Мутук, Баастыҥа, Куорбакы

Ааптар: 
05.11.2022
Бөлөххө киир:

Ахтыы кэпсээн.

От ыйын куйааhа сатыылаабыта. Бɵтүрүɵп күн кэнниттэн окко киирбиттэрэ.
Силиппиэнтэптэр Куорбакы диэн, Марха ɵрүс маанылаах хочотугар оттууллара.
Айталыын дьоно урут Отордообут диэн киэҥ, нэлэмэн сыhыы илин баhыгар, Малдьаҕардыыр суолтан чугас, Мутук диэн муокас ааттаах кɵлүкэ соҕуруу эҥээригэр сопхуостан сир ылан, бырыhыаҥҥа оттууллара.

Мутук, кыра күɵл диэтэххэ, түгэҕэ биллибэт дириҥ, ып-ыраас, дьэҥкир кылыгырас уулаах этэ. Атын күɵллэр курдук уhун хомус отунан буолбакка, кылгас ньаассын, уу отунан тулаланара. Онон ɵрүс элгээннэрин санатара. Сайын ньамаҕынан хаhан да бүрүллүбэт, эмис мундулаах, кыра эрээри бэрт минньигэс соболоох күɵл тулатыгар хоптолор, аҥырдар, боҕурҕаналар сайылыы кэлэллэрэ, бараах үɵрэ таптаан аараан ааhара. Сыл аайы умсаах оҕолорун киллэрэн, балаҕан ыйыгар кɵччɵҕүн кɵтүтэн Кытат сиригэр тɵннɵллɵрɵ. Бу дойдуга дэҥҥэ кэлэр оҕус үгүрүɵ (валдьшнеп) охсуллан ааhара. Лоокууттар, чɵкчɵҥɵлɵр сайылыыллара.

Мутук таhынааҕы быыкаа, иккиэйэх гаалаах сири Ксенофонтовтар ɵр гыммакка оттоон бүтэрэллэрэ. Бырыhыан отторо бэрт нэhиилэ тарбыйахтаах ынахтарын дьылы туораталларыгар тиийэр этэ.

1980-с сыллар саҥаларыгар Отордообукка “Сельхозмелиорация” киирэн, сыhыы ортотугар баар арыы тыалары солоон, хорутан, сопхуос бурдук ыhар буолаларын нэлэhиппитэ.
Ол быыhыгар оттуур ходуhа да сирдэриттэн лоскуй сирдэр бааhынаҕа кубулуйаллара. Биир дьыл Отордообукка уон түɵрт туруйа сайылаабыта. Туруйалар от ыйын ортотуттан бурдуктаах буолаҕа түhэн аhыыр буолбуттара.
Оннук, күhүн барыахтарыгар диэри, Отордообут буолатыгар сылдьыбыттара. Сыhыы ортотунан барар суол устун матасыыкыллаахтар, массыыналаахтар ааhар кэмнэригэр, хоноhон, хамсаабакка олороллоро. Тɵhɵ да суол кинилэртэн тэйиччинэн аастар, тыастан-уустан, дьонтон дьаархана тутталлара: сүүс миэтэрэ иһигэр дьону чугаһаппаттара.

Мутук аттынааҕы ходуhаларын сирин хорутан бааhына оҥорбуттарын кэннэ Ксенофонтовтарга Баастыҥа диэн, Отордообуттан бэрт чугас, ойуур ортотугар сытар, алаадьы курдук тɵгүрүк күɵл аттыгар икки гектаарга тиийэр-тиийбэт сири биэрбиттэрэ.
Онно аҕыйах сыл оттоон баран Василий Кириллович арыый кэҥэс ходуhа сирин кɵрдɵɵбүтүгэр, бɵhүɵлэктэн биир көстөөх Куорбакы киэҥ нэлэмэн ходуһатыттан сир анаабыттара.

Саҥа ходуһаларыгар “Иж-Юпитер-5” кэлээскэлээх матасыыкылынан сарсыарда кэлэн, күннүгүлүү тиритэ-хорута үлэлээн баран, киэhэ тɵннɵллɵрɵ. Ыттара Мухтаар матасыыкылы сырсан, ходуhаҕа барсара. Күн аайы иккилии кɵhү сүүрэрэ. Матасыыкыл үhүс ускуораhынан да истэҕинэ хаалбат, букатын сылайбат сындааhыннааҕа. Суолун аҕыйах хонук иhигэр билэн, аны, курдары түhүтэлээн, лаппа быhалыырга үɵрэммитэ. “Бу ɵйүн-мэйиитин кɵр эрэ!” — Мухтаары иччилэрэ хайгыыллара. Лаайкалара сайын устата тɵлɵhүйбүтэ, улааппыта. Киhи аҕыйах ыйдаах ыт оҕото дии санаабат гына торолуйбута. Ходуhаҕа барсан баран, таах сыппат этэ, кэриигэ тииҥи, моҕотойу үрэрэ.
Мухтаар кэлин улахан булчут ыт буолбута.
Оттон Куорбакыга оттообут кэрэ кэмнэрин Силипиэнтэптэр бары сылааһынан иэйэ ахталлар.

Максим Ксенофонтов.

Хаартыска: oir.mobi

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0