Мусукаалынай ускуустуба устуоруйата уонна “туймаадалар”

18.04.2022
Бөлөххө киир:

“Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл САССР тэриллибитэ 100 сылынан бэйэтин көрөөччүлэригэр “Сахам сирэ барахсан” кэнсиэри бэлэх уунна. Муус устар 3 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар буолбут кэнсиэр киэҥ репертуардаах, дириҥ ис хоһоонноох уонна ураты толоруулаах буолла. Быһата, кэнсиэри көрө олорон, саха ускуустубатын устуоруйатын сиһилии билсэҕин. Ону тэҥэ саха ырыата сайдарыгар олохторун анаабыт талаан­наах композитордар айан хаалларбыт ырыаларын үйэтитэр дьылҕалаах “Туймаада” ансаамбыллаахпытынан киэн тутта олороҕун.

edersaas.ru


Ол курдук, кэнсиэргэ Саха сиригэр мусукаалынай үөрэх төрүтүн оҥорсубут уонна Саха сирин мусукаалынай ускуустубута сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит композитордар талыллыбыт айымньылара ылланнылар. Ону сэргэ,  саха ырыатын жанра сайдарыгар быһаарар оруолу ылбыт биллиилээх мелодистар ырыалара толорулуннулар. Саха биллиилээх бэйиэттэрэ Күннүк Уурастыырап, Сэмэн Данилов, Михаил Тимофеев, Савва Тарасов, Леонид Попов, Тимофей Сметанин уо.д.а. уран поэзиялара бэртээхэй вокальнай айымньылары айарга көҕүлээбитэ.
«Туймаада» вокальнай ан­­саамбыл кинилэр баай ис хоһоон­ноох айымньыларыгар тирэҕирэн, 35 сыл тухары элбэх куолаһынан толоруллар ырыа жанрын сайыннаран кэллэ. Ол барыта бу кэнсиэргэ илэ-бааччы көһүннэ.
Саха композитордарын оскуолата үөскүүрүгэр улахан оруолу Марк Жирков ылбыта. “Туймаадалар” Марк Жирков вокальнай айымньыларын аркыас­тыр доҕуһуола суох толордулар.
1960-с сыллартан идэлээх мусукаалынай үөрэхтээһин сайдыытыгар биллэр кылааты Саха сиригэр Арассыыйа киин сирдэриттэн ыҥырыллыбыт үрдүк таһымнаах мусукааннар: Грант Григорян, Герман Комраков, Николай Берестов киллэрсибиттэрэ.
Москватааҕы консерваторияны бүтэрбит, саха композитордарын оскуолатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Грант Григорян саха бастакы композитордарын уонна мелодистарын иитэн таһаарбыта. Кини араас жанрга 200-тэн тахса айымньыны айбыта. Олор ортолоругар «Лоокуут уонна Ньургуhун» опера, «Хотугу сибэкки» оперетта уо.д.а. инструментальнай айымньылар бааллар. Грант Григорян үгүс сыллар устата саха фольклорун култууратын үөрэтэн, саха ырыатын национальнай колоритын этинэн-хаанынан билбитэ. Кини үтүөкэннээх мусукаалынай айымньылара “Сахам сирэ барахсан” диэн икки туомнаах ааптарыскай хомуурунньукка киирбиттэрэ.
Грант Григорян талаан­наах үөрэнээччилэриттэн биирдэс­тэринэн Захар Винокуров буолар. Кини – 50-тан тахса ырыа уонна «Дьол-үөрүү ырыалара», «Кыталыктар кырдаллара» нуоталаах хомуурунньуктар ааптардара. Захар Винокуров бэйэтин кылгас олоҕор киэҥник тарҕаммыт аҕыйаҕа суох айымньыны суруйбута. Биллиилээх вокалистар “Эҕэрдэ ырыата”, “Лена биэрэгэр”, “Эйэ ырыата” уо.д.а. ырыаларын толорбуттара. Бу кэнсиэргэ ансаамбыл эр дьоно “Долгунча” ырыаны эмиэ бэрт сонуннук толордо, көрөөччүлэр куттарын уһугуннарда. Оттон “Хоптолор” ырыаны кэрэ ­аҥаардар толорууларыгар филармония аркыастырын артыыската Анастасия Слепцова флейтаҕа оонньоон, дьиктилээхэй мусукаалынай композиция буолан таҕыста.
Композитор Николай Берестов мусукаалынай училищеҕа теория уонна композиция кылааһыгар преподавателлыы сылдьан,  өр сыллар усталарыгар саха норуодунай ырыаларын толоруу уратытын уонна национальнай охсор үнүстүрүмүөннэр иһиллиилэрин үөрэппитэ. Онон, хуорга, аркыастырга уонна биирдиилээн толорооччуларга аҕы­йаҕа суох айымньыны суруйбута.


1960-70-с сылларга Горькай куораттан кэлбит үрдүк таһымнаах мусукаан Герман Комраков Саха сиринээҕи мусукаалынай училищеҕа үлэлээбитэ. Кини саха мусукаалынай ускуустубатын араас жанрыгар баай нэһилиэстибэни хаалларбыта. Бэйиэт Михаил Тимофеевы кытары айбыт айымньыларыгар тыл сүмэтин, кини нарын лиирикэтин чугастык ылыммыта. Холобур, «Күнү олус таптыыбын», «Күһүҥҥү ырыа», «Мин айаас атым» ырыалара хайа саха киһитин дууһатын кылын таарыйбат буолуохтарай? Бу күн ан­­саамбыл кэрэ аҥаардара Николай Берестов “Сайылык түптэтэ” ырыатын толордулар. Герман Комраков  “Туруйалар” ырыатын кэнниттэн өр кэмнээх иһийии кэнниттэн ытыс тыаһа хабылла түстэ.
Саха бастакы идэлээх композитора Захар Степанов Саха сирин композитордарын со­­йууһун өр сылларга салайан, саха ускуустубата уонна композитордар оскуолалара салгыы сайдалларыгар кырата суох сыратын биэрбитэ. Кини вокальнай, камернай-инструментальнай жанрдарга уонна “Биһик ырыата”, “Сээркээн сэһэн остуоруйалара” курдук бөдөҥ операларга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
“Туймаада” ансаамбыл саха талааннаах композитордарыттан биирдэстэрэ, саха Өрөгөйүн  ырыатын ааптара Кирилл Герасимовы кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Кини вокальнай айымньылара ансаамбыл репертуарын байыталлар. Галина Кривошапко аатынан Саха сирин филармониятын симфоническай аркыастырын доҕуһуолунан (дирижер Максим Ноговицын) кыргыттар Кирилл Герасимов  “Түүҥҥү хаар” ырыатын иһитиннэрдилэр. К.Герасимов “Сардаана сибэкки” диэн өссө биир ырыатын СӨ култууратын туйгуна Николай Роббек иһирэхтик тириэртэ. СӨ үтүөлээх артыыһа Эдуард Баланов модун куолаһын Захар Степанов “Бу Лена” ырыатыгар долгуйа иһиттибит.
САССР 100 сылын бырааһынньыктааһын сылынан мелодистар саха классикатынан билиниллибит ырыалара ылланна. Ансаамбыл солистката Мария Максимова Христофор Максимов “Таммахтар” ырыатын кылыгырас куолаһынан ыллаан астыннарда. Киэҥ биһирэбили, норуот тапталын ылбыт Христофор Максимов, Валерий Ноев, Анастасия Варламова, Виталий Андросов, Аркадий Алексеев, Алексей Егоров курдук ааптардар ырыалара бу күн ылламмакка хаалыа суохтаахтара. Ол курдук, Валерий Ноев «Быраhаай, күөх сайын барахсан», «Кыыс Амма», Виталий Андросов “Сибэккилэр түһүүллэр” (ан­­саамбыл артыыһа Антон Абрамов), Аркадий Алексеев “Күһүҥҥү серенада” (СӨ үтүөлээх артыыстара Саргылаана Бугулова, Лина Акимова, Аида Иванова, Светлана Лаврова), Анастасия Варламова «Аҕам ­алааhа», Алексей Егоров «Дайдар дабайан», Аркадий Алексеев «Таммахтар» ырыалара бу күн эмиэ олус уратытык иһилиннилэр.
Ансаамбыл симфоническай аркыастыр доҕуһуолунан элбэх вокальнай ырыаны толордо: Герман Комраков «Үчүгэйиэн, сааскы киэhээ», Грант Григорян «Сахам сирэ барахсан», Алексей Егоров «Мин дойдум» уо.д.а.
“Туймаадалар” академическай кэнсиэртэрин Галина Кривошапко аатынан симфоническай аркыастыр (дирижер Максим Ноговицын) күүһүрдэн биэрдэ. Сорох ырыалары эмиэ аркыастыр биирдиилээн артыыстара доҕуһуоллаан, ырыа хас биирдии матыыба көрөөччүгэ тиийэригэр күүс-көмө буоллулар. Ол курдук, рояльга Артем Дедюкин, скрипкэҕэ – Максим Аммосов, виолончельга – Светлана Тютрина, флейтаҕа Анастасия Слепцова, охсор-тэбэр үнүстүрүмүөҥҥэ Сергей Яровенко оонньоотулар.
Дьэ, кырдьык да, Сахабыт сирин уонна сүүс сыл­лаах үбүлүөйдээх сылы уруйдуур-айхаллыыр ырыалар “Туймаада” ансаамбыл толоруутугар толору толоруллан, түмүккэ дьон-сэргэ Саха сирин бы­­лааҕын күөрэччи көтөҕөн, артыыс­тары өргө диэри уруйдуу-айхаллыы хааллылар.
Арассыыйаҕа элбэх куолаһынан ыллыыр, саҥаттан саҥаны көрдүүр уонна үрдүк таһымнаахтык толорор ансаамбыллар элбэх буоллахтарына, Саха сиригэр «Туймаада» ансаамбыл элбэх куолаһынан ыллыыр. Саха норуотун патриота, муусукаҕа бэриниилээх Светлана Павловна Иванова  олоҕун, айылҕаттан айдарыллыбыт талаанын барытын бу жанры сайыннарарга анаан, саха ыччатын профессиональнай толоруу үрдүк таһымыгар таһаарда. Светлана Павловнанан киэн туттуох, саха муусукатын өссө үрдүк таһымҥа таһаарбытыгар махтаныах эрэ кэриҥнээхпит.

ххх

«Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл бу бырайыагын ааптара – уус-уран салайааччы, кылаа­бынай хормейстер, СӨ ускуус­тубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Светлана Иванова.
Репетитор-хормейстердар: СӨ үтүөлээх артыыската Аида Иванова уонна СӨ култууратын туйгуна Николай Роббек, кылаабынай звукорежиссер СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Гаврил Захаров, звукооператор Николай Седельников.
Галина Кривошапко аатынан филармония симфоничес­кай аркыастырын уус-­уран салайааччыта, СӨ ускуус­тубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Наталья Базалева, дирижер Максим Ноговицын, филармония звукорежиссера СӨ култууратын туйгуна Евгений Тазетдинов.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» ха7ыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0