэр ээ.
Мин билигин санаам сахалыы муусукаҕа сытар буолбут. Синтезированнай тыас буолбутун да иһин, ону аныгылыы сахалыы матыыпка, сахалыы тыыҥҥа кубулутаҕын. Биллэн турар, муусукааннар дьиҥнээхтии оонньууллара буоллар, кута-сүрэ өссө улахан буолуо этэ. Тоҕо диэтэххэ, араас мунчаарар ыйытыыларбар харданы ылар Тумус Мэхээлэбин кытары бырагыраама оҥорон биэрбиппитигэр ол уратытын билэн турабыт. Холобур, сахалыыны оонньоон баран ис туругуҥ атын тугу да истиэн баҕарбат буолар. Айылҕаҕа эрэ сылдьыаххын ыралыыгын. Сахалыы тэтим диэн бэйэтэ туспалаах. Тумус Мэхээлэ этэринэн, кэрдэр, дэгэрэҥ, тыын тэтимэ диэннэр бааллар. Дьэ, бу үс тэтими эн үчүгэйдик баһылаан туттар буоллаххына, сахалыы тыыныҥ уһуктар. Эдэр эрдэхпиттэн улуустарынан сылдьан үлэлии, маастар-кылаастары ыыта үөрэнэн хаалбыппын. Туох барыта үлэттэн тахсар. Таах сыттаххына туох кыаллыай?», -– диэн Леонид Моисеевич хас биирдии киһи олоҕор үчүгэй уларыйыылар тахсаллара эн өйгүн-санааҕын, олоҕу көрүүгүн уларыталларын туһунан этэр.

Лүҥкүр

Леонид Иванов Лүҥкүр диэн псевдонимнааҕын истэн баран, мин эмиэ сорох атын дьон курдук, муусукаан киһи идэтигэр чугас аатын ылыннаҕа диэн санаалаах тиийбитим. Онтум соһуйуом иһин, олох атын төрүөттээх буолан таҕыста.
«Үгүс дьоннор буккуйаллар, бадарааҥҥа кытта тэҥнээн көрөллөр, тыаска-ууска эмиэ туох да сыһыана суох. Ойуурга лүҥкүрээт сирдэр диэннэр бааллар. Олорор саастаах оҕону миигин киирэр аан иннигэр муостаҕа олордон кэбиспиттэр. Ол кэмҥэ сэбиэттии сылдьар абаҕам: «Лүҥкүрбүт тыа курдук лүҥкүччү көрөн олорор» диэбит. Кыра сыдьан этиргэн баҕайы үһүбүн.
Лүҥкүрээт диэн сирдэр түҥ тыа иһигэр үөскүүллэр. Биирдэ түүлбэр көрдөрбүттэрэ. Сир хараҕа күөллээх, хаһан да уолбат, илин өттүнэн хатыҥ мастар тураллар, онно аһаҕастаах. Хоту өттүнэн бүтүннүүтэ лиһигирэс харыйа, соҕуруу өттүнэн бэс, арҕаа өттүнэн тиит мастар. Ол оннук сирдэри лүҥкүрээт диэн ааттыыллар эбит», -– диэн псевдоним ылыммыт кистэлэҥин арыйар.

Үс уол амарах аҕата

Леонид Моисеевич кэргэнэ Екатерина Петровна Иванова визажист-маастарынан үлэлиир. Ивановтар үс уол оҕолоохтор. Улахан уоллара киинэ уонна телевидение артыыһын үөрэҕин бүтэрэн, Владивостокка үлэлии сылдьар. Орто уоллара аармыйаҕа сулууспалыыр. Онтон кыра уоллара -– 4 кылаас үөрэнээччитэ.

Леонид ИВАНОВ-ЛҮҤКҮР:

«Киһи дууһата үстэ кэлэн барар эбит. Бэйэтин, урукку олоҕор айыыларын-хараларын ыраастанар. Саамай ыарахан аньыы — киһи сырдык тыыныгар туруу. Айылҕаҕа, дьиэ харамайдарыгар, саҥарар тылгар-өскөр сыһыаҥҥа барытыгар көҥүллээх буолуохтааххын. Бэйэҥ тылгынан, санааҕынан ыйыта сылдьыахтааххын».

«Аҕам: «Дьахтар таҥарата -– Ый, эр киһи таҥарата -– Күн. Күн ыраас, ол иһин эр киһи сылдьар, үлэлиир сирэ уурбут-туппут курдук ыраас, дьэҥкэ буолуохтаах», — диэн үөрэппитэ. Тумус Мэхээлэ эмиэ аҕам этиитин бигэргэтэн турар».

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0