Кырыа кыһын муус оҥоһуктар сүрэҕи-быары сылаастык сылаанньытар уратылаахтар.
Саргылаах саҥа дьыл үөрүүлээх-көтүүлээх бырааһынньыгын көрсө, Нам улууһун Аппааны сэлиэнньэтигэр уран тарбахтаах, саха дьонугар-сэргэтигэр биллэр-көстөр уус Александр Шадрин муус оҥоһуктары оҥорон, бар дьоҥҥо бэлэх уунна диэн биһиэхэ нэһилиэк олохтооҕо Н.С.Саввина иһитиннэрдэ.
—Аан дойду араас куораттарыгар ыытыллыбыт муус оҥоһуктар күөн күрэстэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, 2019 сыллаахха «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» муус-оҥоһуктар күрэстэрин кыайыылааҕа Александр Шадрин биһиги нэһилиэкпит 1 №-дээх «Хатыҥчаана» уһуйаан кэлэктиибин көрдөһүүтүн ылынан, оҕолор тустарыгар диэн, үс күн иһигэр «Быыра Баадьай бухатыыр» олоҥхо дьоруойдарын, 2020 сылы уонна үүммүт сыл бэлиэтин мууһунан оҥордо, чочуйда.
Кини бу ураты кэрэ, киһини манньытар оҥоһуктарын нэһилиэк олохтоохторугар, кырачааннарга бэлэхтээтэ. Саҥа дьылбыт үөрүүтүн үксэттэ, — диэн Нина Семеновна үөрүүтүн иһитиннэрдэ.