Муус устар 22 күнэ – Аан дойдуга Сир күнэ

Бөлөххө киир:

Сыл ахсын муус устар 22 күнүгэр, экология халандаарын, биир бэлиэ  бырааһынньык —  Аан дойдуга Ийэ Сир күнэ бэлиэтэнэр.


Бу бырааһынньык 2009 сыллаахха  муус устар 22 күнүгэр  НХТ Ассамблеятын  63 сиэссийэтигэр бигэргэттиллибитэ.

Хас биирдии киһи Ийэ сиргэ, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыанын үөскэтии бырааһынньык сүрүн сыалынан буолар. Бу күн ким баҕалаах, олорор сирин-уотун, тэлгэһэтин ыраастыан, мас олордуон, араас аахсыйаларга,  тэрээһиннэргэ кыттыан сөп.

Билигин дьиэҕэ олоруу кэмигэр, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ бэйэтин minecologia_yakutia инстаграм сирэйигэр Ийэ сиргэ аналлаах  онлайн-викторина тэрийдэ. Биэс бастакы сөптөөх хоруйу ыыппыт кыттааччы  министиэристибэ анал  бирииһинэн бэлиэтэниэҕэ.

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ”  хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0