Муусука алыптаах аартыгынан

16.05.2019
Бөлөххө киир:

1960-70 сыллардааҕы Дьокуускай билиҥҥи курдук киэҥ-нэлэмэн сиринэн тайаан сытар куорат буолбатах этэ. Дьон-сэргэ чуумпу уулуссалар мас тротуардарынан ыксала суох үлэлэригэр, үөрэхтэригэр хаамсаллара. Ол эрэн, таас тутуулар да элбээн, үлэ-үөрэх сайдан, куорат бу кэмҥэ култуура, наука киининэн аатыран барбыта. Бу кэмҥэ саха дьоно үйэттэн-үйэҕэ таптаан олохсуйбут Сайсары күөл налыы биэрэгэр Таня Павлова диэн кыысчаан күн сирин көрбүтэ.

edersaas.ru

Кыысчаан оҕо уһуйааныгар сырыттаҕына, иитээччилэр кинини муусука оскуолатыгар киллэрэллэригэр сүбэлээбиттэрэ. Эһээлэрэ Уйбаан оҕонньор сиэнэ чахчыта да муусукаҕа дьулуһарын бэлиэтии көрөн: “Оҕом аймаҕын Серафим Павловы батыыһы», – диирэ. Ити курдук, Таня оскуолаҕа бара илигиттэн, куорат 2-с нүөмэрдээх музыкальнай оскуолатын үөрэнээччитинэн буолбута. Муусука алыптаах эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит маҥнайгы учуутала, эдэркээн нуучча кыыһа Альбина Васильева этэ.
Кыыс оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэрэ, ол иһин дьоно кинини ханнык баҕарар үрдүк үөрэххэ киириэ диэн эрэнэ саныыллара. Онтулара күүппэтэх өттүттэн буолан тахсыбыта. Музыкальнай оскуоланы бүтэрээт, дьонугар эппэккэ сылдьан, улахан куонкуруһу ааһан, композитор Марк Жирков аатынан музыкальнай училище устудьуоҥкатынан буолбута. Таня элбэхтик ааҕара, дьарыктанара. Ордук Саха сирин муусукатын эйгэтигэр талааннаах дьону уонна саҥа сүүрээннэри таба көрөн, учууталыттан сорудах ылан, курсовой үлэлэри, маны таһынан оҕо, ыччат хаһыаттарыгар быстах бэлиэтээһиннэри уонна ыстатыйалары суруйар буолбута.

Учуонайдар үрдүк сыанабылларын ылбыта

Дьыл-күн ааһан испитэ. 1988 сыллаахха Татьяна училищены кыһыл дипломунан бүтэрэн, истиҥник саныыр учууталын Людмила Ильина сүбэтинэн Новосибирскайга Михаил Глинка аатынан судаарыстыбаннай консерваторияҕа үөрэнэ барбыта. Татьяна консерваторияҕа киирбит бастакы күнүттэн ханна да аралдьыйбакка, талан ылбыт үөрэҕэр дьаныардаахтык ылсыбыта. Наукаҕа дьоҕурдаах устудьуоннар консерватория иһинэн олохтоох норуоттар муусукаларын үөрэтэр хайысхаҕа чинчийэр тиэмэни ылан, Сибиир уонна Уһук Илиҥҥи олохтоох норуоттар олорор сирдэригэр эспэдииссийэлэргэ сылдьар буолбуттара. Магнитофону уо.д.а. тиэхиньикэлэри туһанан, тайҕаҕа, таба иитиитинэн дьарыктанар омуктарга тиийэн, ырыаларын-тойуктарын, үҥкүүлэрин устар чинчийии үлэтин ыытан барбыттара. Татьяна Павловаҕа Азия хотугулуу-илин өттүгэр олорор көс эбээннэр муусукаларын үөрэтэр тиэмэ түбэспитэ. Дьэ, мантан ыла Арҕаа Сибиир эбэтэр Саха сирин Томпо оройуона да буоллун, чоруун кыыс массыынанан, вездеходунан, сорох сирдэргэ бөртөлүөтүнэн уһун айан суолугар үктэммитэ.
Консерватория кэнниттэн тута аспирантураҕа ыҥырыллыбыта. Манна үөрэнэ сылдьан, 1996 сыллаахха Дьокуускайга «Образцы музыкального фольклора эвенов Якутии» диэн маҥнайгы үлэтин таһаарбытын учуонай Т.А.Роменская үрдүктүк сыаналаабыта. 1997 сыллаахха искусствоведение хандьыдаатынан буолбута.

«Кынаттаах тыллардаах» ырытааччы

Эдэр музыковед, учуонай төрөөбүт куоратыгар төннөн кэлбитэ эрээри, бэйэтин идэтинэн сөптөөх үлэни булбакка, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ искусство отделыгар үлэлии киирбитэ. Манна училище саҕаттан үлүһүйбүт музыкальнай публицистикаҕа интэриэһэ сайдан, кэҥээн барбыта. Саха биллэр мусукааннарыттан ылбыт интервьюлара  итиэннэ испэктээктэри, кэнсиэрдэри ырытар рецензиялара ааҕааччылар улахан сэҥээриилэрин ылан барбыттара. Министиэристибэ өрөспүүбүлүкэ таһыгар, омук сирдэригэр ыытар тэрээһиннэригэр Татьяна Владимировна быһаччы оруола биллэр буолбута.
Татьяна Павлова-Борисова эдэр сааһыттан талан ылбыт музыковед идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар. Учуонай, кириитик, публицист быһыытынан (300-тэн тахса үлэ, ол иһигэр 20 кинигэ, саха муусукатын, опернай ырыаһыттарын 20-тэн тахса диискэлэрин ааптара), саха профессиональнай муусуката сайдарыгар улахан олугу оҥордо. Бу эйгэҕэ киниттэн ордук ахсаан да, хаачыстыба да өттүнэн айар-тутар үлэһит билигин суохха дылы.
Татьяна Владимировна наука хайысхатынан суруйар истиилэ туспа, ааҕааччы дууһатын долгутар, иэйэр-куойар ураты уус-уран тыллаах. Кини этэн кэбиспит элбэх этиитэ “кынаттаах тыллар” буолан тарҕаналлара эмиэ баар. Дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах дииллэринии, уус-уран литератураҕа мемуарнай, очерковай жанрга уонна тылбаасчыт быһыытынан дьаныардаахтык үлэлээбитэ. 2018 сыллаахха СӨ Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн ылыллыбыта.

Үтүөлээх артыыс сыдьааннара

Татьяна Владимировна — элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн күн күбэй ийэтэ. Кэргэнэ Андриан Афанасьевич Борисов — саха биллэр историга, историческай наука дуоктара, элбэх научнай монография, научнай-популярнай кинигэлэр уонна ыстатыйалар ааптардара. Кини эһээлээх-эбээтэ саха театральнай искусствота сайдарыгар олохторун анаабыт дьон этилэр. Андриан Семенович Слепцов — Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Кыратыттан эһээтигэр тапталлаах сиэн буолан, искусство эйгэтигэр улаатан, Андриан Афанасьевич тапталлаах Татьянатын эрэллээх тирэҕэ. Түөрт оҕо ийэтэ-аҕата дьиэ түбүгүн уонна уустук үлэлэни-хамнаһы дьүөрэлии тутан, иккиэн билиҥҥи олох инники күөнүгэр эрэллээхтик сиэттиспитинэн сылдьар саха кэрэ ыала.
Оттон Татьяна Владимировна аҕата Владимир Павлов (1942-2001) «Сахателеком» кылаабынай инженеринэн үлэлээбитэ. Ийэтэ Валентина Павлова А.Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ краевед-библиограба, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.

ЫСПЫРААПКА:

ТАТЬЯНА ПАВЛОВА-БОРИСОВА, искусствоведение хандьыдаата, СӨ култууратын туйгуна, Саха Композитордарын, Суруйааччыларын, Суруналыыстарын, Театральнай диэйэтэллэрин айар сойуустарын чилиэнэ, Арассыыйа хоровой уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, СӨ Композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ.
«Якутия музыкальная» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, СӨ филармониятын «Музыкальная гостиная» бырайыагын салайааччыта.
Идэтийбит интэриэстэрэ: хоту норуоттар музыкальнай фольклордара уонна култууралара, Саха сирин муусукатын профессиональнай эйгэтэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0