Киһини муус иһигэр тоҥоруохтара

12.02.2020
Бөлөххө киир:

Тапталлаахтар күннэригэр Дьокуускайга экстремал киһини муус иһигэр тоҥоруохтара. Улахан муус сүрэҕи уунан толорбуттарыгар, Олег Резанов ол иһигэр киирэн, умсан баран, 13 мүнүүтэ устата тыыммакка, тоҥмокко, тыыннаах ордон тахсан, рекорд олохтуохтаах.

Калининград олохтооҕо Олег Резанов бэйэтин “Повелитель холода”, «сверхчеловек» диэн ааттанар. Кини тымныыга 12 аан дойду рекордун оҥорбут. Ол иһигэр, 22 кыраадыс тымныыга мас дьааһыгы хаарынан көмтөрөн, онно киирэн сыгынньахтанан баран, 12 чаас 52 мүнүүтэ устата сыппыт.

Кини хаһан да ыалдьыбат, тымныыга тоҥмот, сыгынньах сылдьар, кыһын муустаах ууга сөтүөлүүр, тыынарын 5-6 мүнүүтэ тохтотору сатыыр. Кырдьары, өлүүнү утары охсуһар, уһата сатыыр. “Мин ыксаллаах кэмҥэ бэйэм тула сөптөөх кыраадыһы, баттааһыны сатаан оҥоробун, салгыны хойуннарабын. Тыыныыны тохтотор тиэхиньикэлэри билэбин. Иккитэ киһи өлөр усулуобуйатыгар мин тыыннаах хаалбытым. Билигин үһүстээн бэйэбин тургутан көрүөҕүм”, — диир эбит кини.

Олег Резанов былырыын Саха сиригэр кэлэ сылдьан, кулун тутар 23 күнүгэр 29 кыраадыс тымныыга 4100 миэтэрэ үрдүктэн парашютунан ыстаммыта. Онон 12-с рекордун олохтообута. Манна туох дьиктитэ баарый? Кини онно эмиэ сыгынньах этэ (бачыыҥкалаах уонна шортиктаах эрэ) уонна туоҕун да үлүппэтэҕэ.

Билигин кини Дьокуускайга кэлэн, аан дойдутааҕы уочараттаах рекордун оҥорорго бэлэмнэнэ сылдьар. «На льду великой реки Лены будет самая хайповая валентинка в мире!» диэн рекламалыыр. Бу курдук, Саха сирин тымныыта араас интэриэһинэй дьарыктаах, ураты дьону тарда турар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0