Өймөкөөҥҥө «Муус мааска» диэн бэстибээл буолла

Ааптар: 
30.11.2019
Бөлөххө киир:

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт  Тымныы полюһугар — Өймөкөөн улууһугар  Томтордооҕу народнай тыйаатыр режиссера Татьяна Заболоцкая «Муус мааска» диэн  тус бырайыага — искусство бэстибээлэ Тыйаатыр сылыгар ананна.   

Мин тэрээһин туһунан ыраахтан кэлбит ыалдьыттартан уонна төрөөбүт нэһилиэгим олохтоохторуттан санааларын билистим.

Искусствоны дириҥник өйдүүр РФ үтүөлээх учуутала Мария БОЯРОВА санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Тыйаатыр сылыгар анаан тэриллэн ыытыллыбыт «Муус мааска» театральнай искусство бэстибээлэ олус үрдүк таһымнаахтык ааста. Былатыан Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» испэктээгин кини төрөөбүт дойдутутан ыраах Тааттаттан кэлэн көрдөрдүлэр. Биһиги, сахалар, наһаа да баай тыллаах өстөөх, дириҥ култууралаах омук буоларбытын Таатта улууһун народнай тыйаатырын артыыстара ис дууһаларыттан арыйбыттарын, көрөөччүлэр киэн тутта, долгуйа көрдүбүт. Ойуунускай, Алампа, Өксөкүлээх Өлөксөй курдук суруйааччылар айымньыларын кытта алтыһыы уонна ону сатаан көрдөрөр кэлэктииптэр биһиэхэ анаан ыалдьыттыы кэлэллэрэ – өй санаа, дууһа бырааһынньыга.

Көрөөччүлэр куттарын туппут Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Көөчөөн көрө» тыйаатыр режиссера Анна ОХЛОПКОВА санаата маннык:

Өймөкөөҥҥө кэлэрбитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах мусуойдары, Чысхааны бэйэтин көрүөхпүт диэн анаан тэринэн кэлбиппит. Куонкуруска олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннастыбыт. Испэктээхпитин көрөөччү ылынарын курдук, үчүгэйдик чочуйан, ох курдук бэлэмнэнэн кэлбиппит. Маннык тэрээһиннэргэ тыйаатыр кэлэктиибэ үлэтин ырытан, бэйэтин тургутунан көрөр. Онон биһиги куонкурустары көтүппэппит.

Галина ПЕТРОВА Томтордооҕу Оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ үөрүүтүн үллэһиннэ:

Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Көөчөөн көрө» тыйаатыр кэлэктиибэ (реж. Анна Охлопкова), «Таптал энергетиката» комедияны, Томтор нэһилиэгин народнай тыйаатыра (реж. Татьяна Заболоцкая) «Умнумаҥ, миигин умнумаҥ…» психологическай драматын, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн «Айар кут» тыйаатыр кэлэктиибэ (реж. Альберт Вензель) «Нууччатымсыйбыт» испэктээхтэри сөбүлээтим. Ыраахтан сылдьар артыыстар элбэх реквизити илдьэ кэлбэттэрэ биллэр суол.  Онон төһө да туттар тээбириннэрэ, декорациялара уларыйбатаҕын иһин, уотунан-күөһүнэн, тыаһынан-ууһунан көрөөччү болҕомтотун улаханнык тартылар. Киһини толкуйдатар, санаатын сайҕыыр айар үлэлэри көрөн олус астынным, үөрдүм, сынньанным.

Степанида ИВАНОВА, Томтордооҕу народнай тыйаатыр артыыһа, санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Мин народнай тыйаатыр төрүттэниэҕиттэн, 1980 сылтан ыла испэктээххэ оонньуубун. Улуустартан наһаа талааннаах артыыстар кэлбиттэр. Мин санаабар, саҥа тахсан эрэр эдэр артыыстар билэллэрэ-көрөллөрө элбэх. Онуоха интернет үйэтэ буолан, ыччаттар онтон-мантан араас испэктээги көрөн, «ютубтан» да үөрэнэн, оонньуур таһымнара үрдүк.

Ол эрээри биһиги көлүөнэ артыыстар айылҕаттан бэриллибит дьоҕурбут, кыахпыт күүһүнэн эдэрдэртэн хаалсыбаппыт. Мин оскуола эрдэхтэн ыла тыйаатыр режиссера Анна Корякина такайыытынан баччааҥҥа диэри сыанаттан арахсыбакка, бэтэрээннэр ахсааннарыгар киирдим. Онон ыччаттарбытыгар өссө да үрдүк ситиһиилэри, үгүс чаҕылхай оруоллары арыйа туралларыгар баҕарабын.

Театральнай искусство бэстибээлин кыттыылаахтара араас номинацияларга бэлиэтэннилэр.

Көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһынан «Муус маасканы» уонна 100 тыһыынча солкуобай бириэмийэни 60-ча киһи кыттыылаах «Улуу Кудаҥса» испэктээҕэ народнай тыйаатырдар  күөн-күрэстэригэр бастаан, Таатта улууһун Былатыан Ойуунускай аатынан Ытык Күөллээҕи народнай тыйаатыра ылла.

Томтордооҕу народнай тыйаатыр режиссера тус бырайыагын — «Муус мааска» бэстибээли тэрийэн ыыппыт Татьяна Заболоцкаяҕа биир дойдулаахтара уонна ылдьыттар махтанан, туран эрэ дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.

«Томторго ыытыллыбыт «Муус мааска» бириэмийэ сыл аайы ыытыллара буоллар», —  диэн үгүс киһи баҕа санаатын эттэ.

Быйылгы Тыйаатыр сылыгар Тымныы полюһугар — Өймөкөөн улууһугар Кыһыны сирэйдиир өссө биир бренд туризм кэскиллээх салаатыгар «күөх уоту» уматта!

Лена ХАРИТОНОВА,
Өймөкөөн улууһа,

Н. М. Заболоцкай аатынан орто оскуола иһинэн үлэлиир

«Чуурукта» эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын юнкора,

9 кылаас.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0