Муус устар билгэтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 8 күнэ – Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.

Муус устар 9 күнэ – Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.

Муус устар 13 күнэ – Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.

Муус устар 14 күнэ – Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.

Муус устар 18 күнэ – Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына – сылыйар.

Муус устар 20 — 25 күннэригэр – Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.

Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ – сайына ичигэс, былыттаах күн – сайына сөрүүн.

Муус устар 23 күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына – сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.

Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.

Муус устар 29 күнэ — Ый туолуута.

«Саха сирэ» хаһыаттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0