«Муус билиэниттэн билигин да босхолоно иликпит…»

Ааптар: 
05.11.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү күҥҥэ батсаапка сүрүн кэпсэтии Өлүөнэ Эбэҕэ паром хаайтарбытын тула барар.

edersaas.ru

«Кэпсэтии-Сэлэһии» бөлөххө паромҥа хаайтаран олорор эдэр киһи сотору-сотору видео уонна хаартыска ыытан балаһыанньаны билиһиннэрэ олороругар түбэһэн, суотабайыгар эрийэн, анаан кэпсэттим.

Сэһэргэһээччим аатын этиэн баҕарбата: «Чурапчыттан сылдьар биир тэрилтэ суоппарабын. Куоракка саппаас чаас, тутуу матырыйаалын ыла киирбитим. Паром өрүскэ хам тоҥон хаалыа дии санаабатаҕым. Бүгүн  муус билиэнигэр түбэспиппит үһүс күнэ. Наар «доширактан» уонна көннөрү килиэптэн салҕан бүттүбүт, атын аспыт суох. Уубутун паром үлэһиттэриттэн ылабыт. Туох уу эбитэ буолла? Кыра массыыналаахтар умулларан баран, биэрэккэ тахсыбыттара.

Онно таксистар бааллар үһү. Улахан уйуктаах көлөлөөхтөр олоробут. Мин «хоноһолордоннум». Биир дойдулаахтарым  — чурапчылар. Эмиэ тэрилтэ суоппардара. Массыыналара тоҥон, мин КАМАЗ-пар киирдилэр. Ити курдук, улахан массыыналаахтарга киирээччи үгүс. Биир кыһалҕаҕа түбэспит буолан, бэйэ-бэйэбитин өйөһө сатыыбыт. Аспытын паром хаассатыттан тиийэн ылабыт.

Босхо биэрэллэр. Уматыгы эмиэ босхо биэрэ сылдьыбыттара да, бүгүҥҥүттэн солярканы  50  солк. атыылаан эрэллэр. Дьоммутун кытта сибээстэһэ олоробут. Суотабайбытын массыынаҕа ииттэбит. Хата, батсаап баар буолан абырыыр. «Дьукаахтарбын» кытта онон саатанабыт. Онтон атын тулуйбакка иэдэйиэ эбиппит.

Паромтан биэрэккэ диэри 1 км. Төхтүргэ диэри ыраах дииллэр. Биһиги массыынабытын бырахпаппыт. Хаһан көмө кэлиэр диэри олорорго тиийэбит. Дьиҥэр алдьаммыт мууһу көннөрөн, понтуон-муостаны туруордахтарына, хайа баҕарар сүүрдэн тахсыа этибит. Бүгүн үһүс хонукпутугар билигин да муус билиэниттэн босхолоно иликпит«, диэн кэпсээтэ.

Паромҥа сүрүннээн эр дьон хаалбыттар. «Таҥаспыт чараас буолан, ыраата барар кыахпыт суох»,   диэччи үгүс эбит. Көлөтүн хаалларан барыан баҕарбат да баар. «Сотору кэминэн паромҥа хаайтаран олорор дьону муус билиэниттэн босхолууллар ини»,  диэн кыһалҕаҕа түбэспит дьон эрэнэ кэтэһэллэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа паромҥа хаайтаран олорор Александр түһэриитэ.

Видео: батсааптан.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0