Муус устар 5 күнэ. Түмүктэр.

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сааҥсыйалар кэмнэригэр РФ Бырабыыталыстыбата экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр 200-тэн тахса кэккэ миэрэлэри ылыммыта. Саха сиригэр федеральнай таһымнаах инники күөҥҥэ турар миэрэлэри олоххо киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ тус эппиэтинэһи сүгүөхтэрэ.

Федераллары кытта ыкса үлэ

Федеральнай таһымҥа нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутуттан саҕалаан, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сүрүн тэрилтэлэргэ тас дойду оҥоһуутун олохтооҕунан солбуйууга (импортозамещение) кэккэ миэрэлэр ылыллаллар. Балары олоххо киллэриигэ биһиги көхтөөхтүк кыттабыт. Маныаха федеральнай уорганнарга туруорсууларбытын ытарынан эрэ муҥурдаммакка, федеральнай биэдэмэстибэлэргэ, сайыннарар институттарга быһаччы толорооччулары кытта салгыы үлэлэһэр уонна өрөспүүбүлүкэ бырайыактара олоххо киирэллэрин ситиһэри ирдиибин”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

Таһаҕаһы тиэйиигэ өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр чэпчэтиилээх кирэдьиит уонна оттук сезонугар бэлэмнэнии – бастакы уочарат быһаарыллар соруктар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэни кытта уһук хоту уонна таһаҕаһы таһарга болдьохтоох сирдэргэ, уматыгы атыылаһыыга уонна тиэрдээччи, оҥорон производственнай-тиэхиньиическэй бородууксуйаны илдьээччи тэрилтэлэргэ чэпчэтиилээх кирэдьиит мэхэниисимин олохтуохтара.

Систиэмнэй тэрилтэлэр федеральнай испииһэктэригэр, Саха сириттэн 21 тэрилтэ, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ хоту таһаҕаһы тиэрдэр 8 тэрилтэ киирбиттэрэ.

Информационнай куттала суох буолуу

Суһал ыстаап мунньаҕар информационнай өттүнэн куттал суох буолуутугар туспа болҕомтону уурдулар. Информацияны көмүскүүр, дааннайдары куттала суох харайар уонна информационнай кыах бигэтик үлэлиирин хааччыйар инниттэн, судаарыстыбаннай былаас бары уорганнарын уонна биэдэмэстибэлэрин саайтарын дойду хостиннарыгар көһөрөргө этилиннэ.

Санатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан Дьокуускайга информацияны түмэр, харайар киин үлэтин бэрэбиэркэлээбитэ. Киин өрөспүүбүлүкэ информацияҕа тиһиктэрэ бигэтик, куттала суох үлэлииллэрин хааччыйар. Манна былаас уорганнарын уонна биэдимэстибэннэй тэрилтэлэр информацияларын тиһигэ уонна ресурсата харайыллар.

Дьиэни тутуу

Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба федеральнай пуондатын үбүлээһинигэр уларытыылары киллэрии түмүгэр, эрэгийиэннэр хаарбах дьиэлэрин саҥардыыларын тэтимин ыһыктыахтара суоҕа. Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин уурааҕа таҕыста.

Бырабыыталыстыба уурааҕар этиллэринэн, эрэгийиэннэр хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ федеральнай пуонда бу сыалга 2023 уонна 2024 сылларга ууруммут харчытыттан билигин ылан туттуохтарын сөп. Ону сэргэ эрэгийиэннэр дьиэ уопсай сыанатын суоттуулларыгар билиҥҥи ырыынак сыанатынан ааҕар кыахтаныахтара. Бу иннинэ дьиэ биир кв миэтирэтин 2019 сыллааҕы көрдөрүүнэн ааҕа олорбуттара.

Санатан эттэххэ, Арассыыйа үрдүнэн бу бырагырааманан 2017 сылга диэри хаарбах туруктаахтар ахсааннарыгар киирбит дьиэлэри көһөрүү бара турар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитинэн билигин өссө 2017 сылтан бэттэх хаарбах дьиэлэри көһөрүү барыахтаах.

Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ иһитиннэрбитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр быйыл 461 тыһыынча кв м дьиэ көһүөхтээх, 25 тыһыынча киһи саҥа дьиэлэниэхтээх.

Инники күөҥҥэ турар миэрэлэр быһыытынан, тутуу салаатыгар 2 млрд солк. тахса үбүлээһин барыахтаах. Тимир-бетон оҥоһуктарын собуота тутуллуоҕа.

Бэйэ аһа-үөлэ

Сааҥсыйаларынан сылтаан, бу быыһык кэми хайдах этэҥҥэ аһарабыт диэн боппуруос үгүстэри долгутар буолуохтаах.  Ил Дархан дьаһалынан бородуукта сүрүн көрүҥнэрин саппааһын хааччыйыыга «Якутоптторг» нөҥүө 408 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Аччыгый уонна орто биисинэскэ кирэдиит быһыытынан 819 мөл. солк. бэриллиэҕэ. Бу иэһинэн урбаанньыттар табаары атыылаһан, саппаастарын хаҥатыахтаахтар. Нолуокка эмиэ кэккэ чэпчэтии баар буолуоҕа. Сааскы ыһыыга хортуоппуйу уонна уоҕурдууну ыларга эбии 88,7 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Килиэп, бурдук ас сыанатын үрдээппэт инниттэн ороскуоту толуйалларыгар 114 мөл. солк. былааннанна. 358 мөл. солк. үбүлээһини сибиинньэ уонна көтөр аһылыгар ыытыахтара. Түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга, дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр анаан 600 мөл. солк. көрүлүннэ.

Бу туһунан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата, тыа сирин уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей  Находкин санаатын үллэһиннэ:

— Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев улахан ырытыы таһааран баран, 2021 с. тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн саҥа хайысхаларын олоххо киллэрбитэ. Кини салайааччы быһыытынан өтө көрөн, саха генофонднай сүөһүтүн ахсаана аччаабыт диэн, “Якутский скот” тэрилтэни тэрийбитэ. Инникитин бу сүөһү этэ элбээтэҕинэ, мраморнай эт быһыытынан сыаналаныа турдаҕа. Тыа сиригэр  үп-харчы үһүс сирэйэ суох (посредниктара) быһаччы үлэлии-хамныы сылдьар киһиэхэ тиийэр буолла. Холобура, урут аҥаардас 2 млрд 800 тыһ солк. үүт харчыта эрэ барар буоллаҕына, билигин 4 млрд 300 мөл солк. сүөһүлээх дьоҥҥо, улуустарга тиийэр буолла.   Бу ньыма (механизм) иккис түһүмэҕэ 2022 сылтан салгыы ыытыллар. Сүөһү иитэр комплекстары, сылгы, таба иитэр базалары, сайылыктары тутуохтаахпыт.

Иккис хайысханан сири кытта үлэ буолар. Билиҥҥитэ 1,5 тыһ эрэ тахса гектар иэннээх сир бааһыналарга, ходуһаларга сири кэҥэтии былааҥҥа турар курдук. Ол инникитин лаппа улаатыахтаах. Холобура, оттуур сири, туорахтаах култуура, хортуоппуй, оҕуруот аһын ыһыллыахтаах сирин кэҥэппэтэхпитинэ, оннунан хаалар буоллаҕа. Мелиоративнай сири оҥорор үлэ олох инники күөҥҥэ туруохтаах.

Находкин этэринэн, бэйэбит хас биирдиибит үлэлиир миэстэбитигэр сыһыаммыт уларыйыахтаах. Бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр тугу гынар эбиттэр диэн кэтээн олорбокко, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга быйыл ханнык тэпилииссэбитин кэҥэтэбит, сылгыбытын ханнык сиргэ таһаарабыт эҥин диэн олохтоохтук толкуйдуохтаахпыт.

Кини ороһулар, бэдьимэлэр батыһарга ыҥырда: «Дьиҥэ, бэйэбитин хааччынар кыах баар. Үлэлиэххэ эрэ наада. Үтүө холобурдар тулабытыгар элбэхтэр. Хас биирдии нэһилиэккэ, улууска. Оҕолору сылаас аһынан хааччыйар туһуттан хортуоппуйу, оҕуруот аһын ыһар кыра кэтэх хаһаайыстыбалары тэринэр туһунан үөрэх миниистирин таһымыгар кэпсэтии бара турар. Бородууксуйаны элбэтиигэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр баар 100-чэ ахсааннаах бырамыысыланнас хампаанньалара эмиэ олохтоох бородууксуйаны атыылаһыахтаахтар. Кинилэр үп биэрдэхтэринэ, сакаас оҥордохторуна, бородууксуйа элбиэҕэ».

«Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0